Кинини быыбардыыр учаастак бэрэссэдээтэлэ Айталина Коркина эҕэрдэлээтэ, мантан ыла быыбардарга көхтөөхтүк кыттарыгар ыҥыран туран, хамыыһыйа аатыттан өйдөбүнньүк значогу туттарда.
681 быыбардыыр учаастакка барыта 910 быыбардааччы испииһэгэ баар. Итинтэн 106-та атын сиргэ быыбардыырга сайабылыанньаны биэрбит. Оттон бу учаастакка быыбардыахпыт этэ диэн 71 киһи сайабылыанньатын биэрбит.
Елена Макаринская