Хатылыга историяҕа киирэр улахан бэлиэ түгэн тосхойдо. Ол курдук, 2025 сылга диэри регионнары гаастааһын федеральнай бырагыраама чэрчитинэн бу нэһилиэккэ былырыын уонна быйыл 70% дьиэ күөх төлөҥҥө холбонно. Бу үөрүүлээх күҥҥэ Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, улуус баһылыга Степан Саргыдаев, СӨ Бырамыысыланнаска миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин, “Сахатранснефтегаз” тэрилтэ, “Восток Капитал” бэдэрээччит тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ, нэһилиэк олохтоохторо, улуус уопсастыбаннаһа кытыннылар.
Тэрээһин спортивнай куттаах, элбэх оҕолоох Марина, Геннадий Кривошапкиннар тэлгэһэлэригэр буолла. “Биһиги 7 оҕолоохпут, мин оскуолаҕа тренеринэн үлэлиибин. Кэргэним Марина Семеновна оҕолорун көрөн олорор. Дьиэбитин 2014 с. туттан киирбиппит, 14×6 иэннээх. Сонно киин ититии ситимигэр холбообуппут. Оттон быйыл социальнай гаастааһын субсидиятынан гааска көһөрдүбүт. Дьиэбит сылаас, абыранныбыт. Аспытын эмиэ гааска буһарынабыт. Түргэнэ-тарҕана сүрдээх. Россия, үрдүкү салалталарыгар, улууспут, нэһилиэкпит дьаһалталарыгар, гаас тэрилтэтин үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит”, — диэн ыал аҕа баһылыга Геннадий Кривошапкин үөрүүтүн үллэһиннэ.
Манна Санкт-Петербурга буола турар аан дойдутааҕы гаас форумуттан “Газпром” бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Миллер, РФ Энергетикаҕа миниистирэ Сергей Цивилев, “Газпроммежрегионгаз” генеральнай дириэктэрэ Сергей Густов федеральнай бырагырааманан гааска холбоммут уонна гаас утаҕа тардыллыбыт Россия 25 регионун кытта видеонан быһа холбонон, эҕэрдэлэрин тиэртилэр, Арассыыйа үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарыгар күөх төлөн холбонуута олорор усулуобуйаны тупсарыыга, олох-дьаһах туруктаах буоларыгар көдьүүһүн, суолтатын туһунан санааларын үллэһиннилэр.
“Өр сылларга күүппүт ыра санааҕыт туолар үөрүүлээх күҥҥүтүнэн Хатылы нэһилиэгин олохтоохторун эҕэрдэлиибин! Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын бырагыраама иитинэн ыытыллыбыт үлэ-хамнас эһиги нэһилиэккитигэр олоххо киирдэ. Ол соруктары толорууга Алексей Миллер салайар “Газпром” тэрилтэ эҥкилэ суох ылсан баараҕай үлэни-хамнаһы тэрийдэ. Ил Дархаммыт Айсен Николаев сатабыллаах салайыытынан бырайыактар кэмигэр олоххо киирэллэригэр үгүс өрүттээх, былааннаах үлэ-хамнас ыытылынна. Онон үрдүкү салалтабытыгар итиэннэ гаас киириитигэр үгүс сыраларын ууран үлэлии сылдьар өрөспүүбүлүкэбит туһааннаах тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр, улуус, Хатылы нэһилиэгин дьаһалталарыгар, гаас тэрилтэтин үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин. Хас биирдии дьиэҕэ күөх төлөн холбонон, уйгулаах, нус-хас олоҕу олоҕу түстээтин! Сайдыы саҥа саҕахтарын диэки дьулуһан иһиҥ”, — диэтэ тус эҕэрдэтигэр Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков итиэннэ Хатылы нэһилиэгэр гаас ситимин тардыыга дьоһун кылааттарын киллэрсибит үлэһиттэргэ Махтал суруктары туттарда.
“Былырыын баччаларга гаас утаҕа эһиги нэһилиэккитигэр тардыллан, 30-тан тахса ыал холбоммута. Оттон күн бүгүн 125 дьиэҕэ күөх төлөн киирдэ.Түгэнинэн туһанан, Дойдубут Бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка, Өрөспүүбүлкэбит Бырабыыталыстыбатыгар, Кирилл Евгеньевичкэ, биир дойдулаахпытыгар Михаил Афанасьевичка, үгүс сыраларын уурбут “Сахатранснефтнегаз” кэлэктиибигэр, Чурапчытааҕы туһааннаах тэрилтэлэргэ, нэһилиэк дьаһалтатыгар, олохтоохторугар истиҥ махталбын тиэрдэбин”, — диэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев эҕэрдэ тылыгар эттэ уонна Махтал суруктары дьоһун кылааттарын киллэрсибит гаас тэрилтэтин үлэһиттэригэр үөрүүлээх түгэҥҥэ туттарда.
