Чурапчы нэһилиэгин Аҕа баһылыга Владимир Сивцев бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Үтүө санаа харыйата” аахсыйаҕа кытынна.
Кини манна анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун баҕа санааларын толордо.
“Саҥа дьыл диэн наһаа үчүгэй, истиҥ бырааһынньык. Оҕолор бука бары бу күҥҥэ туох эрэ дьиктини, кэрэни күүтэллэр уонна кинилэр бу күүтүүлээх бырааһынньыкка хайаан даҕаны бэлэх тутуохтаахтар”, — диир Владимир Дмитриевич.
“Үтүө санаа харыйата” Чурапчы нэһилиэгэр номнуо тохсус төгүлүн олус долгутуулаахтык, үөрүүлээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик, ураты болҕомто ууруллан ыытыллар. “Быйылгы сылга төһө кыалларынан анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар туттара сатыахпыт”, — диэн быһаарар Чурапчы нэһилиэгин баһылыга.
Владимир Сивцевы кытары аахсыйаҕа нэһилиэк баһылыгын 1-кы солбуйааччы Уйгулан Туласынов, “Чурапчыына” нэһилиэк дьахталларын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Дария Ефремова, “Удьуор” нэһилиэк эр дьонун түмсүүтүн бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Слепцов, ГАУ “Якутлесресурс” тэрилтэ кэлэктиибэ кыттыстылар.
Владимир Дмитриевич оҕолорго кыһамньы уонна болҕомто мэлдьи ууруллуохтааҕын, Чурапчы улууһун, нэһилиэгин олохтоохторо маннык тэриллэр тэрээһиҥҥэ, харыйаҕа көхтөөхтүк кытта туралларыгар баҕарда.
Чурапчы олохтоохторо быйылгы аахсыйаҕа турунан туран кыттыахтара. “Үтүө санаа харыйата” бөһүөлэккэ икки сиргэ туруорулунна.
Ол курдук, “Детский Мир” (Октябрьскай аатынан уулусса 30/1, 2 этээскэ), ону таһынан “Туйаара” (Лазарев аатынан уулусса 6 “а”, 2 этээскэ) атыы-эргинэ кииннэригэр тиийэн кыттыахха сөп.
Этиллибитин курдук “Үтүө санаа харыйата” аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп. Оҕо аата суруллубут аккырыыккатын талаҕыт уонна киниэхэ Саҥа дьыллааҕы бэлэҕи оҥороҕут. Салгыы эстэпиэтэни бэйэтин чугас дьонугар, доҕотторугар ыытан манна кыттарга ыҥырар.
Сэмэн Жендринскэй