Болтоҥо сылгыһыттара тохсус пятилеткаҕа оройуоҥҥа сылгы иитиитин салгыы сайыннарыыга, элбэх эмис эти оҥорууга социальистическай куоталаһыыны көҕүлээбиттэрэ. Кинилэр сыралаах үлэлэрэ үчүгэй түмүктэрдээх буолбута. Гаврил Семенович Новгородов звенота пятилеткатааҕы сорудаҕын аһара толорбута.

Сылгы иитиитин сүрүн хаачыстыбаннай көрдөрүүтүнэн биэ ахсаанын сыллата үксэтэн, үгүс төрүөҕү ылыы буолара. Звено биэс сылга 1190 кулуну ылар былаанын 1260-нан толорбута. Сыл ахсын сыыйа элбээн, иитиллэр сылгы ахсаана 736 тиийбитэ, ол иһигэр бу пятилеткаҕа биэ 77-нэн үксэтиллибитэ. Аҥардас 1975 сыллаахха биэс сылгыһыт сопхуостарыгар 20 туоннаттан ордук эмис эти оҥорон туттарбыттара.

Бастыҥнар бачыымнарын өйөөн, Субуурскай аатынан сопхуос атын чулуу сылгыһыттара С.В. Макаров, П.М. Дьяконов социалистическай куоталаһыыга киирсэн, кулун деловойун 83-88 бырыһыаҥҥа тиэрдэн, эмиэ үрдүк көрдөрүүлэммиттэрэ. Дьэ ити буолар социалистическай куоталаһыы көдьүүһэ диэн.

“Сылгыһыт буолуу – элбэҕи эрэйэр уустук идэ”, — диэн кэпсээбиттээҕэ звеновол Гаврил Семенович. “Бастаан 18 саастаахпар сылгыга киирбитим. Онтон ыла сүүрбэттэн тахса сыл ааста. Сылгы барахсан дьөһөгөй оҕото буоллаҕа. Киниэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһар, кыһанар быраап. Сылгы бары үтүө хаачыстыбаларын, чуолаан тымныыны, тулуйумтуотун, үүттээх, төрүөхтээх буолуутун сылгыһыт кулун аан бастаан сиргэ түһүөҕүттэн билгэлээн, кэтээн билиэхтээх. Оччоҕо эрэ кини инникитин үчүгэй атыыр, эбэтэр үөскүлэҥ төрүөхтээх биэ буолуутун быһаарыахха сөп.

Сылгы үөрүн уруурҕаһыннарбакка соруктанан үлэлиибит, исписэлиистэр көмөлөрүнэн племенной үлэни ыытыһабыт. Кэлиҥҥи сылларга Үөһээ Дьааҥы оройуонуттан икки төгүл атыыр убаһалары аҕалан племяҕа туһанныбыт. Олор удьуордара хаһыыны тулуйар үтүө сылгылар буоллулар. Билигин 65 бастакы, иккис кылаастаах биэлэннибит уонна төрдө-ууһа биллэр аҕыс боруода атыырдаахпыт.

Отделение сылгыһыттара бу ааһан иһэр пятилеткаҕа биир көс уусталаах хапытаалынай баҕана бүтэйи, убаһаны арааран иитэр хааччахтары оҥордулар. Күрүө-хаһаа – бу сылгы дьиэтэ-уота, аһыыр, сынньанар, кыһын муустарын-хаардарын ыраастыыр, төрүүр-ууһур сирэ. Дьэ ол иһин болтоҥолор кэлэр пятилеткаҕа Наммара үрэҕэр көһүнэн тайыыр бүтэйи, күрүөнү-хаһааны тутар былааннаахтар.

Уопуттаах сылгыһыттар күннээҕи түбүктэринэн эрэ муҥурдаммакка, кэлэр уонунан сыллар улаҕаларын өтө көрөн кэскиллээхтик үлэлииллэр. Ол курдук, кинилэр быйыл Наммара үрэҕэр Чоҥолох Булуустааҕар сынньанан, хонон ааһар кыракый дьиэни тутуннулар, дал-күрүө бэлэмнээтилэр. Бу бэйэ үлэтигэр кэскили көрүнүү, усулуобуйаны оҥостуу буолар. Билигин сылгыһыттар киэҥ сиринэн тайаан сүүһүнэн сылгыны бэрийэллэригэр урукку курдук чугас-чугас ыаллар, кыракый бөһүөлэктэр суохтар”, — диэн кэпсээбиттээҕэ.