Салгыы нэһилиэк олохтоохторун аатыттан СӨ норуот хаһаайыстыбатыгар үтүөлээх үлэһитэ, Хатылыттан улуус Сэбиэтин дьокутаата Ульяна Атласова тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ: “Бу нэһилиэккэ баһылыгынан үлэлиир сылларбар гаас киллэриитин туруорсубутум. Оччолорго, санаан көрдөххө, олус уустук курдуга. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэбит салалтата, улууспут дьаһалтата туруорсуубун өйөөн, нэһилиэгим дьоно-сэргэтэ миэхэ эрэнэн туран, утары үбүлээһиҥҥэ кыттыһан, икки сыл иһигэр бу баараҕай бырайыак олоххо киирбитинэн, махталбын тиэрдэбин. Бу ситиһиибит – бука барыбыт кыайыыта!” – диэн этэн туран, нэһилиэккэ аны саҥа култуурунай сынньалаҥ киинин тутуутун туруоруста.
Бу нэһилиэк историятыгар киирбит умнуллубат үөрүүлээх түгэҥҥэ олохтоохтор санааларын иһиттибит. Хатылы нэһилиэгин олохтооҕо Яков Алексеев өр сылларга тырахтарыыһынан үлэлээбит. Былырыын социальнай субсидиянан дьиэтин гааска холбоппут: «Урукку сылларга дьиэбитин маһынан оттон олорбуппут. Гаас киирэн олус сынньалаҥнык кыстаан абыранныбыт. Гарааспын эмиэ гааска холбоппутум. Тымныы ыйдарга икки эбийиэк, уопсайа150-ча кв иэннээх дьиэлэргэ 6-7 тыһ. солкуобайы төлөөтүм. Оһох оттуута бириэмэҕин ылар бөҕө буоллаҕа. Иллэҥсийэн, ретро маллары мунньуунан дьарыктанан эрэбин. Табылыннаҕына, кэлин мусуой дуу, муннук дуу тэринэр былааннаахпын, көстөн иһиэҕэ. Онон тыа сирин дьонун олоҕун чэпчэппит гаас киириитэ — барыбыт үөрүүтэ. Россия, Өрөспүүбүлүкэ уонна улууспут, нэһилиэкпит салалталарыгар, туһааннаах тэрилтэ салайааччыларыгар улахан махталбын тиэрдэбин».
Раиса Федорова, биэнсийэлээх:»Нэһилиэкпитигэр былырыыҥҥыттан гаас ситимин холбооһун саҕаламмыта. Быйыл иккис түһүмэҕэр дьиэм холбонно. Маһынан оттон олорбуппут. Мас бэлэмнээһиниттэн, оһох оттортон босхолонон абыранныбыт. Дьиэбит сып-сылаас, оһох оттуута үгүс бириэмэҕин ылар эбит, эмискэ иллэҥсийэ түстүбүт, онон тустаах дьарыкка бириэмэ ордоруттан астына сылдьабын. Гаас киириитигэр үлэлэспит үрдүкү салалталарга, улууһум, нэһилиэгим дьаһалталарыгар, гааһы олоххо киллэрсибит бары үлэһиттэргэ истиҥник махтанабын»,- диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.
Оттон Хатылы нэһилиэгин баһылыга Вячеслав Попов: “Биһиги нэһилиэкпитигэр быйыл гаас ситимин тардыы иккис түһүмэҕэ ыытыллан, билигин 70% холбоннубут. Былырыын 36 ыалга киирбитэ. Быйыл, уопсайа, 204 ыалга киириэхтээҕиттэн билигин 125 дьиэҕэ гаас киирдэ. Онон уйгулаах олохпутун уһансыбыт “Cахатранснефтегаз” үлэһиттэригэр, Бэрэсидьиэммитигэр Владимир Путиҥҥа, Өрөспүүблүкэбит Ил Дарханыгар Айсен Николаевка, улууспут баһылыгар Степан Саргыдаевка, бу кэскиллээх бырайыак олоххо киириитигэр үгүс өрүттээх үлэни-хамнаһы тэрийбит урукку баһылыкпытыгар Ульяна Атласоваҕа, солбуйааччынан үлэлээбит Афанасий Дьячковскайга нэһилиэгим дьонун-сэргэтин аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Кырдьыга да күөх төлөн көмүс утаҕа тыа сиригэр дьиэ ахсын киириитэ – дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга дьоһун олугу түстүүр, сынньалаҥ, нус-хас олоҕу мэктиэлиир, үүнүү-сайдыы сырдык аартыгын арыйар буоллаҕа. Маныаха туһуламмыт федеральнай бырагыраама салгыы үлэлээн, аны сотору кэминэн Сылаҥ нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр үлүскэн үөрүүнү, умнуллубат түгэни тосхойуо диэн эрэнэбит.
Анна Захарова.