Олунньу ый саҕаланыытыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алыптаах мааска” тыйаатырдар бэстибээллэригэр Петр Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр, эдэр режиссер Василий Николаев туруоруутугар “Биэрэккэ поэт уол турбута…” испэктээгинэн кыттан Гран–при үрдүк ааты ылбыта. Итини сэргэ талааннаах режиссер Василий Николаев “Бастыҥ драматическай айымньы” анал аакка тиксибитэ.
- Василий, эһиги кэлэктиипкитин улахан куонкуруска улахан кыайыыгытынан, ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибин. Саха киһитин сиэринэн, хантан тардыылааххыттан саҕалыахха, оҕо сааһын ханна ааспытай?
- Өлөөн улууһун Ээйик нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Күн сирин 1997 сыллаахха Удачнайга көрбүтүм. Оҕо сааһым барыта Ээйиккэ ааспыта. 2004 сыллаахха Ээйик агро-оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. 2011-2012 сылларга Амма улууһугар Болугурга үөрэммитим. Онтон дойдубар төннөн кэлэн, 9-с кылааһынан оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускайга култуура кэллиэһигэр туттарсан үөрэххэ киирбитим. Оҕо сылдьан алтыс кылааска дылы уруһуйунан дьарыктаммытым. Ийэм Анастасия Васильевна — худуоһунньук, труд уонна черчение учуутала этэ. Төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан, ийэбин кытары Канаадаҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы уруһуй бэстибээлигэр 1-кы миэстэ буолан турардаахпын. Онно тайах бөрөлөртөн күрүү сылдьарын уруһуйдаабытым. Оҕо-оҕо курдук син биир мэниктээн улааппытым. Төһө да мэник буолларбын оскуолаҕа тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар этим. Ырыанан улахан ырыа түһүлгэлэригэр кыттыбатаҕым, улууска ыытыллар ырыа күрэхтэригэр, биирдэ “Сардаҥалаах аартык” диэн куонкуруска кыттыбыппын өйдүүбүн. Ол оннугар ыспартыыбынай күрэхтэһиилэргэ, буоксаҕа эҥин кыттар этим. Амматтан дойдубар Ээйиккэ тиийэн баран саастаах дьоннорго синтезаторынан фонограмма оҥорор буолбутум. Ол сылдьан култуура кэллиэһигэр үөрэнэ барарга быһаарыммытым.
- Дьокуускайга үөрэммит сылларын, устудьуон кэмин туһунан кылгастык сэһэргээ эрэ
- 2013 сыллаахха Дьокуускайга култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр үөрэнэ киирбитим. “Этнохудожественное творчество: северное отделение” диэн салааҕа үөрэхпин саҕалаабытым. Бастакы кураторбынан Мария Гаврильевна Боппоенова буолар. Манна үөрэнэ сылдьан режиссер буолар баҕа санаа баара, дьиҥэр киинэ устуохпун баҕарар этим. Ол гынан баран оччолорго үчүгэй аппараат диэн суоҕа, төлөпүөҥҥэ устар этибит. Онтон 2016 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа фольклорнай салааҕа үөрэнэ киирбитим. 2020 сыллаахха экстерно, ол аата икки кууруһу биир сылынан, ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Артыыс–вокалист диэн исписээлинэс ылбытым. Манна үөрэнэ сылдьан Сэргэй Зверев -Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырыгар солист–вокалист быһыытынан үлэлээбитим, испэктээккэ ыллыыр этим, “Кыл сахалары” кытта ыллаабытым, ол быыһыгар үҥкүүлээн да ылбыттааҕым.
