Чурапчы нэһилиэгэр “1000 тиэргэн” бырагыраама иитинэн оҕо-аймах оонньуур-сынньанар былаһаакката тутулунна

Дьон олоҕун хаачыстыбатын уонна таһымын үрдэтиигэ туһуламмыт “1000 тиэргэн” бырагыраама чэрчитинэн бүгүн Октябрьскай аатынан уулуссаҕа турар үс, биэстии мэндиэмэннээх дьиэ олохтоохторугар анаан аныгылыы тииптээх массыына тохтобулугар даҕаны табыгастаах оҕо-аймах оонньуур-сынньанар былаһааккатын үөрүүлээх арыллыыта буолла.

Куораттарга киһи олорор тулалыыр эйгэтин тупсарыыга аналлаах “1000 тиэргэн” бырагыраама олоххо киириитэ Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта быстыспат ситимнээх. Кини быһаччы ыйыытынан РФ Бырабыыталыстыбата аҕыйах сылтан бэттэх куораттарга итиэннэ улуустарга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тастарыгар дьон сынньанар сирдэрин оҥорууга аналлаах бырагырааманы тэтимнээхтик үлэлэтэн барбыта.

2021 сыллаахха Уһук Илин бэдэрээлинэй уокурукка РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин куораттарыгар уонна бөһүөлэктэригэр тыһыынча тиэргэни тутууга саҥа бырагыраама үлэлиэхтээҕин иһитиннэрбитэ. Биир сыл буолан баран, Уһук Илин уокуругун куораттарыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тастарыгар 1000 аныгы сынньанар сир баар буолбута. Итиннэ сигэнэн Чурапчыбыт нэһилиэгэр тутуллан киирэр таас дьиэлэр тастарыгар оҕо оонньуур былаһааккалара баар буоллулар.

2023 сылга Саха сиригэр “1000 тиэргэн” бырайыагынан 62 тиэргэн уонна мини-парк тутуллара былааннаммыта. Бу бырагыраама олоххо киирэригэр бэдэрээлинэй үптэн 429 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ. Онтон бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, Чурапчы нэһилиэгэр Иннокентий Пермяков салайааччылаах “Восток-Строй” ХЭТ икки бырайыагы кыайары ситиспитэ. Ол онтон биирэ, Октябрьскай аатынан уулуссаҕа оҕо-аймах оонньуур-сынньанар былаһааккалара арылынна. Үөрүүлээх чааска кыһыл лиэнтэни Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторун ааттарыттан Инна Макарова уонна Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 4-с “д” кылааһын үөрэнээччитэ Күннэй Семенова быстылар.

“Биллэн туран бу үлэ барытыгар дьоммутугар-сэргэбитигэр туһуланар. Бу үс баараҕай элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ 150-тан тахса ыал олорор, оҕо-аймах үгүс, тиэхэньикэлэрэ эмиэ аҕыйаҕа суох. Онон бу тутааччыларбыт дьон сынньанарыгар итиэннэ тиэхэньикэ миэстэтэ тахсарыгар анаан олус тупсаҕай, табыгастаах былаһаакканы үлэҕэ киллэрбиттэригэр дьаһалта, олохтоохтор аатыттан махтанабыт”, — диэн нэһилиэк баһылыга Владимир Дмитриевич эҕэрдэ тылыгар эттэ.

Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттарын түмүгэр бөһүөлэкпит иһигэр улахан бырайыактар олоххо киирэллэр, өссө да киириэхтэрэ турдаҕа.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Видео Наталья Сибирякова