Бороон көрөөччү ТАТЬЯНА ВАСИЛЬЕВНА ИЛЛАРИОНОВА (Үлэнэн дьолломмут Чурапчы)

1974 сыллаахха кини, ыччат сүөһүнү көрүүгэ бэйэтин баҕатынан фермаҕа үлэлии кэлбитэ онус сылыгар барбыта. Тоҕус сыл устата 407 бороону көрөн-истэн күөххэ үктэннэрбитэ. Тохсус пятилетка бастакы түөрт сылыгар дойду үрдүнэн тэнитиллибит социалистическай куоталаһыыга көхтөөхтүк кыттан туппут сүөһүлэрин тыыннаах иитиигэ, кинилэртэн привеһи ылыыга отделениетыгар, сопхуоһугар эрэ буолбакка, оройуоҥҥа эмиэ үрдүк көрдөрүүлэммитэ.

1973 сыллааҕы кытаанах кыстыкка Татьяна Васильевна 45 бороону ииппитэ. Кинилэртэн хас биирдиилэрэ ортотунан 127-лии киилэҕэ тиийэ улааппыттара. Ити ситиһиитин иһин оройуон ЧӨМПҮЙҮӨН-БОРООН КӨРӨӨЧЧҮТҮН аатын ылбыта. Бастыҥ сүөсүһүт сыралаах үлэтэ баартыйанан уонна бырабыыталыстыбанан үрдүктүк сыаналаммыта – кини Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта.

Пятилетка төрдүс сылыгар Субуруускай аатынан сопхуос Хатылытааҕы отделениетын бороон көрөөччүтэ Татьяна Илларионова өссө үрдүк көрдөрүүлээх түмүктээбитэ. Сопхуоһугар 45 бороону көрөн-истэн туттарбыта, хас биирдии бороон кыстык устата төлөһүйүүтүн 133 киилэҕэ тириэрдибитэ. Онон 1973 сыллааҕы көрдөрүүтүн 6 киилэнэн тупсарбыта. 1974 сылга киниэхэ иккис төгүлүн ОРОЙУОН ЧӨМПҮЙҮӨН-БОРООН КӨРӨӨЧЧҮТҮН аата иҥэриллибитэ.

Сельсовет дьокутаата Татьяна Васильевна Илларионова 1975 сыл кыстыгар киириигэ эмиэ 45 бороону туппута. Олорун, аммалар бачыымнарын өйөөн, 120-лии киилэҕэ тиийэ улаатыннарарга эбэһээтэлистибэни ылыммыта. ССКП Киин Кэмитиэтин баартыйаҕа, Сэбиэскэй норуокка Ыҥырыытыгар айымньылаах үлэнэн эппиэттииргэ быһаарынан, биирдии бороон сууккатааҕы эбиллиитин 560 грамҥа тириэрдэргэ, онон 134-түү киилэ привеһи ыларга хардары былааннаммыта. Инньэ гынан эппит тылыгар туран, кини түөрт ый түмүгүнэн биир бороонун орто улаатыыта 59 киилэҕэ тэҥнэспитэ.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй