Чурапчы талааннаах ыала — Новгородовтар

2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллибитэ. Бу сылы аһар бастакы улахан тэрээһининэн Москваҕа ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы «Родные — Любимые» форум буолла. Бу улахан дьаһал норуоттар икки ардыларынааҕы «Россия» быыстапка-форум былаһааккатыгар тэрилиннэ.

Дойдубут 89 регионуттан холобур буолар дьиэ кэргэттэр кытыннылар: үлэ династиялара, эдэр ыаллар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр уонна иитиэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр, ону тэҥэ Арассыыйа Дьоруойдарын дьиэ кэргэттэрэ.

Саха сирин аатыттан Хоптоҕо нэһилиэгэр олорор Новгородовтар Дьиэ кэргэн династияларын куонкуруһугар ситиһиилээхтик, дьоһуннук кыттан, «Семейный талант» анал аат кыайыылаахтарынан тахсан, дьиэ кэргэнинэн ыраах айаҥҥа барарга сэртипикээтинэн наҕараадаланнылар.

Айаал, Валентина Новгородовтар култуура училищетыгар хореограф үөрэҕин бүтэриэхтэриттэн, номнуо 28 сыл Дириҥнээҕи оҕо ускуустуба оскуолатыгар бэриниилээхтик уонна таһаарыылаахтык үлэлээн кэллилэр. Айаал Прокопьевич –15-с сылын дириэктэринэн, кэргэнэ Валентина Ревовна – үҥкүү кылааһын преподавателинэн.

«Бу улахан форумҥа биһиги дьиэ кэргэн 12 буолан кытынныбыт. Сэттэ оҕобутун, икки сиэммитин, күтүөппүтүн уонна эбэбитин Валентина Егоровнаны кытта кэргэмминээн сырыттыбыт. Оҕолорбутун билиһиннэрдэххэ, улахан кыыспыт Алина Дьокуускайга «Байанай+» маҕаһыыҥҥа буҕаалтырдыыр. Улахан уолбут Мартьян кууһунан атыылыыр ыскылаакка үлэлиир. Оттон орто кыыспыт Сайаана социальнай үлэһит буолбута. Билигин ыал буолан, икки кырачаан сиэннээхпит. Игирэ кыргыттарбыт тохсус кылаас кэнниттэн, колледжка туттарсан киирбиттэрэ. Марианна программист, Дарьяна полиция идэтигэр үөрэнэ сылдьаллар. Кыра уолаттарбыт Ариан, Рева – Дириҥ орто оскуолатын 6-с, 5-c кылаас үөрэнээччилэрэ буолаллар. Оҕолорбут бары мусукаалынай оскуолаҕа үөрэммиттэрэ», — диэн элбэх оҕолоох ыал аҕата дьиэ кэргэнин туһунан билиһиннэрдэ.

— Айаал Прокопьевич, Арассыыйа таһымнаах форумҥа кытта бараргытын хайдах билбиккитий?
— Саҥа дьыл өрөбүллэригэр СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтиттэн эрийэн: “Чурапчы улууһун аатыттан куонкуруска кыттыҥ, хамыыһыйа быһаарыытынан биир дьиэ кэргэн улахан тэрээһиҥҥэ кыттар”, — диэбиттэрэ. Москва куоракка буоларын эппэтэхтэрэ, ол иһин Дьокуускайга буолар диэн санаабыппыт. Онтон хас да хонугунан иккистээн эрийэн “Саха сирин аатыттан бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа кытта барар буоллугут” диэн соһутан, ууга-уокка түһэрбиттэрэ, олус долгуйбуппут. Инньэ гынан, Саҥа дьыл бырааһынньыгын өрөбүллэрэ бу улахан дьаһалга бэлэмнэнииттэн, таҥаспытын-саппытын тигииттэн саҕаламмыта. Видеороликтары, хаартыскалары көрдөөбүттэрин тута оҥорон ыыталаабыппыт. Форумҥа кыттар, кэлэр-барар айаммыт, гостиницаҕа түһэр, аһылыкпыт ороскуотун Үлэ министиэристибэтэ уйуммута. Көстүүмнэрбитин улуус дьаһалтатын көмөтүнэн “Дьүөгэ” иистэнэр сыах тикпитэ.

— Улахан тэрээһиҥҥэ кыттыбыккыт туһунан сэһэргээ эрэ.
— Дьиэ кэргэттэргэ аналлаах тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта ВДНХ-ҕа тохсунньу 19 күнүгэр буолбута. Тиийээппитин кытта, тэрийээччилэр хас биирдии кыттааччыга бырагырааманы сиһилии билиһиннэрбиттэрэ, ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ.

Бу улахан киэҥ далааһыннаах форумҥа ВДНХ павильоннарынан дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах элбэх туһалаах, олус интэриэһинэй дьаһаллар тэриллэн ыытыллыбыттара. Лиэксийэлэргэ Арассыыйа бастыҥ үлэ династиялара: биллибит быраастар, космонавтар, спортсменнар кытыннылар. Кинилэр бэйэлэрин төрүттэрин, удьуордарын туһунан кэпсээбиттэрин сэҥээрэн иһиттибит. Улуу династиялартан төрүттээх дьон, бэйэбит курдук, күннээҕи олохторугар эмиэ араас кыһалҕалары көрсөллөр эбит. Маастар-кылаастарга, оҕоттон саҕалаан, улахан дьоҥҥо тиийэ хабан, ураты оҥоһуктары оҥорорго, маны сэргэ үҥкүүлүүргэ, ыллыырга үөрэттилэр.

