Чурапчы нэһилиэгэ төрүттэммитэ 375 үбүлүөйдээх сылын көрсө улуус киининээҕи Ленин аатынан уулуссаҕа аспаал суол олоххо киириитин үөрүүлээх түгэнэ буолла. Бу балтараа биэрэстэ усталаах суолу тутууга Артуш Шагенян салайар “Мегинские автомагистрали” тэрилтэ үлэһиттэрэ аҕыйах кэм иһигэр туттулар.
Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев: “Биһиги нэһилиэкпитигэр, атын да нэһилиэктэргэ суол – тыын суолталаах боппуруос. Сыл аайы суолу тутууга, өрөмүөннээһиҥҥэ болҕомто ууран, үгүс өрүттээх үлэ ыытыллан кэллэ. Бу соторутааҕыта Интэринээт томторугар эмиэ саҥа аспаал суолу тэлгэтэн үлэҕэ киллэрбиппит. Быйылгы сылга өрөспүүбүлкэтээҕи суол пуондатыттан суолбутун аспааллааһыҥҥа 46 мөл солк көрүллүбүтэ. Онуоха “Мегинские автомагистрали” тэрилтэ кыайан, Ленин аатынан уулуссаны сайын устата бэрт хаачыстыбалаахтык тутан бүтэрдилэр. Кэлэр өттүгэр суолбутун тупсарыыга былааммыт киэҥ”.
Суолу аһыы аалай лиэнтэтин улуус баһылыга Степан Саргыдаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев уонна Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев үөрүүлээх быһыыга-майгыга кырыйдылар, дьоро күнүнэн нэһилиэк олохтоохторугар истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Улуус баһылыга Степан Саргыдаев: “Нэһилиэк баһылыга Владимир Сивцевтиин сөҥнөһөн, аспаал суол тутуллуутугар үгүс үлэни тэрийдибит. Улууспут аныгы кэм тэтиминэн күнтэн күн сайдан, дьоммут-сэргэбит олохторун таһыма үрдээн иһэрин бары да бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт. “Суол – сайдыы төрдө” дииллэринии, улууспут киинигэр, өрөспүүбүлкэтээҕи, муниципальнай суолталаах суоллары оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ элбэх үлэ ыытыллар. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соторутааҕыта эппит сорудаҕа туолан, Лена өрүһү туоруур муоста тутуллуоҕа. Суол-иис хаачыстыбата үрдээн, айан-сырыы хаачыстыбата сылтан сыл тупсан иһэр. Онон өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, туһааннаах министиэристибэбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.”
Оттон тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев өссө да улууспут уонна нэһилиэкпит дьаһалтатын кытта инникитин өссө да былааннаах үлэни-хамнаһы тэрийсэргэ эрэннэрдэ. Ону тэҥэ бу сарсыарда Лена өрүһү туоруур муостаны тутуу судаарыстыбаннай экспертизаны ааспытын туһунан үөрүүлээх сонуну үллэһиннэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов: “Улуус биир саамай уһун уулуссатыгар аспаал суол ууруллан, нэһилиэнньэ олоҕун таһыма үрдээбитин, улуус уонна нэһилиэк дьаһалтатын былааннаах үлэтин түмүгүн көрдөрөр. Маннык үлэ салгыы ыытыллан иһэригэр баҕарабын. Онуоха улуус уонна нэһилиэк салалталара, дьокуттаатара нэһилиэнньэ туруктаах олоҕун туһугар өссө да бииргэ түмсэн саҥаттан саҥа саҕалааһыннары, үгүс өрүттээх үлэни-хамнаһы тэрийиэхтэрэ диэн эрэнэбин.”
Аспаал суолу олоххо киллэриигэ үлэлэспит үлэһиттэргэ улуус уонна нэһилиэк грамоталара, үбүлүөйдээх анал бэлиэлэрэ туттарылынна.
Ленин аатынан уулуссаҕа тыргыллыбыт аспаал суол устун бэлисипиэттээх, матаһыыкыллаах, массыыналаах эдэр уонна аҕам саастаах көлүөнэ дьон парааттаан киириилэрин уруйунан-айхалынан көрүстүбүт.
Анна Захарова. Семен Жендринскэй хаартыскаҕа түһэриитэ.