- Үөрэххин бүтэрэн баран Чурапчыга ананан үлэлии кэллиҥ
- Үөрэхпин бүтэрэн баран 2020 сыллаахха Чурапчыга “Айыллаан” култуура киинигэр үлэлии кэлбитим. Идэм “Режиссер массовых представлений” диэн этэ. Манна үлэлии сылдьан “Дьол хараҕын уута” диэн музыкальнай испэктээк туруорбутум. Бу испэктээгинэн, ийэ эмтэнэ барарыгар, аһымал кэнсиэргэ кыттыбыппыт. “Айыллааҥҥа” үлэлээбит кэмнэрбин наһаа күндүтүк саныыбын. Үтүө доҕоттордуун олус айымньылаахтык үлэлээбиппит. Үс сыл үлэлээн баран, 2023 сыл күһүнүттэн Петр Решетников аатынан норуодунай тыйаатыр режиссерынан ананан үлэлии сылдьабын.
- Василий, биһиги эйигин ырыа айааччы быһыытынан эмиэ билэбит. Чурапчы нэһилиэгин өрөгөйүн ырыатын тылын Василий Пермяков, онтон эйиигин матыыбын суруйбут ааптар быһыытынан билэбит.
- Бастакы ырыабын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан суруйбутум. Ийэҕэ аналлаах “Үөр хаастар” диэн этэ. “Ырыаны хайдах айаҕын?” — диир буоллахха барыта бэйэтэ кэмиттэн кэмигэр кэлэн иһэр быһыылаах. Ырыа айар буолан баран компьютерга ырыа аранжировкатыгар чугаһаан барбытым. Дойдубар сылдьан, гитараҕа үөрэнэн, бэйэм баҕа өттүбүнэн нуоталары үөрэтэн барбытым. Бибилэтиэкэттэн кинигэ булбутум, 1969 сыллаах фортепианоҕа үөрэтэр босуобуйа этэ. Бу кинигэ көмөтүнэн нуоталары үөрэппитим. Ол иһин кэллиэскэ киирэрбэр баазовай билиилээх этим. Биллэр ырыаларым “Ходуһа”, “Оҕо саас”, “Дьиэ кэргэн таптала”,”Доҕотторбор “, Түүлбэр” диэннэр. Барыта уонтан тахса бэйэм айбыт ырыаланным.
- “Ходуһа” диэн ырыаны мин олус сөбүлүүбүн. Бу ырыа от үлэтэ саҕаланнар эрэ саха араадьыйатыгар өрүү тыаһыыр.
- Саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов хоһоонноох кинигэтин бибилэтиэкэттэн булан аахпытым. Онно “Өлөөн үрэҕин үрдүгэр” диэн Николай Прокопьев матыыбыгар ырыа, улахан бэйиэт тылларыгар суруллубутун саҥа билбитим. Дойдубуттан тэйэ сылдьар киһиэхэ кини хоһоонноро олус чугастык, сүрэҕим кылын таарыйан киирбиттэрэ. Ахтылҕаны бэйэбэр үөскэппитим. “Ходуһа” хоһоону ааҕааппын кытары ырыа матыыба бэйэтинэн киирэн кэлбитэ. Бэйэбэр олус чугас буолбута.
- Мин эйигин бэйиэт Иван Арбита поэзиятын сүгүрүйээччитин быһыытынан сыаналыыбын.
- Иван Арбита “Долгуннар” поэматын өссө кэллиэскэ үөрэнэ сылдьан аахпытым, бэйэбэр эмиэ олус чугастык ылыммытым. Ити поэмаҕа олох очура барыта хоһуллан суруллар. “Долгуннар” диэн мин санаабар олох долгуннара, олох охсуулара диэн буолар. “Айыллааҥҥа” үлэлии сылдьан Иван Арбита “Уһуннук утуйан хаалбыппын” диэн айымньытынан социальнай ролик уһулбуппут. Арыгыһыт киһи туһунан. Бу ролик “Республика кино” диэн бэстибээлгэ бастакы миэстэни ылбыта. Айар үлэбэр бастакы саамай улахан ситиһим ити этэ. “Биэрэккэ поэт уол турбута…” Тоҕо итинник ааттаатын диэн үгүс киһи ыйытар. Поэма аата “Долгуннар” диэн, биллэн туран ити поэманан туруордаҕым дии. Өрүс диэн олох, биэрэк диэн олоххо өссө үктэнэ илик киһи курдук көрөбүн. Ол аата бу кини олоххо киирбэккэ биэрэккэ туран хаалбыт, бэйэтэ соҕотоҕун… Олох долгуннарыгар охсуллан биэрэккэ тиксэн туран хааллаҕа дии, олоҕун үчүгэйдик олорботох. Ити айымньынан испэктээги туруоруу уруккаттан өйбөр баар этэ: “хайдах суруйабын, хайдах туруорабын?” диэн өйдөбүллэр. Иван Арбита поэзиятын аахтахха, кини айымньылара хайа да кэмҥэ, билиҥҥи да олоххо сүрдээх актуальнайдар.