Биһиги Дьиэ кэргэн династияларын куонкуруһугар кытынныбыт. Нүөмэрбитигэр фольклор хайысхатын талбыппыт. Алгыс, саламаны ыйааһын сиэрин-туомун, оһуохай үҥкүүтүн көрдөрдүбүт. Ийэбит оһуохайы аан бастакытын таһаарда. Ону тэҥэ улахан кыыспытынаан хомустаатылар. Форум кыттыылаахтара сөҕөн, сэргээн көрдүлэр-иһиттилэр.

Арассыыйа регионнарыттан холобур буолар дьиэ кэргэттэр, династиялар талыллан, күүскэ бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Бэйэлэрин норуоттарын национальнай таҥаһын кэппиттэрэ — ураты көстүү. Кырдьык да, дойдубутугар араас омук олороро, бары биир сомоҕо буоларбыт бэлиэтэ.

Маннык киэптээх форумнар дьиэ кэргэни түмэллэр. Манна кыттаары, оҕолор, эбэлэр эһэлэр, күтүөттэр кыһамньыбытын,сырабытын ууран кытынныбыт. Итини таһынан маннык тэрээһин атын регионнар олохтоохторун кытта билсэргэ-көрсөргө кыахтары үөскэтэр. Манна кыттыбыппытын туоһулуур сэртипикээттэри туттарбыттарын кэнниттэн, арай «Кыттыбыт дьиэ кэргэттэр атын региоҥҥа күүлэйдиир путевканы тутаҕыт» диэн иһитиннэрбиттэрин аан бастаан өйдөөбөтүбүт. Онтукабыт дьиэ кэргэннэри кытта билсэн, доҕордоһон, бэйэ-бэйэбитигэр ыалдьыттаһарга, уопут атастаһарга анаан, сөптөөх эйгэ тэриллибитин бэлиэтээбиттэр эбит.

— Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээх аһыллыытыгар Дойду бэрэсидьиэнин Владимир Путины көрсөн хайдах турукка киирдигит?
— Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын аһыллыытыгар Дойдубут бэрэсидьиэнин Владимир Путины, ыраахтан да буоллар, илэ харахпытынан көрөн олус үөрдүбүт, долгуйдубут, олохпутугар умнуллубат түгэн буолла. Бэрэсидьиэн Арассыыйа норуота дьиэ кэргэни өйүөхтээҕин, кинилэргэ күүс-көмө буолуохтааҕын туһунан тус этиитигэр бэлиэтээбитин биһирээтибит. 2024 сылга дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах элбэх дьаһалы таһаарбыт. Социальнай боппуруостарга эбии көмөлөр былааннаналлар эбит. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн – Дойду, өрөспүүбүлүкэ сайдыыта. Ону өйдөөн, билигин да үчүгэй өйөбүллэр көрүллэллэр. Биһиги элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн быһыытынан Судаарыстыбаннай ийэ хапытаалын туһаммыппыт, Дьокуускайга кыбартыыра ылбыппыт.

Маны таһынан тэлэбиисэринэн эрэ көрөр артыыстарбытын Лариса Долинаны, Денис Майдановы, Родион Газмановы, “Домисольки” бөлөҕү тыыннаах толорууларын истэн астынныбыт. Кэнсиэр бырагыраамата патриоттуу тыыннаах буолла. Кэргэмминээн култуура эйгэтин үлэһиттэрэ буолан туран, туһааннаах миниистирбитин Ольга Любимованы кытта кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн дьоллоннубут.

— Эһиги дьиэ кэргэҥҥэ форум оруола?
— Биһиги дьиэ кэргэн сайдарыгар, үүнэригэр туһалаах форум буолла. Элбэх умнуллубат сырдык түгэннэри, саҥа билсиилэри бэлэхтээтэ. Бүттүүн дьиэ кэргэнинэн Арассыыйа тэбэр сүрэҕэр сылдьан, Кыһыл болуоссакка хаартыскаҕа түһүү да бэйэтэ умнуллубат өйдөбүл буоллаҕа. Маннык улахан түһүлгэҕэ Саха сирин аатыттан кыттар чиэскэ тиксибиппитинэн киэн туттабыт. Бу – бочуот, эппиэтинэс, куруук холобур буоларга дьулуһуу. Түгэнинэн туһанан, СӨ үлэҕэ министиэристибэтигэр, улуус дьаһалтатыгар, көмөлөспүт дьоммутугар-сэргэбитигэр махтанабыт.

— Дьиэ кэргэнинэн туох үтүө үгэстээххитий?
— Тыа сиригэр олорор саха ыалын сиэринэн сылгы иитэбит. Сайын оҕолуун-уруулуун оттуубут. Эбэбит Валентина Егоровна хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар, нэһилиэк, улуус ыытар араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар. Маны таһынан, Саҥа дьыл, Ыһыах бырааһынньыктарыгар, Кыайыы күнүгэр тиэргэммитин киэргэтэр үгэстээхпит.

— Кэпсээҥҥит иһин махтанабын. Эһиги дьиэ кэргэҥҥэ өссө үрдүк ситиһиилэри, үүнүүнү-сайдыыны баҕарабын, дьоһун олоххутунан бар дьоҥҥутугар мэлдьи холобур буола туруҥ!

Марфа Петрова.