Бойобуой олох лоскуйдара (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Бөлкөй талахтарынан бүрүллүбүт кыракый хаардаах сыһыыны боруор суулаабыта. “Чэ, быраһаай!”, “Аны көрсөбүт дуу, суох дуу?” дэһэ-дэһэ төрөөбүт Бахсыларыттан туруохтарыттан баччааҥҥа диэри арахсыспакка бииргэ айаннаан кэлбит доҕотторо Боруппуокай илиитин бобута туппуттара уонна сүүрүү-хаамыы былаастаан тиийэн стройга туруталаабыттара. Сотору холуонна харахтан сүппүтэ…

Ханна эрэ ыраах сэрии тыаһа ньиргийэрэ. Тымныы тыал сипсийэрэ. Адаҕа саҕа американскай бачыыҥкалаах 52 саллаат ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ хоонньоһон сыппыттара. Оттон Боруккуопай, нууччалыы “чоорду да” билбэт киһи, мантан инньэ хайдах сылдьыаҕыттан санаарҕаабыта, соҕотохсуйа, муунтуйа түспүтэ, синиэлигэр сөрөнөн, вещевой мөһөөччүгүн сыттыктанан талах төрдүгэр чөкө түһэн сытынан кэбиспитэ. Дьиэтин, дьонун санаан кэлбитэ. “Сүрэҕим бөҕөх, этэҥҥэ көрсөр инибит” диэхтээбитэ ийэтэ. “Таратаайкатыгар сатаатар оҕотун олорпот, соҕотоҕун тирилэтэр” диэбитэ алталаах Сүөдэри сиэтэн Толоон халдьаайытыттан илин баска сатыы киирэн тириппит-хоруппут Маайа. Бука, итинник мөҕүттэн уйадыйарын уҕарытыммыта эбитэ буолуо. Бай, эдэркээн нуучча уола тардыалыы турар эбит. Борокуоппай туран кинини батыспыта. Уол утуйа сытар дьоҥҥо тиийэн, сыҕарыталаан, ортолоругар миэстэ таһаарбыта. Борокуоппайы онно сытыарбыта. Дьон сылаастарыгар киирэн тута нуурайбытынан барбыта. Сарсыарда, хайдах эрэ балкыһан кэпсэтэн, дьоно бэйэлэригэр тарда охсубуттара. Үлэҕэ тутуулаах, кыайыгас буолан сотору хайҕыыр тылы-өһү истибитэ. Бойобуой кэргэҥҥэ ити курдук киирбитэ.

Грачевай балка диэн талах саба үүммүт хотооло этэ. Соҕуруу – Ленинград. Манна алтынньы 20 күнүгэр түүн 1 чаас саҕана кылгас артиллерийскай бэлэмнэнии буолбута. 66-с армия хаҥас кынатыгар биэс биэрэстэ кэтиттээх фрону туппут дивизия Сталинград – Говорино тимир суолун быһар, онон өстөөх эбии күүһүн быраҕар кыаҕын сарбыйан куоракка бэйэтигэр ыар кыргыһыыны ыыта сытар армиялар балаһыанньаларын чэпчэтэр соруктаах кимэн киириигэ турбута. Нөҥүө күнүгэр үрэх тоҕойугар киирбит биһиги чааспыт быһа анньыллыбыта, өстөөх ытыска уурбут курдук көстөр сири кутаа уотунан типпитэ. Борокуоппай быыс эрэ буллар саллаат лаппаакытын сытыылаан тахсара. Онтукатыгар махтана санаабыта, табаарыһыныын окуопа хаста охсон тимис гыммыттара.

Өлүү холоруга үс түүннээх күнү мэлдьи ытыйбыта, үгүс киһи өлбүтэ. Аччыктааһын, сыра-сылба эстиитэ диэн онно баара. Тиһэҕэр түүн суолларын ыстыыгынан солонон төгүрүктээһинтэн тахсан испиттэрэ. Эмискэ Борокуоппай сүгэн иһэр котелога лаҥкыныы түспүтэ, онтон көхсүгэр көхсүгэр ыбыс-ыараханынан охсорго дылы гыммыта. Өйдөнөн кэлбитэ: бааһырдахха хардарыта көмөлөсүһүөх буолан үлэһиспит нуучча доҕоро аттыгар баар эбит, санчааска тиийэр суолун ыйан биэрбитэ.

  • Дьоллоох киһи эбиккин, буулдьа сиһиҥ үөһүгэр соҕотох сантиметр тиийбэтэх, үс тоноҕос төбөтүн илдьэ барбыт, — диэбитэ эпэрээссийэлээбит бырааһа. – Сотору эмиэ фроҥҥа киириэҕиҥ.

Ол эрэн Борокуоппай фроҥҥа кыайан киирбэтэҕэ. Уралга байыаннай собуокка үлэҕэ анаабыттара. Үлэҕэ дьулуурдааҕын иһин манна ыарахан баастаах саллааты атыттарга холобур туттар буолбуттара. Онтон дойдутугар уоппускаҕа ыыппыттара. Кэлээт Кыайыы сураҕын истибитэ. Сотору армияттан олох демобилизацияламмыта.

Итинтэн ыла “Хорсунун иһин”, “Сталинград оборуонатын иһин” уо.д.а. – барыта алта бойобуой мэтээллээх буойун колхуоска илиитин араарбакка үлэлээбитэ. 1967 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбыта. Ол да буоллар кыһынын булка, сайынын от хомууругар үлэлиирэ, иллэҥ буолбат этэ.

Итинник киһи этэ – Бахсы биир ытык кырдьаҕаһа Прокопий Спиридонович Барашков.

 Сэмэн Жендринскэй