Чурапчы эдэр бөҕөстөрө “Боотурдар оонньууларыгар” өрөгөйдөөтүлэр

Сахалартан бастакынан уолаттарга көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйүөнүнэн буолары ситиспит, ытык Тааттаҕа төрөөбүт-үөскээбит, Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин иитиллээччитэ Илларион Георгиевич Федосеев бирииһигэр “Боотурдар оонньуулара” СӨ ыспартыыбынай тустууга бэстибээлэ “Өрөгөй” успуорт уораҕайыгар буолан ааста.

“Боотурдар оонньуулара” Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн оҕолорго 1999 сылтан ыытыллар. Саастарынан түөрт бөлөххө араарыллара. 1000-1500 тыһыынча оҕолор түмсэн “Туймаада” стадионугар аҕыс кэккэлэччи тэлгэммит көбүөрдэргэ тусталлара.

Устуоруйа быыһын сэгэтэн көрдөххө, ааспыт үйэ 60-с сылларын бүтүүлэригэр Чурапчытааҕы оскуола-интэринээккэ Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин тустууга оскуолатыгар Илларион Федосеев Тааттаттан доҕотторун кытта анаан-минээн эрчиллэ кэлбиттэрэ. Сахабыт сирин араас оройуоннарыттан элбэх уолаттар түмсүбүттэрэ. Ити кэмҥэ албан аатырбыт бөҕөспүт, Олимпийскай чөмпүйүөн, үс төгүллээх аан дойду чөмпүйүөнэ Павел Пинигин сэттис кылааска үөрэнэрэ.

“Өрөгөйгө” кэккэлэччи тардыллыбыт үс көбүөрдэргэ греко-римскэй уонна көҥүл тустууга бэрт сэргэх хапсыһыылар буолуталаатылар. Оҕолор тустар таһымнара араас,  тэҥэ суох диэххэ сөп. Бастакы эргиирдэргэ балачча уопуттаахтар, тустуу албастарын баһылаабыттар күннээтилэр. Лаппа баһыйыылар, ыраас кыайыылар элбэхтэр. Сытыы, түргэн хамсаныылардаах, иҥнэн-толлон турбат, тустууга дьоҕурдаах оҕолор бааллара харахха быраҕылынна.

Дьокуускай куорат, Үөһээ-Бүлүү, Мэҥэ-Хаҥалас, Амма, Чурапчы, Томпо, Горнай, Ньурба, Нам, Ньурба, Өймөкөөн, Нерюнгри, Алдан, Роман Дмитриев аатынан ОЭУ тустуук оҕолоро кыайыылары ситиһэннэр, бириистээх миэстэлэргэ тиксэннэр, Сахабыт сиригэр греко-римскэй тустуу тэнийэн-сайдан иһэрэ көһүннэ.

Дмитрий Коркин аатынан Чурапчытааҕы республиканскай ыспартыыбынай олимпийскэй эрэллэри бэлэмниир  орто оскуола-интэринээт иитиллээчилэрэ: 35 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах бөҕөстөргө Ерлан Федосеев (Горнай) – 1 миэстэ, Сулустаан Васильев (Чурапчы-Мугудай) – 3 миэстэ; 38 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах бөҕөстөргө Марат Яковлев (Ньурба-Маалыкай) – 2 миэстэ;  30 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах бөҕөстөргө Валера Диодоров (Чурапчы нэһилиэгэ) – 3 миэстэ; 48 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах бөҕөстөргө Айаал Аржаков (Чурапчы нэһилиэгэ) – 3 миэстэ буолары ситистилэр.

 

Сэмэн Жендринскэй