Гаврил Семенович салайар звенота оройуон бары сылгыһыттарыгар таһаарбыт ыҥырыытыгар соноҕостору сыл аайы айааһаан көлө оҥорон биригээдэҕэ туттарыы туһунан пуун баара. Звено чилиэннэрэ кэнники сылларга 18 соноҕоһу айааһаан ат-көлө оҥорбуттара, 14 атыыр соноҕоһу аттаан быаҕа үөрэппиттэрэ. Олорун өссө кэлин сыарҕаҕа көлүйэн ат оҥорон биригээдэҕэ туттарбыттара.

Мэлдьи саҥаҕа, кэрэҕэ тардыһар Гаврил Новгородов ССКП Киин Кэмитиэтин “Сельская жизнь” хаһыата “Саха мустангалара” диэн улахан ыстатыйатыгар мэччирэҥи иккистээн туһаныыга уонна саҥа сирдэри туһаҕа таһаарыыга сөптөөх этиилэри оҥорор диэн суруйбута. Ити курдук, оройуон, өрөспүүбүлүкэ биир чулуу сылгыһыта ситиһиллибитинэн уоскуйбатаҕа. Кини, ССКП КК ахсынньытааҕы (1975 с) Пленумун матырыйаалларын уонна ССКП КК кэлэр пятилеткаҕа ССРС норуотун хаһаайыстыбатын сайыннарыы сүрүн туһаайыыларын туһунан Бырайыагын кытта билсэн баран, “Болтоҥо нэһилиэгин сиригэр-уотугар кэлэр онус пятилеткаҕа тыһыынчаҕа тиийэр сылгыны үөрдээн иитиэххэ сөп”, — диэн кэпсээбитэ. Бу хорсун санаа мээнэҕэ этиллибэтэҕэ. Онус пятилеткаҕа эти элбэтэр туһугар сүөһүнү ахсаан өттүнэн элбэтэргэ, ис кыахтары толору туһаныыга хомуньуус көтөҕөр көҕүлээһининэн буолбута.

Сылгы иитиитин сайыннарыыга туһаайан ханнык баҕа санаалааххын диэн ыйытыыга “кэлэр пятилеткаҕа, биллэн турар, сылгыны ахсаан, хаачыстыба өттүнэн тупсарыы, үксэтии киэҥник ыытыллыаҕа. Бу улахан соругу толорууга эдэр күүстээх, ыччат сылгыһыттар наадалар. Хомсомуол райкома сыл аайы бу эппиэттээх үлэҕэ ыччаттары путевкалаан ыытарын күүтэбит. Биһиги, кырдьаҕастар, талан ылбыт таптыыр идэбитигэр кинилэри үөрэтиэх этибит”, — диирэ Гаврил Семенович.

Хомуньуус Новгородов баартыйа тэрилтэтин үгүс сорудахтарын толорон олохтоох Сэбиэт дьокутаатынан, профсойуус месткомун бэрэссэдээтэлинэн быыбарданан ааспыт өттүгэр үгүс өрүттээх үлэни ыытыспыта. Бастыҥ комсомолецтар, эдэр производственниктар баартыйаҕа үүнүүлэригэр көмөлөһөрө. Кини сүбэлээн-амалаан, мэктиэлээн үүннэрбит эдэр үлэһиттэриттэн Х. Ефремова Саха судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэ барбыта. Оттон А.П. Кузьмина – эргиэн чулуу үлэһитэ буола үүммүтэ, оройуон киэн туттар киһитэ, ССКП райкомун бюротун чилиэнэ этэ. Ордук үөрүүлээҕэ Анна Петровна 1975 сыллаахха Гаврил Семеновиһы кытта бииргэ уобаластааҕы ХХХ-с баартыйа кэмпириэнсийэтигэр дэлэгээтинэн талыллыбыта буолар.

Гаврил Новгородов уопсастыбаннай сылгы иитиитигэр эдэр сааһыттан элбэх сыратын уурбут киһи. Кини үтүө суобастаах, дьулуурдаах үлэтэ үрдүктүк сыналаммыта – “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта. ССРС норуотун хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин Бүтүн Сойуустааҕы Быыстапкатын үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэрэ бэриллибиттэрэ. Сылгыһыт өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибитэ.

Уобаластааҕы ХХХ-с баартыйа кэмпириэнсийэтин дэлэгээтэ, хомуньуус Гаврил Семенович Новгородов олоҕун тиһэх сылларыгар диэри сылайары билбэккэ, Болтоҥо алаастарынан, Түөйэ, Наммара үрэхтэринэн ахсым атын сиэллэрэрэ.

 

Сэмэн Жендринскэй