Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ, Аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн Чурапчы нэһилиэгин көхтөөх ыччата ох курдук оҥостон, нэһилиэк биир кырдьаҕас ыалларыгар Афанасьевтарга тиийэн көмөлөстүлэр. Ол курдук, ыччаттар муус киллэрдиллэр, булууска кыра өрөмүөн үлэтин оҥордулар. Ону сэргэ лабаалаах мастары, талахтары эрбээн, улахан массыынаҕа тиэйэн биэрдилэр итиэннэ палисадник күрүөнү туруордулар.
Күһүҥҥү сылаас күҥҥэ ыччаттар сибиэһэй салгыҥҥа үлэлээн-хамсанан сэргэхсийдилэр. Олбуор иһин бэрт түргэнник өрө тардан, аҕам саастаах ыал махталларын ыллылар.
Дьиэ хаһаайката Татьяна Афанасьева ыччаттарга алгыс тылын этэн туран, сылаас эбиэтинэн күндүлээтэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, «S.A.A.S.» ыччат түмсүүтэ сыллата соҕотох олорор эбэтэр кыаммат бэтэрээннэргэ нэһилиэк дьаһалтатыгар киирбит сайаапкаларынан көхтөөхтүк көмөлөһөллөр.
Марфа Петрова.