Анисия Гаврильевна Габышева, арааһа, бүгүҥҥү күннээххэ саамай аҕам саастаах быыбардааччы буолуохтаах. Төрөппүт кыыһа суруйааччы Светлана Георгиевна Егорова – Тулуйхаана, “хамыыһыйаны дьиэҕэ ыҥырыахха” диэн эппитин ылымматах, “хайаан даҕаны быыбардыыр учаастакка бэйэм барабын” диэн, бүгүн тиийэн куоластаата.
— Быыбардыыр учаастакка тиийэн, олус сэргэхтик, киһи эрэ астынарын курдук быыбардаан кэллибит. Учаастакка үлэлии олорор эдэр оҕолор ийэм 100 сааһыгар үктэммитин билэн баран, олус диэн үөрдүлэр, бары сырсан кэлэн, эҕэрдэлээтилэр, эр-биир хаартыскаҕа түстүлэр. Ийэм сүргэтэ улаханнык көтөҕүлүннэ, — диир Светлана Георгиевна.
Анисия Гаврильевна 1923 сыллаахха Чурапчы улууһун Кытаанаҕар күн сирин көрбүт. 1943 сыллаахха Чурапчы педагогическай училищетын бүтэрэн баран, Чурапчыга, Одьулууҥҥа, Хатылыга, Мэлдьэхсигэ, Дириҥҥэ алын кылаастары үөрэппит. Отуттан тахса сыл учууталлаан, бочуоттаах сынньалаҥҥа барбыт. Учууталлар учууталлара. Кэргэнэ Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ буолан, Дьокуускайга кыбартыыра ылбыт, билигин онно кыра уолун кытта олорор.
Кырдьаҕас учууталы кытта үөрэппит оҕолоро билсэ тураллар. Кини элбэх ахсааннаах үөрэнээччилэриттэн аҕыйах киһини ааттааттахха, саха дьоно бары билэр, ытыктыыр балеринабыт Наталья Посельская, норуодунай худуоһунньук Афанасий Мунхалов, Ааҕар-суоттуур балаатаҕа салайааччынан үлэлээбит Егор Марков, култуура миниистирин солбуйааччынан, Үрдүкү муусука оскуолатын директорынан үлэлээбит Иван Наумов, биллиилээх артыыс Куприян Михайлов. Биллэн турар, онтон да атын үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар үөрэнээччилэрэ олус элбэхтэр. Бу сайын Иван Иванович Наумовтаах оскуоланы бүтэрбиттэрэ 60 сылын тэрээһинигэр маҥнайгы учууталлара Анисья Гаврильевна кыттыбыта олус долгутуулаах, дьоллоох түгэнинэн буолбут.
— Ийэбит дьиэҕэ-уокка билигин да туһа киһитэ. Сайын, күһүн биһиэхэ, чааһынай дьиэҕэ олорор. Арай саас баттаан истэрэ-көрөрө мөлтөх. Кини ырыа, хоһоон бөҕөтүн нойосуус билэр. Биһиэхэ барыбытыгар сырдык-үтүө санаатынан, олоххо көрүүтүнэн, киэҥ билиитинэн холобур буолар. Кини 20 тахса сылы быһа күҥҥэ иккитэ сэрээккэ оҥорор. 98 сааһыгар өттүгүн тоһуппутугар турбат буолла дии санаан куттаммыппыт, эпэрээссийэ кэнниттэн икки ыйынан хаампыта, онуоха сэрээккэлиирэ улахан оруолу ылбыта дии саныыбын. Биэс оҕотуттан билигин үһүөбүт. Сиэн, хос сиэн элбэх. Бары араас сиринэн тарҕанан олороллор. Барыбытын түмэр киһибит – тапталлаах ийэбит, эбэбит, хос эбэбит буолар. Ийэбит 100 сааһыгар анаан кинигэ бэлэмнээбитим сотору тахсыахтаах, — диэн салгыы кэпсиир кыыһа Светлана Георгиевна.
Бука бары аҕам саастаах ытык киһиттэн Анисия Гаврильевнаттан холобур ылан, быыбардааҥ диэн ыҥырабыт!
Айталина Никифорова
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй