Сахалар былыр былыргыттан дьөһөгөй оҕотун миинэр миҥэ, көлүнэр көлө оҥостон уонна ыһыахтарга сүүрдэн күрэхтэһэллэрэ… Ыһыах саамай кэрэ түгэннэриттэн биирдэстэрэ — ат сүүрдүүтэ буолара. Ат сүүрдүүтэ сахалар сөбүлүүр дьарыктара, кэрэхсэнэр төрүт оонньуубут билиҥҥи кэмҥэ дылы сайдан, өссө элбэх сүгүрүйээччилэрдэнэн иһэрэ киһини үөрдэр. Кырдьык даҕаны, ат сүүрдүүтэ киһи сүһүөҕүн хамсатар, сүрэҕин эппэҥнэтэр оонньуута буолар. Ыһыахчыттар ат сүүрдүүтэ буоларын күүтэн ипподромҥа чаас инниттэн кэлэн миэстэ булан олороллор, ким хойутаан кэлбит туран эрэ көрөр.
Биһиги улууспутугар ат сүүрдүүтүн энтузиаст-тириэньэрдэрэ, саха дьоно былыргыттан умсугуйар оонньуутун сайыннарыыга бэйэлэрин үгүс кылааттарын киллэрэллэр. Буруолуу сылдьан сонун диэн кэпсээтэххэ, Чурапчы улууһугар ат сүүрүүтүн бэдэрээссийэтэ саҥа сылгыны атыыласта. Бары өйдүүргүт буолуо, сайын ыытыллыбыт СӨ Ил Дарханын кубогар Болотоков Кинээс диэн сылгыбыт иккис миэстэ буолан, 1 мөл 250 тыһ суумманан наҕараадаламмыта. Ол харчынан, Чурапчытааҕы ат успуордун бэдэрээссийэтин тириэньэрэ Дмитрий Семенович Осипов бэйэтэ айаннаан тиийэн, талан, нэдиэлэ кэриҥэ сылдьан көрөн-истэн Сэр Томас диэн аты олуһун сөбүлээн атыыласта.
Сылгы туһунан сиһилии билиһиннэрдэ — үс саастаах, түөртэ сүүрүүлээх (старт), бүгүн оруобуна 20 чыыһылаҕа, Ростов куорат ипподромугар бэсиһин сүүрээри сылдьар, манна кини Чурапчы улууһун бэдэрээссийэтин аатыттан кыттыаҕа. Сотору кэминэн Чурапчы сиригэр-уотугар аҕалар туһунан боппуруос турар, салгыы манна кэлэн дьарыктанан, улууспут чиэһин эрэллээхтик көмүскүөҕэ диэн эрэнэбит.
Сэмэн Жендринскэй