Биир кэлим судаарыстыбаннай экзаменнары туттарыыга уларыйыылар

Россия үрдүнэн государственнай түмүктүүр экзаменнары ыытыы Российскай Федерация «Үөрэхтээһин туһунан» №273 -дээх сокуонугар уонна Российскай Федерация уерэ5ин министерствотынан 2023 сыл муус устар 4 күнүгэр  бигэргэммит «Судаарыстыбаннай экзаменнары ыытыы Бэрээдэгэр» олоҕурар.

РФ үөрэххэ министиэристибэтин, үөрэҕи кэтээн көрүү сулууспатын быһаарыытынан уонна Дойду Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин Федерация мунньаҕар туһаайан этиитигэр олоҕуран, быйыл экзаменнары туттарыыга маннык уларыйыылар киирдилэр:

  1. «Үөрэххэ уһулуччу ситиһиитин иһин» мэтээли уонна ураты аттестаты ылыы икки көрүҥҥэ арахсар. Ол эбэтэр мэтээл 1 истиэпэнэ уонна 2 истиэпэнэ диэн киллэрилиннэ.

Мэтээл 1 истиэпэнин (Кыһыл көмүс мэтээли) ыларга оскуоланы бүтэрээччи 10 уонна 11 кылаастарга үөрэммит түмүктүүр сыаналара 5 буолара ирдэниллэр. Ону таһынан нуучча тылыгар уонна биир талыы предмеккэ 70-тан итэҕэһэ суох баалы ылыахтаах. Талыы предметэ суох нуучча тылын уонна математика базовай таһымын туттарар буоллаҕына, нуучча тылын 70 — тан итэҕэһэ суох уонна математика базовай таһымын 5 сыанаҕа туттарыахтаах.

Мэтээл 2 истиэпэнин (Үрүҥ көмүс мэтээли) ыларга оскуоланы бүтэрээччи 10 уонна 11 кылаастарга үөрэммит түмүктүүр сыаналара икки предметтэн элбэххэ 4 сыана  буолуо суохтаах. Ону таһынан нуучча тылыгар уонна биир талыы предмеккэ 60-тан итэҕэһэ суох баалы ылыахтаах. Талыы предметэ суох нуучча тылын уонна математика базовай таһымын туттарар буоллаҕына, нуучча тылын 60- тан итэҕэһэ суох уонна математика базовай таһымын 5 сыанаҕа туттарыахтаах.

  1. Быйыл оскуоланы бүтэрээччи биир талыы предмети баалын тупсарар сыалтан иккистээн резервэ күнүгэр туттарара көҥүллэннэ. Бу туттарыы үрдүк үөрэххэ киирэргэ баалын тупсарыыга кыаҕы биэрэр сыалтан ыытыллар. Хаттаан туттарарга сайабылыанньа бэриллэр уонна туттарбытын кэнниттэн туттарааччы бастакы баала дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар. Иккис туттарыытын баала үөрэххэ киириигэ аахсыллар. Онон хаттаан (пересдачаҕа) туттарааччылар үчүгэйдик толкуйдаан баран холонон көрөллөрө эрэйиллэр.

Маннык иккистээн туттаран көрүү урукку сылларга оскуоланы бүтэрбиттэргэ көҥүллэммэт.

  1. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор оскуоланы бүтэрэн аттестат ылалларыгар ГВЭ форматынан туттаралларыгар быйылгыттан саҥа ирдэбиллэр киирдилэр. Ол курдук, урукку сылларга  нуучча тылыгар аахпыттан суруйар эбит буоллахтарына, быйылгыттан  суох буолла. ПМПК  түмүгүнэн 7.1 эбэтэр 7.2 вариантан атын доруобуйаларын түмүгүнэн диагностара суох буоллаҕына, ГВЭ форматынан туттараллара көҥүллэммэт, уопсай балаһыанньаҕа олоҕуран БКЭ туттараллар.
  2. Ааспыт сылларга оскуоланы бүтэрбит оҕолор, өскөтүн олунньу 1 күнүгэр диэри экзамен туттарарга сайабылыанньа биэрбит буоллахтарына, быйылгыттан сүрүн түһүмэх резервэ күннэригэр туттараллар.

