Бүгүн — Чурапчытааҕы Ис дьыала уорганын үлэһиттэрин идэлээх күннэрэ

Арассыыйа үрдүнэн Полиция күнэ сылын ахсын сэтинньи 10 күнүгэр бэлиэтэнэр. Ол курдук, 1917 сыллаахха бу кэмҥэ Россия Ис дьыалаларга народнай комиссариата (НКВД) “Оробуочай милиция туһунан” декрети ылынан, ити докумуон быһыытынан Үлэһит уонна саллаат дьокутааттар Сэбиэттэрин иһинэн үлэһит аймах милициятын олохтууллар. Устуоруйаҕа бу бэлиэ түбэлтэ официальнай таһымҥа РФ Бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев 2011 сыл алтынньы 13 күнүнээҕи 1348 №-дээх Ыйааҕынан “Российскай Федерация Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин күнүнэн” бигэргэтиллибитэ.

Сэтинньи 8 күнүгэр, Полиция сулууспатын үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин бу бэлиэ күнүнэн Чурапчытааҕы полиция начаалынньыга, подполковник Иннокентий Свинобоев эҕэрдэлээтэ, анал званиелары уонна махтал суруктары туттарда.

“Дойдуга Ис дьыала уорганын сотруднигын күнүнэн итиитик–истиҥник салалта аатыттан эҕэрдэлиибит! Хас биирдиигит кытаанах доруобуйалаах буоларыгар, дьоммут-сэргэбит тустарыгар чэпчэкитэ суох үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр сылаас сыһыаны, өйдөһүүнү, или-эйэни баҕарабыт!”, — диэтэ Иннокентий Дмитриевич.

Олунньу ый 9 күнүгэр 1921 сыллаахха Чурапчы оройуонугар (оччотооҕуга Боотурусскай улуус) Чурапчы сэлиэнньэтигэр эдэр хомсомуол уолаттар Николай Дмитриевич Кривошапкин-Уот Субуруускай, Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин, оччотооҕу фельдшер С.Н. Сокольников мустаннар, уопсайа 27 ыччат дружина тэринэллэр. Ити күнтэн Чурапчы милииссийэтин үлэтэ саҕаланар, норуот көҥүлүн, нус-хас олоҕун көмүскээһиҥҥэ туруналлар.

Үөрүүлээх чааска Чурапчытааҕы полиция бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, ис сулууспа оставкаҕа майора Дмитрий Евграфов, полиция начаалынньыгын солбуйааччы, подполковник Дьулустан Тихонов, Ис дьыала бэтэрээнэ, юстиция оставкаҕа подполковнига Константин Платонов, полиция начаалынньыгын солбуйааччы, подполковник Петр Сивцев уонна Ис дьыала бэтэрээнэ, милииссийэ оставкаҕа старшай лейтенана, мусуой салайааччыта Николай Игнатьев кыттыыны ыллылар.

Манна кинилэр сулууспалыы сылдьан суорума суолламмыт уолаттар ааттарын кэриэстээн, ахтан-санаан аастылар. Кинилэр — эр санаа, хорсун быһыы, патриотизм уонна бирисээгэҕэ бэриниилээх буолуу холобурунан буолалларын эттилэр.

Устуоруйа быыһын сэгэтэн көрдөххө Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмытыгар, Ийэ дойду көмүскэлигэр Чурапчы милииссийэтин үлэһиттэрэ сэриигэ хорсуннук кыттыбыттара. Сэрии бастакы сылыттан Макаров Илья Николаевич, Берлин куоракка диэри сэриилэспитэ. Кини артиллерияҕа сулууспалаабыта, биир кыргыһыыга 3 тиигир таанканы уматан “Аҕа дойду” 1-кы степеннээх уордьанынан наҕараадалламмыта. Сэрии кэмигэр үс бойобуой уордьанынан наҕараадаламмыта, “Хорсунун иһин” икки мэтээллээҕэ. Пушканан ытыыга аармыйа күрэҕэр 1-кы миэстэни ылан “Бастын артиллерист” диэн бэлиэнэн наҕараадалламмыта.

И.С. Тарабукин арҕаа фроҥҥа хорсун быһыытын иһин “Кыһыл Знамя” уордьанынан наҕараадаламмыта. Белолюбскай Ксенофонт – “Аҕа дойду” 1-кы степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыта, Портнягин Егор “Кыһыл Сулус” уордьаннааҕа, Каженкин А.Д., Петров Н.А., сэрииттэн мэтээллээрдээх эргиллибиттэрэ. Сэриигэ, Москва көмүскэлигэр развед рота хамандыыра Романов Н.Г. сэриилэһэ сылдьан ыараханнык бааһыран госпитальга өлбүтэ. Ленинград куораты көмүскүүр сэриигэ аармыйа разведка бөлөҕүн салайан, лейтенант Посельскай Д.С. сэрии хонуутугар бааһыран Пермь куоракка госпитальга сырдык тыына быстыбыта.

