Бэҕэһээ о.э. олунньу 29 күнүгэр, Чурапчы нэһилиэгин “Боотур Уус” ытыы тииригэр, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, Афанасий Софронов аатынан бириэмийэ лауреата, икки төгүллээх Чурапчы улууһун уонна СӨ ытыыга успуордун “Бастыҥ тириэньэр” аат хаһаайына, Кытаанах нэһилиэгин, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Николай Смирников-Төлөөйүскэй үбүлүөйдээх 75 сааһыгар анаммыт күрэхтэһии түмүктэннэ.
Бу күрэхтэһии Чурапчы улууһун үөрэнээччилэрин итиэннэ улахан дьоҥҥо комплекснай ыспартакыйаада сочуотугар ааҕыллар. Ытыы көрүҥүн түмүктэринэн иһитиннэрдэххэ
“Куруппааскы” ( оҕолорго 13 кыттааччы)
1 миэстэ – Дьулус Хоютанов (Дириҥ);
2 миэстэ – Арылхан Барашков (Кытаанах);
3 миэстэ – Тимур Посельскай (Дириҥ).
“Куруппааскы” (улахан дьоҥҥо 11 кыттааччы)
1 миэстэ – Прокопий Пермяков (Мугудай);
2 миэстэ – Петр Бабиченко (Кытаанах);
3 миэстэ – Семен Корякин (Дириҥ).
“Тииҥ” (оҕолорго 23 кыттааччы)
1 миэстэ – Бэргэн Терютин (Мугудай);
2 миэстэ – Арыйаан Потапов (Кытаанах);
3 миэстэ – Станислав Оконешников (Мугудай).
“Тииҥ” (улахан дьоҥҥо 13 кыттааччы)
1 миэстэ – Владимир Дьячковскай (Чурапчы);
2 миэстэ – Прокопий Пермяков (Мугудай);
3 миэстэ – Георгий Пугачев (Дириҥ).
“Тииҥ” (кыргыттарга 10 кыттааччы)
1 миэстэ – Татьяна Рязанская (Мугудай);
2 миэстэ – Айталаана Захарова (Кытаанах);
3 миэстэ – Наталия Андросова (Кытаанах).
“Куруппааскы” (кыргыттарга 10 кыттааччы)
1 миэстэ – Алгыстаана Куприянова (Дириҥ);
2 миэстэ – Айталаана Захаров (Кытаанах);
3 миэстэ – Татьяна Рязанская (Мугудай).
“Тииҥ” (дьахталларга)
1 миэстэ – Лия Петрова (Чурапчы).
“Тииҥ” (бэтэрээн эр дьоҥҥо)
1 миэстэ – Семен Корякин (Дириҥ).
Анал бириистэр:
- “Саамай эдэр кыттааччы” – Талбан Охлопков (Мугудай);
- “Эдэр кэскиллээх кыттааччы” – Арсения Винокурова (Кытаанах);
- “Үчүгэй көрдөрүү” – Владимир Дьячковскай (Чурапчы);
- Николай Смирников анал тэлэбиисэр бирииһэ – Дьулус Хоютанов (Дириҥ).
Сэмэн Жендринскэй. Хаартыскалары Кытаанах нэһилиэгин дьаһалтата тиксэрдэ