Бырааһынньык күннэригэр Кытаанахха туох буолла? Сиһилии кэпсээҥ эрэ

“Сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан бары сурутааччы кэрэ аҥардарбытын эҕэрдэлиибит! Кулун тутар ый саҕаланна, ону кытта үлэбит, ситиһиилэрбит эмиэ саҕаланнылар. Кылгастык бу үүммүт ый маҥнайгы нэдиэлэтин үлэлэрин туһунан билиһиннэрэбит. Ааспыт  ый бүтэһик күнүгэр, олунньу 29 күнүгэр биһиги киэн туттар учууталбыт, элбэх көлүөнэ ыччаты иитиигэ — үөрэтиигэ  олоҕун анаабыт, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СР физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна Николай Федорович Смирников 75 сааһынан улууспут “Боотур Уус” стадионун тииригэр салгын саанан ытыыга улахан күрэхтэһии буолан ааста. Бу күрэх үөрүүлээх чааһын биһиги нэһилиэкпит тэрийэн, кэлбит ыалдьыттары арыылаах алаадьынан, кыынньар кымыһынан айах тутан  күндүлээтибит”, — диэн СӨ култууратын туйгуна, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр чабырҕасыт, улууспут биир бастыҥ уопсастыбанньыга Любовь Монгуш сэһэргиир.

* * *

Кулун тутар 1 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн ыытылла турар “Биллэр ырыа  биллибэт ааптардара” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин бырайыагар Кытаанах нэһилиэгиттэн Любовь Монгуш, Анна Исаковалыын “Сибэккилэр” ырыаны толорон кыттыыны ылла. Бу киэһэ “Сибэккилэр” ырыа ааптара Семен Попову көрсөн дьэ, саҥардыы билистилэр. Итини таһынан “Оо, арылхай харахтаах, уп уһун суһуохтаах” диэн оччотооҕу ыччат уоһуттан түспэтэх “Чурапчым кыысчаана” диэн  ырыаны Валерий Корякин толорон дохсун ытыс тыаһын хомуйда, бу кини бииргэ төрөөбүт убайа Иван Корякин суруйбутун истээччилэр эмиэ саҥардыы биллилэр. “Алаас кыыһа” ырыаны өрөспүүбүлүкэбит  үтүөлээх артыыһа Варвара Аманатова ыллыырын бары билэбит, ол гынан баран бу ырыаны Дириҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх бэйиэт Василий Петров-Айыл суруйбутун сорохтор эмиэ саҥа иһиттилэр. “Айан ырыата” суоппардар гимнэринэн буолар диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо. Онтон бу ырыаны Михаил Дьяконов суруйбутун Иван Егоров толордо. Дьэ ити курдук биллэр ырыалар биллибэт аптардарын кытта истиҥ билсиһии  киэһэтэ буолан ааста.

Бу күн А.А.Сивцев аатынан Сылаҥнааҕы сынньалаҥ киинигэр “Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ” аһымал кэнсиэргэ Чурапчы улууһун нэһилиэктэрин талба талааннаахтара муһуннулар, Кытаанах нэһилиэгиттэн Степан Прохоров кыттыыны ылла.

*  *  *

Кулун тутар 2 күнүгэр оройуоннааҕы “Айылгы” НАДь-гэр “Уруйдан, Пионерия!” диэн тэрээһин буолан ааста. Бу Саха сиригэр пионерия тэриллибитэ 100 сылыгар анаммыт дьаһалы Кытаанахтааҕы “Түһүлгэ” норуот айымньытын Дьиэтин иһинэн үлэлиир “Иэйии” коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта Екатерина Гаврильевна Андреева көҕүлээһининэн тэрилиннэ. Тааттаттан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Дьокуускайтан, Чурапчыттан, Уус Алдантан уопсайа холбоон 70-тан тахса киһи кэлэн Пионерия туһунан коллекцияларын быыстапкатын туруордулар, араас конкурстар ыыттылар. Ол курдук “Пионерия мин олохпор” чымадааҥҥа мусуой, “Былыргы пионер мала-сала”, “Пионер кэминээҕи наҕараадам”, “Оскуолатааҕы өйдөбүнньүк малларым»” куонкурстарга 31 киһи кытынна. Кэлбит ыалдьыттарга “Иэйии” коллекционердар үлэлэрин кэпсиир буклеттар, пионер баһаатайдарга юбилейнай вымпеллар, куонкурус кыайыылаахтарыгар сувенирдар, дипломнар туттарылыннылар. Коллекционердар муспут малларын атастаһыылара, атыылара тэрилиннэ. Бу тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут “Айылгы” НАДь салалтатыгар, кафетерий үлэһиттэригэр, Кытаанах оскуолатын үлэһитигэр В.Н.Трофимовка, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Е.И. Скрябинаҕа, “Иэйии” коллеционердар салайааччыларыгар Е.Г. Андрееваҕа тэрийээччилэр дириҥ махталларын тириэрдэллэр.

*  *  *

Кулун тутар 5 күнүгэр улууспут киинигэр “Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын” биллиилээх чабырҕахсыт М.А. Герасимова-Сэҥээрэ аатынан чабырҕаҕы толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас күөн күрэстэрэ “Айылгы” НАДь буолла. Барыта 166 кыттааччы 10 тахса бөлөх, биирдиилээн толорооччулар кэлэн көрүстүлэр. Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Чурапчы улуустарыттан бу сэдэх көрүҥү тарҕатааччылар кэлэн илин-кэлин түһүстүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ бэрэссэдээтэлинэн Мария Андреевна бэйэтинэн олордо, киниэхэ Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин уһуйааччылара Александра Васильева, Мария Боппоенова, Чурапчытааҕы Пермяков аатынан үөрэх түмэлин сүрүн үлэһитэ Екатерина Егорова көмөлөһөн үлэлээтилэр.

