Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи Сылгыһыттар күрэхтэрэ VIII-с төгүлүн Үөһээ Дьааҥы улууһун Баатаҕайыгар, Олоҥхо ыһыаҕа тэриллибит Хоптолоох сиригэр ыытылынна.
Былырыын бу маннык улахан тэрээһин Амма улууһугар буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров иһитиннэрбитинэн, Үөһээ Дьааҥыга ыытыллар Сылгыһыттар күрэхтэригэр 13 хамаанда кытынна. Ол курдук Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Ньурба, Чурапчы, Эбээн Бытантай, Хаҥалас уонна Үөһээ Дьааҥы улуустарын сылгыһыттара суолталаах тэрээһиҥҥэ күрэхтэстилэр.
Үөһээ Дьааҥыга Чурапчыбыт улууһун сылгыһыттара Герасим Чехордун, Иван Наумов, Николай Макарцов, Лев Прокопьев (хамаанда хапытаана) тиийэн кытыннылар. Дэлэгээссийэ састаабыгар элбэхтэр. Үс күннээх уһун айаны сылгылар этэҥҥэ тулуйдулар.
Бэҕэһээ, муус устар 5 күнүгэр СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин көһө сылдьар кэллиэгийэтэ ыытыллыбыттар. Онтон бүгүн, муус устар 6 күнүгэр Сылгыһыт күрэҕэ буолан түмүктэннэ. Манна үгэс буолбут 1600 миэтэрэ уһуҥҥа ат сүүрдүүтэ, онтон үөрдээн иитиигэ анаммыт соноҕос атыы-быыстапката тэрилиннэ.
Бу тэрээһиҥҥэ анаан Үөһээ Дьааҥы улууһун “Баачаан” уонна “Арыылаах” сылгыны үөрдээн иитии хаһаайыстыбалара 2-тэн 5-гэр диэри 21 соноҕоһу быыстапкаҕа туруордулар.
— Арктическай улууска аан бастаан ыытыллар суолталаах тэрээһин сылгыны үөрдээн иитии боппуруостарыгар сыһыаннаан уопут атастаһыытын быһыытынан ыытылынна. Манна идэтийбит сылгыһыттары, учуонайдары кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр, эдэр сылгыһыттар бэрт үгүһү биллилэр, иһиттилэр, — диэн миниистир бэлиэтээтэ.
Уопсай түмүккэ Чурапчы улууһун (икки хамаанданы илдьэ барбыта) Хоптоҕо нэһилиэгин хамаандата бочуоттаах 3-с миэстэни ылан “БУРАН” тиэхэньикэнэн наҕаарадаланна. Иккис миэстэ буолбут Мэҥэ Хаҥалас улууһун хамаандата “УАЗ-фермер” массыына оттон бастаабыт Амма улууһун хамаандата “Беларусь” МТЗ тыраахтыр күлүүһүн туттулар. Манна Одьулуун нэһилиэгин хамаандата 4-с миэстэ буолары ситистэ.
“Биһиги улууспут сылгыһыттара сылтан сыл аайы маннык улахан күрэхтэһиилэргэ бэйэлэрин ситиһиилэринэн үөрдэллэр. Ыарахан үлэҕэ сылдьар дьоммутугар бэйэбит управлениебыт өттүттэн төһө кыалларынан күүс-көмө, өйөбүл буола сатыыбыт. Тулуурдаар, дьаныардаах, тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр дьаныһан туран сыспай сиэллээхпитин тэнитиигэ күүскэ үлэлэһэ сылдьар эр дьоммутун өссө төгүл кыайыыларынан, ситиһиилэринэн тус бэйэм, улууспут тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын кэлэктиибин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин”, — диэн улуус баһылыгын Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Анжелика Неустроева эттэ.
Сэмэн Жендринскэй