Болтоҥо нэһилиэгиттэн төрүттээх улуус киинигэр олорооччулар түмсүүлэрэ былааннаахтык, тэрээһиннээхтик үлэлиир. Араас ыытыллар дьаһалларга, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар.
Ол курдук соторутааҕыта бу нэһилиэктэн Кореяҕа эмтэнэ барар Полина Жирковаҕа аһымал кэнсиэр тэрийэн, дьонтон харчы хомуйан көмө оҥорбуттара. Саргылаах Саҥа дьылы көрсүүгэ Анал байыаннай дьайыыга сылдьар аҕалаах оҕоҕо, соҕотох ийэлээх оҕолорго анаан Болтоҥо аҕыс кылаастаах оскуолатын бастакы выпустарыныын кыттыһан Дед Мороз бэлэҕин туттардылар. Бу тэрээһини түмсүү актыыбынай чилиэнэ Людмила Егорова сүрүннээтэ.
Үтүө, сылаас сыһыаннарын иһин оҕолор, төрөппүттэр махтаналлар.
Алексей Слепцов.