Арыылаахтар оскуола тутуутун, суолу, хочуолунай оһохторун туруорсаллар
Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев салайааччылаах үлэ бөлөҕө, бүгүҥҥү үлэтин Арыылаах нэһилиэгиттэн саҕалаата. Отчуокка 49 киһи муһунна. Мунньах сааамай кыра истээччитинэн 1-кы кылаас үөрэнээччитэ Артур Демьянов буолла.
Нэһилиэккэ тыын суолталаах боппуруоһунан – оскуола тутуута буолар. Күн-бүгүн үөрэнээччилэр 1972 сыллаахха тутуллубут эргэ дьиэҕэ үөрэнэллэр, мастарскыай, остолуобай, бибилэтиэкэ тус-туһунан тураллар, кылаас тиийбэт. Оттон уһуйаан дьиэтэ эмиэ эргэрэн, муостата күөрэ-лаҥкы баран балаһыанньа кытаатта.
Оскуола тутуутун туһунан боппуруос турбута быданнаата. Маныаха Степан Анатольевич уонна улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Павлович бэйэлэрэ уһуйаан уонна оскуола дьиэлэрин кэрийэ сылдьаннар көрдүлэр-иһиттилэр.
Итини сэргэ улуус салалтата, тэрилтэ салайааччылара нэһилиэк хочуолунайын оһохторун туруктарын көрдүлэр, олохтоох маастар этиитин иһиттилэр.
Арыылаахтар өрүү буоларын курдук олус сэргэхтэр, олус элбэх, улуус таһымнаах ыйытыылары биэрдилэр. Этиилэргэ айан суолун тупсарыыга, саҥа таас оскуола тутуллуутугар итиэннэ хочуолунай оһохторо уларыйалларыгар баҕа санааларын этиниллэр.
- Бүгүн биһиэхэ, Арыылаахха, улуус баһылыгын 2023 сыллааҕы отчуота буолла. Нэһилиэнньэ сүрдээх көхтөөхтүк кытынна, туох баар тэрилтэттэн барытыттан үлэһиттэр кэллилэр, отчуоту олус интэриэһиргээн иһиттилэр. Улууспут баһылыга бэйэтинэн маннык кэлэн дьону көрсөрө олус наадалаах, — диэн Арыылаах орто оскуолатын бибилэтиэкэрэ Татьяна Троева санаатын эттэ.
Арыылаахтары итини сэргэ анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыт уолаттары төнүннэрии боппуруоһа долгутар. Онон бу кыһалҕаны түргэнник быһаарар туһунан этии киллэрдилэр.
Кытаанахтар балыыһа боппуруоһун тула кэпсэттилэр
Степан Саргыдаев үлэлиир бөлөҕө күн иккис аҥарыгар Кытаанах нэһилиэгин олохтоохторун кытары көрүстэ. Килэҥки бөһүөлэгин олохтоохторо саҥа тутуулары элбэтэр уолдьаспытын этиннилэр. Тыа хаһаайыстыбатын салаата болҕомто киинигэр тутулунна. Кыра нэһилиэктэр сүтэн-симэлийэн хаалбаттарын туһугар Саха сиригэр анаан-минээн сайдыы бырагыраамата оҥоһуллуохтааҕын, иһэр уу боппуруоһа быһаарылларын эрэйэллэрин бэлиэтээтилэр. Отчуокка 77 киһи кыттыыны ылла. Мунньахха нэһилиэк Ытык кырдьаҕаһа, 92 саастаах Матрена Леонтьева сырытта.
Степан Анатольевич нэһилиэктэр кыһалҕаларын, дьонун-сэргэтин үчүгэйдик билэр буолан, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар мэлдьи күүс-көмө буоларга кыһаллар. Кини көрсүһүүлэргэ бэдэрээлинэй киинтэн үбүлэнэр, тыа сиригэр таас дьиэлээх социальнай эбийиэктэри тутууну ыытарга туһуланар “Тыа сирин бигэтик сайыннарыы” бырагыраамаҕа ситиһиилээхтик кыттарга докумуоннары толору уонна чуолкайдык, тутуу салалтатын көмөтүнэн оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээтэ.
Кэпсэтиигэ кыттыбыттар бука бары саҥа хочуолунай, саҥа балыыһа дьиэтэ итиэннэ хайыһардыыр манеж тутулларын туруорустулар. Оттон олохтоохтор улуустан бэйэни салайыныы дэлэгээссийэтэ нэһилиэккэ кэлэн сирэй көрсөн кэпсэппиттэригэр, кыһалҕалары билсэн, сүбэ-ама биэрбиттэригэр дириҥник махтаннылар, улуус баһылыгын ааспыт сыллаах үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар.
Сылаҥҥа гаас киириитэ уонна уһуйаан тутуута бастакы миэстэҕэ турар
Үлэ бөлөҕө киэһэ 18 чааска Сылаҥ нэһилиэгэр сырытта. Отчуокка 89 киһи сырытта. Сүрүн дакылааты улуус Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев оҥордо. Мунньахха нэһилиэк убаастанар кырдьаҕаһа, быйыл 90 сааһыгар үктэммит Борис Баишев кыттыыны ылла.
“Сулусчаан” уһуйаан – 1977 сыллаах тутуу. Билигин 64 оҕо сылдьар. Уһуйаан хайдах да ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Онон олохтоохтор саҥа уһуйааны туруорсаллар. Былырыын СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Владимирович Тарасенко бэйэтэ уһуйааҥҥа сылдьан көрөн-истэн баран, саҥа уһуйаан тутуллуо диэн эрэннэрбитэ. Ол этиитэ олоххо киирэригэр күүстээх үлэ бара турарын туһунан Степан Саргыдаев дьоҥҥо-сэргэҕэ олус үчүгэйдик быһааран биэрдэ.
Оскуола дириэктэрэ оскуолаҕа саҥа 50 миэстэлээх интэринээт наадатын эттилэр. Билигин эргэ чааһынай уһуйаан дьиэтин 20 миэстэлээх интэринээт оҥостон олороллор. Итини сэргэ олохтоохтору суол, халаан уута, автобус сырыыта, ыспартыыбынай саала тутуллуута, үүт собуотун хапытаалынай өрөмүөнэ, оту таһыыга субсидия көрүллүүтүн курдук боппуорастар долгуттулар.
Түмүккэ, Сылаҥ нэһилиэгин олохтоохторо улуус баһылыгын ааспыт сыллаах үлэтин хайҕаатылар, буолаары турар Дойду баһылыгын быыбарыгар көхтөөхтүк кыттыыны ылыахпыт диэн эрэннэрдилэр.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