Чурапчытааҕы киин балыыһаҕа, “иһим улаханнык ыалдьар” диэн үҥсүүлээх  38 саастаах дьахтар киирбит.

Хирургическай отделение быраастара уһаппакка-кэҥэппэккэ тутатына эпэрээссийэлээннэр ыарыһах синньигэс оһоҕоһуттан бөдөҥ хортуопуйу сыалайдыы ороон ылбыттар. Бу туһунан Чурапчытааҕы киин балыыһа хирург бырааһа Илья Оконешников СИА-ҕа иһитиннэрдэ. Ыарыһах хортуопуйу сыалайдыы ыйыстан баран биир сууккаттан ордук кэм буолан баран биирдэ быраастарга биллибит.

“Ыарыһах биһиги балыыһабытыгар иһинэн моһуогуран икки күн анараа өттүгэр киирбитэ. Иһэ бүтүннүү үллэн, күүскэ ыалдьыбыт ол тухары бу хортуосканы ыйыстыбыппыттан буолуо диэн санаабатах. Өр толкуйдуу барбакка эпэрээссийэлибиппит. Маҥнай атыннык санааммыт эпэрээссийэлээбиппит онтубут баара синньигэс оһоҕоһугар хортуоска сыалайдыы кыбыллыбыт этэ. Ол түмүгэр бөдөҥ хортуопуй ситэри буспакка да хаалбыт этэ”, — диэн быраас-хирург Илья Владимирович кэпсиир.

Быраастар этиилэринэн, эпэрээссийэ этэҥҥэ ааспыт. Ыарыһах нөҥүө күн туран хаампыт, билигин дьиэтигэр тахсаары бэлэмнэнэр эбит.

Сэмэн Жендринскэй