Чакырга аныгы таҥыллыылаах хочуолунай арылынна (Фоторепортаж)

Бүгүн, кулун тутар 14 күнүгэр Чакыр нэһилиэгэр саҥа модульнай гаас хочуолунайа үлэҕэ киирбитин бэлиэтээтилэр. Аныгылыы ирдэбилгэ эппиэттэһэр, сонун технологияларынан хааччыллыбыт эбийиэк бэдэрээлинэй тус сыаллаах тыа сирин биир кэлимник сайыннарыы бырагыраама чэрчитинэн үбүлэннэ. Маннык бырагыраама нөҥүө Чурапчы улууһугар ахсыс хочуолунай буолар, онтон кыра бөһүөлэктэргэ Чакыр нэһилиэгэр бастакынан үлэҕэ киирдэ.

Кэлбит ыалдьыттар маҥнай, Саха норуотун бөдөҥ суруйааччыта Семен Яковлев-Эрилик Эристиин пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Хочуолунай тутуутун Юрий Тимофеев дириэктэрдээх “СК Трест” ХЭТ  саҕалаабыта. Сакаасчыт — СӨ ОДьКХ ГУТ генеральнай дириэктэрэ, СӨ Ил Түмэн дьокутаата Виталий Чикачев буолар.

Суббэдэрээччиккэ Чурапчы ыччата Петр Пинигин алта киһилээх биригээдэтэ үлэлээтэ. Чурапчы уолаттара Алексей Сысолятин, Николай Захаров, Ньургун Филатов, Сергей Дьячковскай, Апиллоний Слепцов, тырахтарыыс Дмитрий Саввинов, суоппар Степан Аржаков, погрузчигынан Илья Кузьмин  өрөбүлэ суох, сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлээннэр эбийиэги кэмигэр түмүктээтилэр. Олохтоох дьаһалта пиломатырыйаалынан, икки погрузчигынан көмөлөстө.

Хочуолунай тимир каркастаах, сэндвич-панелинэн оҥоһулунна. Уопсайа 2,4 МВТ кыамталаах 3 гаас хочуола турда. Итини таһынан икки 100 м3 баһаарынай уонна уунан хааччыйар емкостар, насоснай станция, 5м3 септик установкаланна. Итини таһынан уот, гаас барар түбэлтэтигэр аварийнай дизеллээх, 10м3 ниэби хаһаанар емкостаах, эбийиэк иһигэр санузеллаах, сынньанар хостоох. Эбийиэк төгүрүччү тимир сиэткэнэн күрүөлэннэ.

Тэрээһиҥҥэ СӨ ОДьКХ ГУТ генеральнай дириэктэрэ, СӨ Ил Түмэн дьокутаата Виталий Чикачев, оройуон баһылыгын 1-кы солбуйааччы Егор Сивцев, нэһилиэк баһылыга Константин Лебедев, ОДьКХ Чурапчытааҕы салаатын салайааччыта Георгий Александров, үлэ бэтэрээнэ, Чакыр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Филатов, ТХ “Траст” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Юрий Тимофеев саҥа тутуу лиэнтэтин быстылар, олохтоохтору эҕэрдэлээтилэр.

‒ Кэккэ сылларга биһиги улууспутугар өтөрүнэн ыытыллыбатах бөдөҥ тутуулар биир кэлимник бардылар. Саҥа модульнай хочуолунай омук сириттэн аҕалыллан үс хочуоллаах, ураты таҥыллыылаах, 2,4 мегабатт кыамталаах. Саха сиригэр биир бастыҥ хочуолунай быһыытынан сыаналанна. Таҥмыт тэрилтэ үлэһиттэрэ ону бигэргэтэллэр. Улахан эбийиэктэри хааччыйар кыахтаах хочуолунай аныгы кэм технологиятынан толору сэбилэммит. Онон салгыы саҥа оскуоланы, уопсай дьиэлэри тутууну туруорсан, олоххо киллэрэн иһэргэ былааннанабыт, ‒ диэтэ баһылык Константин Лебедев уонна үлэлэспит тутааччыларга махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттартаата.

“Чакыр нэһилиэгин олохтоохторун бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥнгик эҕэрдэлиибин. Хас биирдии нэһилиэккэ сылааһы биэрэр эбийиэк диэн дьон-сэргэ олоҕун тэбэр сүрэҕэ буолар. Саҥа хочуолунай тутуллубут эбит буоллаҕына ол аата бу бөһүөлэк инники сайдыылаах диэн өйдөнүллэр. Оһохтор кыамталара үрдүк онон Чакырга саҥа оскуола-саад тутулларыгар баҕарабыт”, — диэн СӨ Ил Түмэн дьокутаата Виталий Семенович эттэ.

Георгий Степанович хочуолунай уратыларын сырдатта. Анал температураны көрдөрөр, сииги кыраҕытык кэтиир, автоматиканан сэбилэммит прибордарынан,  оһохтор үлэлэрин, систиэмэ көмпүүтэринэн хааччыллыбытын кэпсээтэ. Гаас ситимэ арахсар түгэнигэр үс туонна сэлээркэнэн хааччынан уһун кэмҥэ сылааһы тохтообокко биэрэр кыахтаах. Сатабыллаах, эппиэтинэстээх эдэр үлэһиттэр  харыстаан уһуннук, сылаастык үлэлэтэллэригэр баҕа санаатын тиэртэ.

“Чурапчы улууһугар үлэбит былаана киэҥ, салгыы СӨ ОДьКХ  ГУТ сөбүлэҥ түһэрсибиппит түмүгэр Хадаар, Хатылы нэһилиэктэригэр үлэлэлэр ыытыллыахтара”, — диэн Егор Афанасьевич бэйэтин этиитигэр аҕынна.

Чахчы даҕаны Чакырдар үөрүүлэрэ үгүс, олохтоохтор сабыс-саҥа тутуллан киирбит эбийиэги киирэннэр эт харахтарынан көрдүлэр-иһиттилэр, сылааһы биэрэр оһохтор өссө даҕаны өр сылларга сулууспалыылларыгар алҕаатылар.

“Олус үчүгэй хочуолунайга киирдибит. Бэйэм үлэлээбитим уонтан тахса сыл буолла, уруккуну кытары тэҥнээтэххэ үлэбит лаппа чэпэчээтэ, барыта автоматика, прибордаргын көрөн, манаан сырыттыҥ даҕаны онон бүтэр.

Гаас операторын үөрэҕэр эрдэ үөрэммитим, түөрт буоламмыт солбуйса сылдьаммыт үлэлиибит. Түгэнинэн туһанан салалтатабытыгар, тутааччыларга махтанабыт”, — гаас оператор Никита Григорьев санаатын үллэһиннэ.

Кырдьыга да хомунаалынай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ хас биирдии кинилэр көрөр-истэр хочуолунайдарыгар холбонон олорор ыалга нус-хас олоҕу, дьиэлэригэр сылааһы, истиҥ эйгэни бэлэхтииллэр. 

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