Бэҕэһээ, тохсунньу 13 күнүгэр, Дьокуускай куоракка СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, Сахабыт сирин доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр 32 “УАЗ” массыына күлүүстэрин үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарда.
“Бу медицинскэй көмөнү оҥоруу саҥа таһымыгар эппиэттиир тырааныспар. Биһиги Дойдубут бэрэсэдьиэнэ ыытар бэлиитикэтэ, ону өрөспүүбүлүкэ салалтата салгыы ыытыаҕа. Доруобуйа харыстабыла куруутун бастыҥ суолталаах боппуруостарга киирэр, нэһилиэнньэ уһун олохтоох уонна доруобай буоларыгар болҕомто хаһан баҕар ууруллуохтаах», – диэн Айсен Сергеевич киирии тылыгар эттэ.
“Бу тырааныспар саҥа балыыһабытыгар, чуолаан Чурапчы нэһилиэгэр диэн ананан кэллэ. Ыарыһахатары куоракка балыыһаҕа тиксэрэргэ уонна ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга лабораторнай чинчийиигэ аналлаах матырыйааллары, эмтиир препараттары тиксэрэргэ, туһааннаах исписэлиистэри таһарга ананан сүүрүөҕэ. Түгэнинэн туһанан, Дойдубут уонна өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар болҕомто уураннар тиэхэньикэнэн хааччыйалларыгар дириҥник махтанабыт”, — диэн Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев баҕа санаатын тириэртэ.
Cэмэн Жендринскэй