Кулун тутар 14 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин оҕо сайдар киинэ “Туллукчаан” уһуйаан баазатыгар “Радужный БУМЕРАНГ” диэн уһуйааччыларга уонна иитээччилэргэ аналлаах улуустааҕы сэминээр үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Уопсайа холбоон 36 араас нэһилиэктэр уһуйааччылара, иитээччилэрэ кэлэн кыттыыны ылан бардылар.
“Туллукчаан” уһуйааҥҥа өр сыл устата оҕо иитиитигэр үтүө суобастаахтык үлэлээн–хамсаан, дириҥ суолу- ииһи хаалларбыт, улуус киэн туттар настаабынньык–педагогтара: Наталья Андреевна Макарова, Прасковья Васильевна Сивцева, Ирина Дмитриевна Захарова үлэлэрин уопутуттан киэҥ эйгэҕэ тарҕатан, маастар-кылаастары ыытан көрдөрдүлэр.
Сэминээр саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри аныгылыы хайысханы тутуһан бэрт сэргэхтик ыытылынна. Ол курдук иитээччи Наталья Андреевна Макарова “Радужный БУМЕРАНГ” бэйэтин бырайыагын кэпсээн саҕалаата, түмүгэр “Пицца ресурсов” ньыманы туһанан эдэр педагогтарга сонун маастар–кылааһы ыытта.
Үлэ бэтэрээнэ, элбэх оҕо кутун туппут Кима Егоровна Теплоухова уһуйуллааччыта, эдэр сэргэх, аныгылыы көрүүлэрдээх иитээччи Оксана Егоровна Кожурова “Фирма креативных идей” диэн аһаҕас дьарыгын ыытан эдэр үлэһиттэр биһирэбиллэрин ылла.
Эдэр педагог үлэтин сыаналанарыгар, биир идэлээхтэриниин тэҥнээн көрөрүгэр сонун ньыманан “Паутинка” көрүҥэ буолар. Бу ньыманы улууска бастакы үрдүк үөрэхтээх методист Марфа Егоровна Дьячковская уонна уһуйаан сүрүннүүр иитээччитэ Светлана Иннокентьевна Попова ыытан, дьарыгы анаализтаан, эдэр иитээччилэргэ быһааран, сүбэлээн биэрдилэр.
“Туллукчаан” уһуйаан биир киэн туттар, тарбахха баттанар, үгүс сонун идеялардаах бэтэрээн иитээччитэ Прасковья Васильевна Сивцева бэйэтин илиитин талаанын, дьоҕурун туһанан, саҥа хайысханы киллэрэн кырачааннарга анаан “Театрально-кукольная студия 3+” үлэтин уһуйааччыларынаан Анна Флегонтовалыын, Василина Романовалыын көрдөрдө. Кинилэр ыыппыт тэттик дьарыктара, маастар–кылаастара кэлбит ыалдьыттары улаханнык сөхтөрдө.
“Туллукчаан” уһуйааҥҥа уһун сылларга иитээччи тупсаҕай көстүүлээх, үлэлииригэр табыгастаах, сахалыы моһуоннаах, үлэҕэ аналлаах таҥаһын кэтии буолар. Бу күн уһуйаан иитээччилэрэ, көлүөнэлэр таҥастарын кэтэн, хааман көрдөрүүлэрэ биир ураты көстүүнэн буолла. Моделлар ааптардарынан Ирина Захарова, Ольга Дьячковская ааттыыбыт.
Чурапчы улууһугар өр сылларга оҕо иитиитигэр үлэлиир, соҕотох этно-педагог настаабынньык Ирина Дмитриевна Захарова уһуйуллааччытынаан педагог-психолог Виктория Поликарповна Саввиновалыын “Этно-гостиная” сылаас эйгэтигэр сиэтэн киллэрэн иилии куустулар.
Сэминээр, “Наставничество – это цветок, который расцветает, когда мы делимся своими знаниями с другими” диэн биллиллээх ученай Ричард Фишер бэргэн этиитинэн түмүктэннэ.
Сэмэн Жендринскэй