Прокопий Сокольников аатынан Чурапчытааҕы киин балыыһа харах кабинетын үлэһиттэрэ, кылаабынай быраас Николай Сивцев быһаччы дьаһалынан, катаракта ыарыытынан моһуогурбут ыарыһахтары испииһэктээн, эмтээһиҥҥэ ылсыбыттара хаһыс да сылыгар барда.

Бу бүгүн, Чурапчы улууһуттан 26 ыарыһах Дьокуускайдааҕы харах балыыһатыгар икки күн устата саҥа хирургическай тэрил көмөтүнэн харах сечаткатыгар уустук эпэрээссийэлэри кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаахтык оҥотторон кэллилэр.

“Катаракта ыарыыта бу Аан дойду үрдүнэн, киһи-аймах, ордук сааһырар кэмигэр хараҕын хрусталиктара өлбөөрөн туманынан-имэнинэн көрөр буолууларыгар тириэрдэр. Хомойуох иһин, биһиги киин балыыһабытыгар билиҥҥээҥи диэри маннык үрдүк таһымнаах эпэрээссийэни оҥорорго лицензиябыт суох. Ол оннугар, Дьокуускай куоракка харах балыыһатын, чуолаан Иван Петрович Луцканы кытары дуогабар түһэрсэммит, былырыыҥҥыттан саҕалаан күһүн-саас бэйэбит ыарыһахтарыбыт харахтарын оҥотторор буола сылдьабыт. Ааспыт бэнидиэнньик, оптуорунньук күннэргэ биһиги дьоммут тутатына харах балыыһатыгар киирэннэр, харахтарын этэҥҥэ оҥотторон таҕыстылар. Маҥнай харахпыт бырааһа Диана Сотникова 40-ча ыарыһаҕы испииһэктээн бэлэмнээбитэ, ол кэнниттэн куораттан исписэлиис кэлэн көрөн баран, 30-ча оҥоһуллуон сөптөөх дьону наардаабыта. Биһиги маннык үлэбитин улууспут дьаһалтата күүскэ өйүүр, үөрэх управлениетын салалтатын көмөтүнэн, автобус массыына көрүллэн икки күн устата ыарыһахтарбыт кыһалҕата суох айаннаан кэллилэр. Биллэн туран маннык хамсааһын кыһалҕалаах дьоммутугар саамай тоҕоостоох, ханна даҕаны онно-манна сылдьыбаккалар, эргийбэккэлэр, тутатына харах балыыһатыгар тиийэннэр оҥотторон кэллэхтэрэ ити. Дьоммут-сэргэбит үөрүүлэрэ, махталлара улахан”, — диэн кылаабынай быраас Николай Сергеевич сонунун үллэһиннэ.

 

Сэмэн Жендринскэй