“Хаарбах туруктаах олорор дьиэлэртэн көһөрүү” аадырыстаах бырагыраама чэрчитинэн, нэһилиэк баһылыгынан Варвара Макарова үлэлии олорор кэмигэр өссө 2020 сылтан саҕалаан чинчийэр-үөрэтэр үлэтэ оҥоһуллан, докумуоннара хомуллан, үбэ-аһа 2022 сыллаахха толору көрүллэн, бэс ыйын 14 күнүгэр – 14 кыбартыыралаах таас дьиэ сыбаайата түспүтэ.
Бэдэрээччитинэн “Ампир” ХЭТ, генеральнай дириэктэр Дмитрий Егорович Захаров быһаччы салайыытынан тутуу үлэтэ тэтимнээхтик ыытыллан түмүктэннэ. Чахчыта даҕаны, көрүөхтэн кэрэ, ураты тутуулаах үс мэндиэмэннээх уораҕай. Уһук илин эрэгийиэҥҥэ ханна даҕаны бэлиэтэммэтэх тутуу диэн иһитиннэрэллэр.
“Тутууну былырыын, атырдьах ыйын 29 күнүттэн саҕалаабыппыт. Архитекторынан Геннадий Попов диэн Чурапчыттан төрүттээх уол үлэлэстэ, бырайыагын оҥорон биэрбитэ. Тутуубутугар барыта Чурапчыттан төрүттээх уолаттар үлэлээтилэр: 10 киһилээх биригээдэ монолиткаҕа сылдьыбыта, каркааһын туруорбуттара. Онтон 12 киһиттэн састааптаах биригээдэ күннээх Таджикистантан кэлэннэр укладкатын уонна сыбаҕын оҥорбуттара. Оттон благоустройстватын, ититиитин бүүс бүтүннүү Чурапчы уолаттара оҥорбуттара. Улууспутугар таас дьиэҕэ иккис тутуубут буолар, бастакы дьиэбит Чурапчы нэһилиэгэр Доҕордоһуу алааһыгар тутуллан турар, ол онтубут былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ тутуулаах дьиэнэн ааттаммыта. Бу даҕаны дьиэбит быйыл куонкуруска хапсара буолуо дии саныыбыт. Бырйыагынан ханна да суох дьиэ. Тутуу министиэристибэтэ бэйэлэринэн хайҕаабыттара. Бу тутуутубутугар бэдэрээлинэй үбү сөптөөхтүк туһаныы диэн сыаналыыбыт, буоллун-хааллын диэн буолбакка, кыраһыабай, хаачыстыбаннай буоларыгар кыһанныбыт”, — диэн бэдэрээччит, Болтоҥолор күтүөттэрэ Дмитрий Егорович үлэ хаамыытын сырдатта.
Саҥа сылга – саҥа дьиэҕэ киирбит олохтоохтортон биэс киһиэхэ кыбартыыралара бэйэ быраабыгар баар эбит, онтон атыттара социальнай наймы нөҥүө кэлэн олохсуйалларыгар анаммыт дьиэлэр.
Саҥа дьиэ хаһаайыттарыгар кыбартыыра күлүүһүн туттарар үөрүүлээх чааска Чурапчы улууһун 1-кы солбуйааччы Егор Сивцев,
Болтоҥоҕо 2017-2022 сылларга нэһилиэк баһылыгынан өрө таһаарыылаахтык үлэлээбит, билигин Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Макарова,
Болтоҥо нэһилиэгин баһылыга Сергей Ефремов,
саҥа дьиэ ыстаарастата Валентина Дьячковская кыттыыны ыллылар.
Диана уонна Иван Павловтар дьиэ кэргэттэрэ, икки оҕолоохтор, эдэр исписэлиистэр: “2019 сыллаахха Болтоҥо нэһилиэгэр ананан үлэлии кэлбиппит, бэйэм нэһилиэк модельнай бибилэтиэкэтигэр онтон эрим олохтоох оскуолаҕа физкултуура учуутала. Нэһилиэккэ ньир-бааччы олохсуйаммыт утуу-субуу икки оҕолоннубут, саҥа кыбартыыра биэрбиттэриттэн улаханнык үөрдүбүт, сып-сылаас, сабыс-саҥа, уута-хаара барыта баар.
Дойдубут бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, улууспут, нэһилиэкпит дьаһалталарыгар, тутааччыларга, бөһүөлэк олохтоохторугар бука барыларыгар дириҥник махтанабыт. Саҥа дьиэҕэ киирбиттэри барыларын эҕэрдэлиибит. Кыбартыыралар олус хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубуттар, уубут ыраас, таһырдьа тротуар тэлгэммит, массыына турар парковката, оҕо оонньуур былаһаакката туруоруллубут. Турар сирэ табыгас, алаас үрдэ буолан үлэлиир сирбит, маҕаһыын даҕаны чугас. Тахсар ааммыт оруобуна күммүт тыа саҕаҕыттан тахсыытыгар анаммыт буолан, саамай дьэдьэн, тэллэй үүнэр сирэ буолар”.
Христина Михайловна Кривошапкина, 73 саастаах, Болтоҥо нэһилиэгин төрүт олохтооҕо: “Бу дьиэ бырагырааммаҕа киирбитэ быдан ыраатта. Маннык баҕа санаа кыыма үөскээбитэ эмиэ ыраатта. Маҥнай баһылык Николай Попов онтон салгыы тиһигин ситэрбит, олохтообут баһылыкпыт Варвара Макарова хамаандата онтон түмүктээтэ, биһиги үлэлии олорор баһылыкпыт Сергей Николаевич. Түгэнинэн туран бу Дойдубут национальнай бырайыагар, өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар, улууспут дьаһалтатыгар, тутааччыларга дириҥ махталбытын биллэрэбит”.
Онон Болтоҥо нэһилиэгин Сугулаан түөлбэтигэр, Семен Новгородов аатынан уулусса 12 нүөмэрдээх аадырыгар саҥа дьиэ олоххо киирдэ. Олохтоохтор бары биир киһи курдук мантан саас от-мас, сибэкки олордон, дьиэни-уоту ыраастык дьаһанан олорорго мэктиэ тылларын эттилэр. Малааһын салҕанар.
Манна даҕатан эттэххэ, 2021 сыллаахха Болтоҥо нэһилиэгин Кындал учаастагар 8 кыбартыыралаах саҥа уопсай дьиэ тутуллан олоххо киирбитэ. Ол кэмҥэ хаарбах туруктаах дьиэлэр бука бары былааҥҥа киирэннэр, докумуоннара ситэн, аны 2025 сылга 24 кыбартыыралаах таас дьиэ тутуллара былааннанар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