Былыргы саха сэргэлэрин араас көрүҥнэрэ, аналлара, сиэрдэрэ-туомнара, хайдах сайдан уларыйан испит устуору йалара билиҥҥээҥи диэри киминэн да сиһилии, дириҥник, ситэ-хото чинчиллэ, үөрэтиллэ иликтэр. Дьэ ол иһин биһиги арыый саас ортолообут көлүөнэлэр норуот эрэ сэһэниттэн бэрт кыраны истэн билэбит.
Ол да буоллар, былыргыны билиэн-көрүөн баҕалаах сорох ааҕааччыларга сэргэлэр тустарынан, төһө билэрбинэн, аҕыйах тылынан билиһиннэрэргэ холонуом.
Норуот сэһэнинэн саамай былыргы сэргэлэринэн: “Кыргыс”, “Туруйа”, “Саадах” уонна “Сатанах” сэргэлэрэ буолаллар.
“КЫРГЫС СЭРГЭТЭ” – түҥ былыр, биир биис ууһа атын биис ууһун өлөрө-өһөрө сэриилии барарыгар туруораллара үһү. Ол сэргэ үөһэ оройугар батыйалаах, ол аллара өттүгэр икки ытарҕа муостаах, сэргэ тула ох ойуулардаах буолара үһү.
“ТУРУЙА СЭРГЭ” – аллара өттүгэр биир суон соҕус туруору мутуктаах, синньигэс соҕус тиити быһан, ыраастаан, тэлгэһэҕэ туруораллар. Аты миинэн кэлбит ыалдьыт аттан түспэккэ олорон, тэһиинин ол мутукка кэтэрдэ быраҕарыгар аналлаах.
“СААДАХ СЭРГЭ” – алларанан соҕус икки үөһэ аллара мутуктардаах синньигэс тиити быһан ыраастаан аҕалан тэлгэһэҕэ туруораллар, икки мутуктан үөһэтигэр ох сааны, иккиһигэр – охтоох кэһэҕи ыйыырга аналлаах.
“САТАНАХ СЭРГЭ” – элбэх баай лабаалардаах синньигэс тиити быһан ыраастаан дьиэ айаҕар чугас туруораллар. Ол сэргэҕэ бултуур тэриллэри, туттар маллары ыйыыллар, аты да баайаллар үһү.
Элбэх күннэр-дьыллар ааспыттара, ол аайы кыргыс, туруйа, саадах, сатанах сэргэлэр улам хаалан умнуллан улам сыыйа сүтэн барбыттара. Кинилэр оннуларыгар сыыйа тупсарыллан кэлин моойдоох, ойуулаах сэргэлэр өбүгэлэрэ солбуйан ипситтэрэ. Моойдоох сэргэлэр XVII-с үйэттэн саҕалаан тэнийбиттэрэ диэн буолар. Моойдоох сэргэлэр көрүҥнэрэ манныктар: тэлгэһэ (тусаһа) сэргэлэрэ, ыһыах, итэҕэл, сэлэ тохтобул (айан) сэргэлэрэ.
ТЭЛГЭҺЭ СЭРГЭЛЭРЭ – былыр саха ыала, саҥа дьиэ туттаҕына, сэргэни тэҥҥэ оҥорон туруорара. Оччотооҕу өйдөбүлүнэн сэргэ дьиэ дьоло-соргута, кэскилэ, ымыыта дэнэрэ. Дьадаҥы ыал биир, онтон баай ыаллар төһө кыахтарыттан сэргэ ахсаана тутулуктааҕа – 3-12 дылы сэргэни туруораллара. “Тоҕус томтордоох тойон сэргэ” эбэтэр “аҕыс эрбэхтээх аар баҕах сэргэ” диэн бастыҥ сэргэни ааттыыллара. Сэргэлэр ойуулара туспа анал-анал ааттардаах, оройдоругар үксүгэр төгүрүк баҕах ойуулардаах бастыҥ сэргэҕэ сороҕор түөртүү ат баһа ойуулаах адьас, былыр үс төбөлөөх өксөкү кыыл ойуулаах буолара үһү. Баай ыаллар хас саҥа кийиит сүктэн кэллэҕин аайы, олус ытыктабыллаах сэдэх хоноһо хонноҕуна, барытыгар сэргэ туруораллара. Оннооҕор уол оҕо төрөөтөҕүнэ эмиэ туруораллара.
ЫҺЫАХ СЭРГЭЛЭРЭ – былыргы ыһыахтарга “Түһүлгэ сэргэлэрэ” диэни туруораллара. Ол сэргэлэр 2 миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх, икки ардылара биир былас холобура, сэргэлэр моонньуларын ыксатынан туорай мас холбооһуннаах, ол туорайга улахан кымыстаах симиир иһити түөрэ түспэтин диэн баайаллар.
Кыра соҕус баай – ортотунан туорайдаах икки сэргэни туруорар, ону “икки аттаах ийэ түһүлгэ” диэн ааттыыллара. Улуу баай, үс туорайдаах түөрт сэргэни туруорара, ону “түөрт атахтаах түөлбэ түһүлгэ” диэн ааттыыллара. Түһүлгэлэр тастарыгар симэхтээх ыҥыырдаах маҕан аты баайар аарыма, ойуулаах сэргэни туруораллара.
СЭЛЭ СЭРГЭЛЭРЭ – кымыс кымыстыыр баайдар, биэ ыанар титиигин таһыгар, киһи үрдүгүн саҕа “сэлэ сэргэлэрэ” диэни туруораллара. Сэргэ ахса баай төһө кытыты ыатарыттан тутулуктааҕа. 3-9-ка тиийэ буолара. Сэргэлэр икки ардылара үстүү хардыы курдук буолара. Сэргэлэри моойдоруттан тиһэ, бөҕө быанан чиккэччи баайан холботолууллара, сэргэлэр икки ардыларыгар, быаҕа, биирдии мас чурумчуга кулуннары баайталыыллара, ахсым кулун мөхсөн сээкэйин дэҥнээбэтин диэн. Оннук сэргэлэри “кулун баайар тоҕой сэлэ сэргэлэрэ” диэн ааттыыллара.
ТОХТОБУЛ эбэтэр АЙАН СЭРГЭЛЭРЭ – былыргы саха улуустарын баайдара, сайын аайы, түһээн быһыытынан Охотскайтан, Айаантан Хоту Үөһээ Дьааҥыга, Халымаҕа о.д.а. уһук ыраах сирдэргэ элбэх атынан ындыы көтөхтөрөллөрө. Онуоха түмүк-түмүк сирдэргэ аттары баайан уоскутарга анаан сэргэлэри туруортууллара. Оннук сэргэлэри — “Тохтобул” эбэтэр “Ат уоскутар айан сэргэлэрэ” диэн ааттыыллара.
Сэргэлэр көрүҥнэриттэн итэҕэл сэргэлэр олус элбэхтэр. Сэргэни оҥоруу, ойуутун-бичигин ситэрии, киэргэтэн – барыта дьадаҥы саха күүһүнэн, кини талаанынан оҥоһуллара. Ол иннэ диэн оҥорбут киһи тугу да ылбат этэ, ол оннугар баай дьоһун аата-суола киэҥ сирдэринэн эргийэрэ… Оҥорбут киһи умнууга хаалара.
Дьэ итинник, сэргэлэр тустарынан кылгастык аҕыннахха.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