Биһиги интэринээт-оскуолабытыгар өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ оҕуруоччута, Саха сиригэр бастакынан винограды үүннэрбит, сибэкки диэн баран муннукка ытаабыт Евдокия Гаврильева-Сибэкки Дуунньа кэлэн ыалдьыттаан барда.
Бастатан туран, почвабыт төһө быйаҥнааҕын ыйыталаста, онуоха хардатын сөптөөх хоруйу ылан астынныбыт. Салгыы теплица, оҕурсу, помидор туһунан сиһилии кэпсээтэ. Саҥа тахсыбыт «Үрдүк үүнүү кистэлэҥэ» кинигэтин билиһиннэрдэ, куар-кодунан табыгастаахтык ааҕылларын биһирээтибит.
Бэйэтин оҕуруотуттан ылбыт оҕурсуларын, помидордарын сиэмэлэрэ хамаҕатык бардылар. Оҕуруоту олордуох иннинэ эбии аһылык быһыытынан туттар Эмбиотатын (жидкая земля) сэргээн атыыластыбыт.
Бары даҕаны тэрээһинтэн астынан, оҕуруот туһунан билиибит өссө кэҥээн тарҕастыбыт. Салгыы ыалдьыппыт айанын Чыаппараҕа хайысхалаата, онно эмиэ оҕуруоччуттар бөлөхтөрө күүтэр.
Октябрина Окорокова