1970-с сылларга Чурапчы аптекатын халаан, наркотик уорбут дьону уонна Субууруускай аатынан колхуос каассатын көтөҕөн барбыттара. Бу дьыалалары милииссийэ начаалынньыга Попов Илья Ильич, силиэдэбэтэл Массаев А.Е. уголовнай розыскаттан Иванов Г.Н. буруйдааҕы Магадантан буланнар, тутан ылан арыйбыттара.

1980-с сылларга Мындаҕаайыга ыар буруйдары онорон баран куоппут, милииссийэ үлэһиттэрин кытары саанан ытыалаһан тутуллубут буруйдааҕы, Саха сирин Үрдүкү суута ытылларга уурбута. Ол курдук Толоон сэлиэнньэтигэр киһи тыыныгар туран баран, саанан утарыласпыт буруйдаах тутуллан эмиэ ытылларга уураахтаммыта. Мугудайга нэһилиэгэр ыар буруйу оҥорбут киһи, милииссийэ үлэһиттэрэ тута тиийбиттэригэр, саанан утарсыыны оҥорон, сотрудниктары бааһырдан, ытыалаһыы кэмигэр суох оҥоһуллубута. Бу ыар буруйу оҥорбут дьон бука бары — уголовнай розыска инспекторадара Макаров М.М., Иванов И.Г., участковай Чичахов И.П. үлэлэрин түмүгэр тутуллубуттара.

1990-с сылларга Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан, элбэх сууттаммыт, хаайыыттан босхоломмут дьон оройуоҥҥа 130 киһилээх бөлөх тэринэн, араас “разборкалары” ыытаннар, дьонтон харчы түүрэйдээһин, халааһын, нэһилиэнньэни дьигдьийэн, куттаан бас-баттах барбыттарын, оччотооҕу ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ буолан улахан эппиэтинэскэ тардыллыбатахтара. Ити кэмҥэ сокуон даҕаны наһаа сымнаҕас этэ. Бу группировкалары уодьуганнааһыҥҥа криминальнай милииссийэ начаалынньыга Алексеев Г.Г., уголовнай розыска үлэһиттэрэ Тартыев Г.Ф., Софронов Г.Р., Софронов Г.К., Егоров В. Следователлэр: Сивцев П.П., Анисимов З.Р., Федотова О.Н., Протодьякова Н.В., үтүө өрүттэрдээх оперативнай-сэлиэстийэлиир үлэлэри оҥороннор буруйдаахтар суут иннигэр туруоруллубуттара.

2000 сылларга Чурапчы сэлиэнньэтигэр биир ыалы бүтүннүү өлөрүүгэ, салгыы эмиэ Чурапчыга, ыал ийэтин күүһүлээн баран өлөрүүгэ, Одьулууҥҥа милииссийэ сотруднигын ууга тимирдэн өлөрүү, участковай дьиэ кэргэттэрин өлөрүү курдук ыарахан буруйдар оҥоһуллубуттара. Одьулууҥҥа, баһаар кэмигэр 18 киһи өлүүлээх ыар буруйга, милииссийэ үлэһиттэрэ түүннэри-күннэри үлэлээн ити ыар буруйдары онорбут сидьиҥ санаалаах дьон суут иннигэр туралларын толору ситиспиттэрэ. Бу кэмҥэ криминальнай милииссийэ начаалынньыга Алексеев Г.Г., уголовнай розыска үлэһиттэрэ Тартыев Г.Ф., Софронов Г.Р., Софронов Г.К., Егоров В., Евграфов Д.Н., Стручков А.А. этилэрэ. Следователлэр: Анисимов З.Р., Федотова О.Н., Протодьякова Н.В. күүскэ үлэлээн ыар буруйдары арыйбыттара. Ити кэмҥэ милииссийэ начаалынньыгынан Аржаков В.В үлэлиир этэ.

Дьэ бу курдук, дириҥ устуоруйалаах милииссийэ, полиция отделын үлэһиттэрэ бэлиэ күннэрэ манан түмүктэннэ, сулууспалара салҕанар.

Хорсун быһыылаах,

Күүстээх санаалаах,

Быһый көрүҥнээх,

Киэҥ көҕүстээх,

Кини – хоһуун полиция,

Иннин диэки баран ис! – диэн полиция капитана Иван Охлопков бэйэтэ суруйбут ырыатын тылларынан түмүктүүбүт.

 

Сэмэн Жендринскэй