Чурапчы Чакырыгар үлэһит дьону чиэстээтилэр

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Саха сиригэр Үлэ, Чурапчы улууһугар Ытыктабыл, Чакыр нэһилиэгэр Дьөһөгөй  сылын чэрчитинэн «Үлэ киһитин уруйдаан» диэн дьоһун тэрээһин буолан ааста.

 

Үөрүүлээх чаас аһыллыытыгар 40-ча тиэхиньикэнэн, 10-ча ат көлөнөн, сатыы Чакыр туруу үлэһит дьоно сэлэлээн хааман киирэн «Үлэ албан аата» скверигэр муһуннулар. Эҕэрдэ тылларын Чурапчы улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Кронникова, Чакыр нэһилиэгин баһылыга Константин Лебедев, бас-көс фермерскэй хаһаайыстыба салайааччыта Иван Ануфриев эттилэр. Үөрүүлээх чааһы нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, 90 саастаах Мария Викторова ураты үчүгэй оһуохайынан киэргэттэ. Үлэни өрө туппут тумус туттар дьон наҕараадалары туттулар.

Бэлиэтээн эттэххэ, нэһилиэккэ «Үлэ албан аата» сквер аһыллыбытта син балай да буолла. Быйыл манна олохтоохтортон туруу үлэһит  дьон аата-суола суруллан ыйаммыт.

Чакыр нэһилиэгин дьаһалтата, олохтоохторо бу дьоро күн тэриллэригэр күүс-көмө буолбут, бииргэ үлэлэһэ сылдьар дьонноругар А.П.Павловка (ОДьКХ ХЭТ), Е.А.Керемясовка («Эксперт телеком» ХЭТ), гаас хочуолунайын бэдэрээччиттэригэр («СК Транс» ХЭТ, улуус Сэбиэтин дьокутаатыгар ИП Е.Е.Анемподистовка, Чурапчы нэһилиэгин «Автопрофи» маҕаһыыныгар (салайааччы Л.П.Максимова) барҕа махталларын тиэрдэллэр.

 

Наталья Сибирякова