Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 сылын көрсө, Чурапчы нэһилиэгэр үөрүүлээх түгэннэр салҕанан бараллар. Ол курдук бүгүн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр, Мурун Тыымпыйа олохтоохторугар устуоруйаҕа суруллар бэлиэ күн үүннэ.
Дойду баһылыга Владимир Путин, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Арассыый эрэгийиэннэрин сайдыыларын былааныгар киирбит нэһилиэнньэни күөх төлөнүнэн хааччыйыы бырагырааммата сыл ахсын олоххо киирэрэ тэтимирэн иһэр.
Ол курдук бүгүн, Сахабыт сирин араас муннуктарыгар 2500 кэриҥэ ыал гаас ситимигэр холбонуохтаах эбит буоллаҕына, кинилэр истэригэр Мурун Тыымпыйа 225 ыала маһынан, чоҕунан оттуллар оһохторуттан арахсан күөх төлөн ситимигэр холбонор кыахтаннылар.
Мария Монастырева, Мурун Тыымпыйа түөлбэ олохтооҕо: “Түөлбэбитигэр бүгүн улахан үөрүүлээх күн буолла. Манна дьиэ аайы биэнсийэлээхтэр, кырдьаҕас дьоннор олоробут, онон оһох оттортон аккаастанар күммүт кэлбитинэн үөрүүбүт өссө улахан. Күн баччаҕа диэри “КЧМ-5” оһохпун оттон кэллим, билигин гааска холбоноору бэлэмнэнэ сылдьабыт, 8-с даҕаны 13-тээх дьиэбтигэр эбии гараж туттаммыт онно оһохпутун туруоруохтаахпыт. Аҥардас киһиэхэ ыарахаттан элбэхтэр, онуоха табаарыстарым, аймахтарым күүс-көмө буоланнар, үлэбит син үмүрүйүөх курдук буолла. Наар таас чоҕунан, кураанах маһынан оһох оттон кэллибит, биэдэрэнэн да тастарбыт сылга элбэх туонна чоҕу уматтым, аны оттук маспытын барытын атыылаһан кэллибит”.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, “Сахатранснефтегаз” Чурапчытааҕы учаастагын салайааччыта Александр Дьяконов кыттыыны ыллылар. Кинилэри сэргэ быһа биэриинэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна бу күннэргэ Дьокуускай куоракка үлэлии кэлэ сылдьар РФ бэдэрээлинэй Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Андрей Турчак таҕыстылар.
Гурий Монастырев, Мурун Тыымпыйа түөлбэ төрүт олохтооҕо, “Ытык Сүбэ” уопсастыбаннай түмсүү чилиэнэ: “Гааска холбонорго бэйэм бэлэммин. Бу ордук тыа сирин олохтоохторугар сүрдээх улахан, дьоһуннаах дьыала буолла. Эдэр сылдьаммыт маннык күөх төлөн кэлиэҕэ диэммин санаабат даҕаны этибит. Элбэх киһи муһунна. Билигин 70-мун аастым, ол тухары мас кэрдэн, саһаан охсон, тиэнэн, оһох оттоммут кэллибит. Түгэнинэн туһанан СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, урукку бэрэсидьиэннэрбитигэр Егор Борисовка, Анатолий Штыровка, улууспут салалтатыгар дириҥ махталбытын тириэрдэбит”.
Санатан эттэххэ, бүгүн Чурапчыбыт улууһугар 7 нэһилиэк гаас ситимигэр холбонон олорор, кинилэр истэригэр бүгүн Хадаар нэһилиэгэ ниэп оттугуттан арахсан күөх төлөҥҥө холбонно.
Сэмэн Жендринскэй