Бэҕэһээ, кулун тутар 15 күнүгэр, Афанасий Софронов аатынан сабыс-саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит успуорт уораҕайыгар нэһилиэк иһинээҕи тэрилтэлэр спартакиадалара саҕаланна.
Тэрилтэлэр хомуллан, сылын аайы ыытыллар спартакиада үөрүүлээх арыллыытыгар параадтаан киирдилэр.
Хамаандалары Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев эҕэрдэлээтэ. “Бу спартакиада түмүгүнэн саамай күүстээхтэр, быһыйдар, сымсылар сырыы аайы мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланыахтара. Ыспарсымыаннар бэйэҕит доруобуйаҕытын тупсарынан, саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит уораҕайбытыгар өссө күүскэ дьарыктаныаххыт диэн эрэнэбит. Быйыл нэһилиэккэ биллэрбит Чөл олохпут сыла хас биирдии дьиэк кэргэҥҥэ үтүөнү, сырдыгы, чэгиэн буолууну эрэ аҕаллын”, — диэн баһылык баҕа санаатын эттэ.
Эҕэрдэҕэ нэһилиэк дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Гуляев, Афанасий Софронов аатынан успуорт комплекс дириэктэрэ Михаил Степанов, улуустааҕы успуорт бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Герасим Платонов, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Афанасий Дьячковскай кыттыстылар.
Хамаандалар икки ардыларыгар “Көрдөөх стартар” ыытылыннылар. Атын көрүҥнэр график быһыытынан бараллара былааннанар.
Уопсай түмүккэ
II бөлөх
1 миэстэ – Чурапчытааҕы кэллиэс, “Саҥа олох” редакция, “Березка” уһуйаан холбоһуктаах хамаандалара;
2 миэстэ – Чурапчы улууһун дьаһалтата, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениета, “Үөрүү” эбии оҕо дьоҕурун сайыннарар киин холбоһуктаах хамаандалара;
3 миэстэ – Чурапчытааҕы ИДьМ үлэһиттэрэ, “Мичил” уһуйаан холбоһуктаах хамаандалара.
I бөлөх
1 миэстэ — Чурапчытааҕы физкултуурунай үнүстүүт, «Чуораанчык» уһуйаан холбоһуктаах хамаандалара;
2 миэстэ — Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназията, «Туллукчаан» уһуйаан, Чурапчытааҕы ойуур хаһаайыстыбата, «Энергосбыт» холбоһуктаах хамаандалара;
3 миэстэ — Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.
Сэмэн Жендринскэй