Чурапчы олохтооҕо Алексей Попов: “Киһи итиннэ уһуннук толкуйдуура суох…”

Уол оҕо буолан төрөөн, бары даҕаны летчик, космонавт буола улаатар баҕа санаалаах этибит. Үгүспүтүгэр ол баҕабыт ыра санаа буолан көй салгыҥҥа көтөн, симэлийэн хааллаҕа. Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээх Алексей Иннокентьевич Поповка, олоҕун инники суола ити ыратыттан ыраах хаамтарбатаҕа. Оскуола кэнниттэн Чурапчы оройуонун сэмэй уола, ыраах Калининград куоракка байыаннай авиационнай техническэй училищены ситиһиилээхтик үөрэнэн түмүктүүр. Авиацияҕа техник быһыытынан үлэлээбит 20 сыла: Киргизияҕа, Казахстаҥҥа, Монголияҕа, Латвияҕа ааспыта. Үс оҕо амарах аҕата, элбэх сиэн тапталлаах эһэтэ Алексей Иннокентьевич билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Төһө даҕаны дьиэҕэ олорбутун иһин, биһиги тус көрүүбүтүгэр, сайыннары муус уутун иһэн олорор дьоҥҥо, булууска киирэр-тахсар лифт оҥорбута ордук кэрэхсэбиллээх.

“Лифт үлэлиир мотуора электрическэй “Тайм” диэн собуот оҥоһуута (бэйэ оҥоһуута сэрэхтээх, оттон бэлэм мотуор анал сертификаттаах), 400 киилэ уйуктаах, маҕаһыыҥҥа атыыланар, мин өрдөөҕүтэ 12 тыһыынчаҕа атыыласпытым. Лифт бэйэтин тутула тимир угольниктарынан (кээмэйин бэйэн көрөҥҥүн) сыбааркалаан оҥоһуллар. Бэйэҥ үрдүккүн, булууһун дириҥин суоттаныллар. Холобура 400 киилэ кыамталаах диэн баран толору муус хаалаан түһэрэр, таһаарар сатаммат. Тоҕо диир эбит буоллахха ол 400 киилэҕэ киирэр: лифт бэйэтин ыйааһына 100 киилэ, бэйэҥ ыйааһынын эмиэ сүүсчэ киилэ, оччотугар туһалааҕа 200 киилэ хаалар. Оттон ити эрбээн аҕалар мууспут ортотунан 20 киилэ. Инньэ гынан муҥутаабыта 10-ча мууһу ууран түһэрэҕин эбэтэр таһаараҕын.

Онон ноҕоруускалыыр сатаммат. “Уоту төһө сиирий?” диэн ыйытыыга, улахан ороскуоттаах дии санаабаппын, улахан дьиэ кэргэннээх дьон нэдиэлэҕэ элбээбитэ иккитэ киирэн тахсыахтара. Мин бу эргэ булуустаах дьиэни оҥостубут буоламмын барыта санаа хоту буолбатаҕа, холобура саҥа дьиэлээх, саҥаттан булуус оҥостор киһи төһө баҕарар тупсаҕайдык, табыгастаахтык оҥостуон сөп. Лифт түһүүтүгэр салайан биэрэр (направляющий) түөрт устуука угольник түһэрэн олордон кэбиһэҕин, ити угольник биллэн туран лифт сүрүн тутулуттан кэтит буолар. Лифкэ электрическэй лаампа холбообутум, онон хараҥаҕа булумахтаммат курдук уоттаах киирэҕин. Аллара түһүүгэ сүрүн ирдэбил уот ситимин (кабель канал) уһатыытыгар сытар. Мотуор кэмпилиэгэр түһэрэр-таһаарар пультаах, туох эмэ буолар түгэнигэр тохтотор аварийнай кунуопкалаах. Бэйэҥ көрөҥҥүн тиһэҕэр диэри түһэримиэххин сөп. Онон көрбүтүн да курдук булууска лифт оҥоһуута улахан уустуга суох”, — диэн Алексей Иннокентьевич сүрдээх үчүгэйдик, өйдөнүмтүө гынан быһааран биэрэр.

— “Алексей Иннокентьевич, Чурапчыга аан бастакынан чааһынай дьиэҕэ благоустройстваны киллэрбит киһи буолар” диэн дьон кэпсиир, ол чахчы дуо?

— Оннук. Благоустройства диэн буолбакка барыта автоматика. Билигин дьон традиционнай бэлэм схеманан, матырыйаалларынан оҥостоллор, мин буоллаҕына барытын бэйэм оҥорбутум. Холобура бу дьиэҕэ киириигэ баах турар, кыһынын таһырдьаттан икки буочукаҕа уу куттаран насоһунан тута манна бырахтаран биэрэбин. Бу баахтан эмиэ насос көмөтүнэн оһоххо тиийэн сылыйан суунар сиргэ итии, тымныы уу тэҥинэн кэлэр. Умывальникка маҥнай кыраан туруорбутум, онтон кэлин толкуйдаабытым уубут кэмчи эбит. Оҕолор эҥин суунар кэмнэригэр аһан баран күнү быһа тураллар, ол иһин уруккулуу бэйэ илиитинэн даҕайан куттар систиэмэҕэ көһөрбүтүм. Бу маннык оҥоһууну биир кыыһым дьиэтигэр эмиэ холбоон туруорабын.

“Киһи-киһиттэн көрөн үөрэнэр” дииллэринии, бүгүҥҥү ыстатыйабыт дьоруойа оҥостубут булууска киирэр-тахсар электрическэй лиибэ сүрдээх судургу оҥоһуулаах.  Булуус иһигэр киирэн тахсыыбытыгар, үлэлиир механизмын илэ харахпынан көрөн чахчы итэҕэйдим. Маннык оҥоһуу улаатан эрэр оҕоҕо, дьахтар аймахха, сааһырбыт киһиэхэ олус табыгастаах эбит. Благоустройстваҕа сыһыаннаах боппуруостары эмиэ бэйэ кыаҕынан, сатабылынан оҥостуу кыаллар өрүттэрин көрдөрөн кэпсээбитигэр Алексей Иннокентьвевичка улаханнык махтанабыт.

 

Сэмэн Жендринскэй