- “Алыптаах мааска” бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбитин кэннэ, эдэр режиссер киһиэхэ туох эбии санаалар киирдилэрий?
- “Алыптаах мааска” бэстибээлгэ уопут ыла, уопут атастаһа, атын тыйаатырдар үлэлэрин билсэ, көрө тиийбиппит. Барыта 20-тэн тахса ааттаах–суоллаах норуодунай тыйаатырдар кытта кэлбиттэрэ. Ол курдук, Сунтаартан, Бүлүүттэн, Кэбээйиттэн, Алдантан, киин уонна илин эҥэр улуустартан бааллара. Кыайан бараммын өр баҕайы итэҕэйбэккэ сылдьыбытым. Дьэ, билигин саҥа идеялар киирэн эрэллэр. “Ыһыктынан кэбиһимиэххэ наада быһыылаах” дии санаабытым, хаалан хаалбакка, өссө тэптэрэн, өссө саҥаны, атыны айан, дьон интириэһин тардан үлэлиэххэ наада, оннук гыннахха эрэ үлэ таһаарыылаах буолар. Норуодунай тыйаатырга режиссерынан үлэлии киирбитим улахан эппиэтинэс буоллаҕа. Үйэ аҥарын тухары аатыран кэлбит тыйаатыр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Надежда Заболоцкая, Иван Бушков курдук улахан дьон салайан кэлбит тыйаатырдара. Саҥа үлэлии киирбит режиссер быһыытынан тыйаатырга саҥа артыыстары таһаарыахтаахпын, баар гыныахтаахпын диэн сорук туруоруммутум. Бу испэктээккэ түөрт саҥа артыыс оонньоото. Билигин эмиэ саҥа артыыстары ыҥырыахпын, үлэлэһиэхпин баҕарабын. “Саха аныгы драматургията” диэн кинигэ баар, онно олус үчүгэй пьесалар бааллар, ити айымньылартан туруоруу былааҥҥа баар.
- Василий, эн, Хоту дойду уола аан бастаан Чурапчыга кэлэн бараҥҥын туохтан сөхпүккүнүй?
- Дойдубар сылдьан ардаҕы наһаа сөбүлүүр этим. Манна Чурапчыга кэлэн баран ардаҕы төрүт абааһы көрөр буоллум. Тоҕо диэ? Манна барыта бадараан буолан хаалар, ону сөбүлээбэппин. Өлөөҥҥө наһаа итинник буолбатах, түргэн баҕайытык кууран хаалар. Биһиги дойдубут хайалаах. Оттон манна кумаара суоҕа үчүгэй. Чурапчы киин сир буолан үлэлииргэ, сайдарга кыах элбэх. Атын улуустарга сылдьан тэҥнээн көрдөххө үлэбин саҕалаабыт сирим олус чугас, күндү. Манна элбэх чугас доҕоттордоохпун, куруук көмөҕө кэлэр дьонноохпун. Ол гынан баран төрөөбүт сирим, дойдум дьоно син биир сүрэхпэр чугастар.
- Василий истиҥ кэпсээнин иһин махтанабын, үлэҕэр-хамнаскар бары үтүөнү, ситиһиини баҕарабын.
Наталья Захарова, РФ Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй