Чурапчы нэһилиэгин устуоруйатын кэрэһэлиир улахан хаартыска быыстапката аһылынна

Хаартыска диэн хордуон лоскуйа эрэ буолбакка, бу кэм-кэрдии кэрэһитэ, үчүгэйдик харайдахха үйэлэргэ хаалар тыыннаах сылдьыыбыт туоһута. Чурапчы нэһилиэгэ тэриллибитэ 375 сылыгар анаан, Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэ көҕүлээһининэн, Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата, чуолаан баһылык Владимир Сивцев быһаччы өйөбүлүнэн “Хаартыскалар кэм-кэрдии кэрэһиттэрэ” диэн хаартыска быыстапката аһылынна итиэннэ куонкурус түмүгэ таҕыста.

Саргылаана Флегонтова, улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытары үлэлиир отдел бибилэтиэкэрэ, бырайыак ааптара: “Хаартыскаларынан быыстапка эрэ буолбакка, Чурапчы нэһилиэгин олохтоохторун ортолоругар куонкурус биллэрбиппит. Барыта холбоон 15 киһи 60-тан тахса хаартыскатынан кыттыыны ылла. Тиэмэлэрбит: “Нэһилиэк урукку көстүүтэ”, “Мин дьиэ кэргэним – нэһилиэк устуоруйатыгар”, “Тэрилтэбит нэһилиэк устуоруйатыгар”, “Кэрэ кэмнэр – бэлиэ түгэннэр”. Саамай аҕа саастаах 1940 сыллааҕы “Чурапчытааҕы педучилище устудьуоннара” диэн хаартысканы Евдокия Новгородова дьиэтээҕи альбомуттан аҕалла, ким түһэрбитэ биллибэт. Саамай аныгы сип-сибиэһэй хаартысканан Семен Жендринскэй бэйэтэ түһэрбит Владимир Йохельсон үлэтин сөргүтүүтэ буолар. Туспа миэстэ биэрэммит, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, идэтийбит фотограф Григорий Турантаев уонна СӨ уопсай үөрэхтээһинин туйгуна Николай Каженкин үлэлэрин көрөөччүлэрбитигэр туруордубут. Дьүүллүүр сүбэ хаартыскалары бэҕэһээ кэлэн көрдө, сыаналаата. Манна бэрэссэдээтэлинэн нэһилиэк баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Макарова, чилиэттэринэн Өндөрүүскэ Саабын аатынан Чурапчытааҕы кыраайы үөрэтэр уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Афанасий Захаров, спортивнай “Албан аат” мусуойун дириэктэрэ Егор Пудов, идэтийбит хаартыскаҕа түһэрээччи Ньургуйаана Беляева үлэлээтилэр. Хайысхалар аайы кылаан кыайыылаахтар билиннилэр уонна анал ааттар бэриллэллэр. Успуонсардарынан нэһилиэк баһылыга Владимир Дмитриевич уонна мусуой дириэктэрэ Афанасий Афанасьевич буоллулар”.

Альбина Диодорова, Мындаҕаайытааҕы почта сибээһин бэтэрээн үлэһитэ: “Урукку почта дьиэтэ билиҥҥи АЭБ олбуорун иһигэр баара, ол билигин көтүллүбүтэ. 1967 сыл, почта биир өттүгэр таһырдьа турабыт хаҥастан маҥнайгы Алексей Батукин, Клара Гурьева, Света Степанова, мин, Надя Никитина уонна Шура Егорова. Барыта холбоон 4 хаартысканы аҕалбытым. Итиннэ өссө 24 буоламмыт ардахтаах баҕайы күн 6-7 кылаас оҕолоро хортуопуй хостооһунугар сылдьарбыт баар, итиннэ Мария Герасимова-Сэҥээрэ баар. Филиппов Коля хаартыскаҕа түһэрбитэ. Амма уҥуор мас тыынан уочаратынан туораан сылдьыбыппыт, аны тыыбытыгар икки эрэ киһи киирэр, үһүс киһи эрдэр. Субуота күн хараҥаҕа биэчэрдии кэлэр этибит кулуубка, киинэ көрө эҥиннии”.

Үөрүүлээх чааска, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Варвара Васильевна Макарова салааларынан кыайыылаахтары биллэрдэ, сэмэй бэлэхтэри туттарда:

“Нэһилиэк урукку көстүүтэ” – кылаан кыайыылаах Виктория Игнатьева;

“Мин дьиэ кэргэним, нэһилиэк устуоруйатыгар” – кылаан кыайыылаах Клавдия Прокопьева;

 “Тэрилтэбит нэһилиэк устуоруйатыгар” – кылаан кыайыылаах Евдокия Новгородова;

“Кэрэ кэмнэр, бэлиэ түгэннэр”- кылаан кыайыылаах Петр Слепцов.

Санатан эттэххэ, Чурапчыбыт улууһун олохтоохторо хаартыска быыстапкаларын улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дьиэтигэр ахсынньы 5 күнүгэр диэри кэлэн көрүөхтэрин сөп.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

 Видео Наталья Сибирякова