Чурапчы нэһилиэгэр дьэллик ыттарга хонтуруол тохтообот

“Дьэллик ыттар сүгүннүүллэриттэн аастылар”, — диэн социальнай ситим устун үгүстүк тарҕанар буолла. Бу соторутааҕыта Хатылы нэһилиэгэр кэрээннэриттэн тахсыбыт ыттар утуу-субуу дьахтарга саба түстүлэр. Уопсастыба олоҕо эрэ буолбакка, ордук сылгыны иитэр тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэһиттэрин эмиэ аймаатылар.

Урут ыт кыһалҕатын хайдах быһаарар этилэрэй? Нэһилиэктэргэ бэйдиэ сылдьар ыттары кытары “кэпсэтии кылгас буолра” ытан иһэр этилэрэ, улуус киинигэр тутан ылан “утуталлара”. Билигин араас күөх уопсастыба элбээн, дьэллик ыт улахан көмүскэллээх буолла. Москуба таһымынан ыттары харыстыыр-көмүскэһэр күүстээх сокуон ылыллыбыта.

Билигин ыттары урукку курдук кытаанахтык “дьаһайбаккын”. Дьоҥҥо саба түспүт “үтүөлэрин” иһин ыт быстах харайар пууннарыгар эбии сылаас аска атаарыллаллар. Онно бэлэм аска уойан-тотон, төлөһүйэн баран “в естественную среду обитания” ол эбэтэр эн биһикки күн аайы сылдьар эйгэбитигэр, дьон ортотугар төттөрү сүүрэн киирэллэр. Акаары буолбатах да ыт өйдүүр, маннык түгэҥҥэ кинини туох да накаастабыл күүппэтин. Ол иһин өрө баран, салгыы дьоҥҥо саба түһэллэрэ туох да иһин уҕараабат.

Дьэ ити инниттэн Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата, полиция сотрудниктарын уонна бэтэринээринэй сулууспа үлэһиттэрэ састааптаах күүстээх рейдэлэри ыытан саҕалаата. Быйылгыттан саҕалаан бэйдиэ сылдьар ыт хаһаайыттарыгар, урукку курдук сэрэтии бэриллибэт. Хас биирдии киһи ыты, куосканы, дьиэ кыылларын иитэ ылан баран эппиэтинэһи бэйэлэрэ сүгэллэр. Билигин ыт босхо эбэтэр наморднига суох сылдьарын иһин, хаһаайына тутатына 1000-3000 солк тиийэ ыстарааптанар оттон иккистээн түбэһэр түгэннэригэр 3000-5000 солк ыстараап көрүллэр. Ыт хаһаайына маннык кээмэйдээх ыстараапка элбэх төгүл ыстарааптаныан сөп.

Онон олохтоох дьаһалта, убаастабыллаах нэһилиэк олохтоохторун босхо сылдьар ыттаргытын булгучча баайаргытыгар көрдөһөр. Уулуссаҕа дьэллик сылдьар ыттар оҕолорго, саастаах дьоҥҥо, биэ кулуннарыгар, уопсай олохтоохторго кутталы үөскэтэллэрин умнумаҥ.

 

Сэмэн Жендринскэй