Кытаанахтааҕы “Түһүлгэ” НАДь иһинэн үлэлиир “Оторой-моторой” оҕолорго чабырҕах бөлөҕүн 2-с састааба кыттан “Биһирэбил” ааты ыллылар.  Кылаас үөрэнээччитэ Ванесса Борисова оҕолорго 3 үрдэл, улахан дьоҥҥо биирдиилээн толорууга Сусанна Васильевна Лазарева 3 үрдэл, Любовь Николаевна Монгуш 1 үрдэл аатын ыллылар. Онтон “Кытаанах кыайардара” улахан дьоҥҥо чабырҕахсыттар бөлөхтөрө 3 үрдэл  буоллулар. Оҕолорго Кылаан бирииһи Аня Макарова Чурапчытааҕы гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ ылан DNS маҕаһыын 20.000 сууммалаах каартатын тутта, онтон улахан дьоҥҥо Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тиэлиги нэһилиэгиттэн “Билбит-көрбүт” чабырҕахсыттарын бөлөҕө эмиэ бу маҕаһыынтан 35.000 сууммалаах каартаны тутан үөрдүлэр.

Бу күн Кытаанахтааҕы бибилэтиэкэ үлэһитэ Лена Александровна  Пономарева көҕүлээһининэн “Сааскы иэйиилэр” көрсүһүү буолла.  Бу көрсүһүүгэ сибэкки, оҕуруот аһын сиэмэлэрэ атыыга таҕыстылар, ону таһынан таҥаһынан куукула оҥоруутугар маастар-кылаас ыытылынна.

*  *  *

Кулун тутар 6 күнүгэр “Түһүлгэ” НАДь-гэр, нэһилиэкпит успуорт инструктора Иван Оконешников көҕүлээһининэн Аан дойду дьахталларын күнүгэр аналлаах, дьахталларга биирдиилээн сочуокка  остуол тиэньиһигэр күрэхтэһии ыытылынна.  Кыайыылааҕынан Лена Пономарева, 2 миэстэҕэ Мария Пономарева, 3 миэстэҕэ Александра Борисова буоллулар. Итини сэргэ пааранан бильярд күрэхтэһиитин тэрийдилэр. Уопсайа холбоон 7 паара кытынна. Түмүккэ кыайыылаахтарынан Мария Пономарева, Валера Яковлев хамаандалара 1 миэстэ, Александра Пономарева, Иван Оконешников хамаандалара 2 миэстэ уонна 3 миэстэни  Альбина Лугинова, Владимир Боякинов, Екатерина Скрябина, Дмитрий Кириллин хамаандалара   үллэһиннилэр. Дьахталларга тиэньискэ, бильярдка многоборье күрэхтэһиитигэр 1 миэстэ Александра Борисова, 2 миэстэ Лена Пономарева, 3 миэстэ Мария Пономарева тахсаннар олохтоох дьаһалта туруорбут сыаналаах бириистэринэн, дипломнарынан наҕараадаланнылар.

*  *  *

Кулун тутар 7 күнүгэр “Түһүлгэ” НАДь-тин иһинэн үлэлиир куруһуоктар бөлөхтөрө ыаллыы сытар Арыылаах нэһилиэгэр сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан “Сандал сааһынан…” диэн ааттаах эҕэрдэ кэнсиэрди көрдөрөн кэллилэр. “Саһарҕа” квартет, “Тэтим” ВИА, үҥкүүһүттэр, “Бэйэ дьоно” сценка бөлөхтөрө көрдөөх нүөмэрдэрдээх, ыллам ырыалаах дьоро киэһэни бэлэхтээн, көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын хомуйан кэллилэр.

*  *  *

Дьэ уонна сааскы  маҥнайгы бырааһынньыкка аналлаах дэкээдэни “Таптыыбын дойдубун, доҕотторбун, бар дьоммун” диэн олус истиҥ ааттаах кэнсиэри Алла уонна Петр Максимовтар дьиэ-кэргэттэрэ бэлэхтээн түмүктээтилэр. Кинилэр Нам улууһун кииниттэн Кытаанахха ырыа-тойук кэһиилээх, төрөппүттэрин, оҕолорун, доҕотторун илдьэ кэлэн олус истиҥ киэһэни бэлэхтээтилэр.

Дьоро киэһэҕэ Кытаанах нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын уонна дьокутааттарын ааттарыттан эҕэрдэ тылы кэрэ аҥардарга анаан нэһилиэк дьокутаата Василий Потапов тыл эттэ, ылбаҕай ырыатынан эҕэрдэлээтэ Степан Прохоров.

Дойдуга — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо саас сылларыгар анаан, Аан дойду дьахталларын күнүнэн бииргэ төрөөбүт кыргыттарга анаан “Аҕас-балыс” хаартыска күрэҕэ ыытылынна. Түмүккэ 3 миэстэ Эвелина, Элла, Ева Бабиченколар, 2 миэстэ Айыына Аммосова эдьиийинээн Аэлиталыын, 1 миэстэ — Айлаан, Харыйаана Пономаревалар уонна Муҥутуур кыайыылаахтарынан Наина Дьяконова эдьиийдэринээн Алиналыын,  Натальялыын уонна “Түһүлгэ” НАДь-тин “CHILL” хоһугар бырааһынньык ыытар сэртэпикээти туттулар. Бары миэстэлэрспит кыргыттар дипломнарынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Улууспут бары хаһыаты ааҕааччыларын өссө төгүл сааскы үтүө бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибит, бары үчүгэйи, ситиһиилэри баҕарабыт!

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