1942 сыл. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ыар кэмэ. Ити сайын колхуоһугар үлэлии-хамсыы сылдьан Ийэ дойдутун көҥүлүн фашистскай халабырдьыттартан көмүскүү фроҥҥа тиийбитэ. Саха буойун фроннааҕы суола өстөөх арҕаҕар Берлиҥҥэ тиийэн өрөгөйдөөх кыайыынан түмүктэммитэ. Кини хас да бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Олортон “Хорсунун иһин” мэтээл саллаат хорсун-хоодуот сырыыларын ордук чаҕылхайдык туоһулуур.
Кирилл Рязанскай Сэбиэскэй аармыйаттан 1947 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбитэ уонна 1948 сылтан ыла, олоҕун биир да сайыныгар өрөөбөккө, субан сүөһү бостуугунан үлэлээбитэ. Ол усталаах туоратыгар сыллата аайы 150-200 сүөһүнү көрөн-истэн мэччитэрэ. Оттон тохсус пятилетка түөрт бастакы сылларыгар сайын ахсын иккиэ буолан 400-тэн тахсалыы субаны манаабыттара.
Кирилл Николаевич звенота пятилетка тутаах сылыгар 401 субаны көрбүтэ. Мэччитии маршрутун сөпкө тутуһан, исписэлиистэр сүбэлэрин эҥкилэ суох олохтоон, бастыҥнар уопуттарын саталлаахтык туһанан бостууктар субаннарын 99,8 бырыһыанын тыыннаах иитэри ситиспиттэрэ, хас биирдии сүөһү сууккатааҕы орто төлөһүйүүтүн 929 грамҥа тиэрдибиттэрэ. Биир төбө сезон устата улаатыыта 119,5 киилэҕэ тэҥнэспитэ, онон хас биирдии сүөһү тыыннаах ыйааһына ортотунан 313,5 киилэ буолбута.
Ити үрдүк көрдөрүүтүн иһин Карл Маркс аатынан сопхуос Одьулууннааҕы отделениетын бостууга Кирилл Николаевич Рязанскай 1974 сылга ОРОЙУОН ЧӨМПҮЙҮӨН БОСТУУГУН аатын сүгэр чиэстэммитэ.
Кини кыһынын сопхуоһугар араас хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ сылдьара. Уопуттаах бостуук пятилетка түмүктээһиннээх дьылыгар 30-ча сыл сыратын-сылбатын биэрбит таптыыр идэтинэн үлэлээн өссө үрдүк көрдөрүүлэнэргэ бигэ быһаарыныылаахтык үлэлээбитэ.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй