Чурапчы улууһун булчуттара быйыл күһүн туйахтаахха, “кырдьаҕаска” ким бултуурун, саа тутуурдаах тыаҕа көҥүллүк сылдьарын аһаҕастык ыытыллар сэрэбиэйгэ, атырдьах ыйын 3 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгин “Айылгы” НАДь-гэр эбиэттэн киэһэ 15 чаастан саҕалаан быһаарсыахтара. Тэрээһин түмүгүнэн 55 байанайдаах булчут күһүҥҥү булка (тайах — 4, тыатааҕы — 7, туртас — 35, бүүчээн — 4, кулааһай — 5) көҥүл ылар кыахтаныаҕа.
Чурапчы булчуттара урукку сылларга туйахтаахха, тыатааҕыны бултуур лисиэнсийэлэри биригээдэлэринэн түҥэттэр буоллахтарына, аҕыйах сыллаах мунньах кэнниттэн сэрэбиэй ыытарга быһаарыммыттара, улуус эр дьонуттан састааптаах хамыыһыйа тэриллибитэ. Күһүн бултуур баҕалаахтар үөстэн-тыаттан хото кэлэн Чурапчытааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтигэр бэс ыйын 1-тан 30 күнүгэр диэри бултуур билиэттэринэн уочаракка суруттарбыттара.
Былырыын барыта холбоон 795 булчут тайахха, туртаска, тыатааҕыны күһүн бултуур баҕалааҕын биллэрбит эбит буоллаҕына быйылгы сыллаахха айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтигэр тиийэн 319 киһи баҕатын биллэрдэ. Маннык сэрэбиэй үгэскэ кубулуйан сылын аайы ыытыллар буолла. Бултуурга көҥүлү ылыы барыта аһаҕастык, булчуттар харахтарын ортотугар ааһара эр дьоҥҥо улахан биһирэбили ылла.
Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска ааптар тус архыыбыттан