Быйыл улууска, Чурапчы Д.П.Коркин аатынан спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-оскуоланы киллэрэн туран, 7 пуун аһыллан үлэлиэҕэ. Ол иһигэр биир оҕоҕо доруобуйатын туругунан дьиэҕэ туттарар пуун аһыллыаҕа. Бары пууннарга онлайн эрэсииминэн үлэлиир видеонан кэтээн көрөр тэрил туруоруллар.

Бу күннэргэ судаарыстыбаннай экзаменнары туттарыыга Үөрэх салалтатыгар, оскуолаларга, экзамен ыытыллар бары пууннарыгар бэлэмнэнии үлэлэр былааннаахтык ыытылла тураллар.

Ыам ыйын 7 уонна 15 күннэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи технологическай  өттүнэн боруобалаан көрүү  экзаменнар  бары пууннарга барыахтара.

Быйыл улуус үрдүнэн (Д.П, Коркин аатынан ЧРССОШИОР киллэрэн туран) 225 оҕо оскуоланы бүтэриэҕэ. Кинилэртэн 7 доруобуйаларын туругунан хааччахтаах  оҕолор  судаарыстыбаннай түмүктүүр экзаменнары туттарыахтара.

Сорох нэһилиэктэргэ, халаан уута мэһэйдиир түбэлтэтигэр, оҕолор Төлөй, Гимназия интэринээттэригэр олорон, бу оскуолаларга сыһыарыллыбыт пууннарга туттарыахтара. Манна улууска уонна үөрэх салалтатыгар анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлиир.

Экзаменнары туттарыы сүрүн ирдэбиллэрэ уларыйбаттар, уруккунан хаалаллар.

— Экзамен туттарааччы пааспарын, хара гелевай ручкатын, предметэ ыйыллыбыт уведомлениетын илдьэ кэлэр.                                                                                                                                                                 -Экзамен туттарааччыларга төлөпүөнү туттуу, илдьэ киирии булгуччу бобуллар.                   – Пуун салайааччытыттан ураты үлэһиттэр суотабай төлөпүөнү киллэрбэттэр, туттубаттар.                                                                                                                                — Экзамеҥҥа  хойутаан кэлии таҕыстаҕына, оҕо экзамеҥҥа киллэриллэр, ол гынан баран   туттарар бириэмэтэ уһаабат, киниэхэ анаан инструктаж иккистээн ааҕыллыбат.                                                                                                                                         — Экзамен туттарааччы ирдэнэр бэрээдэги кэһэр түбэлтэтигэр үлэтэ дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар, туттарар пуунтан таһаарыллар уонна 2024 сылга экзаменнары туттарар бырааба быһыллар.

— Экзамеҥҥа аудиторияларынан олоруу автоматизированнай көрүҥүнэн ыйыллыбыт анал миэстэлэргэ соҕотохтуу оҥоһуллар. Туран аудитория иһигэр хаамыы, миэстэттэн миэстэҕэ көһүү, кэпсэтии, бэйэ-бэйэттэн ылсыы — бэрсии көҥүллэммэт.

— Экзаменнарга анал көҥүллэммит эрэ ааҕар-суоттуур тиэхиньикэнэн туттар көҥүллэнэр. Онно киирэллэр: математикаҕа — линейка, физикаҕа — линейка, бырагыраамалаабат калькулятор, химияҕа- бырагыраамалаабат калькулятор, географияҕа – линейка, транспортир, бырагыраамалаабат калькулятор. Тылдьыты  туһаныы нуучча тылыгар көҥүллэммэт.

— Экзамен матырыйаалларын, сорудахтарын эбэтэр онтон ханнык эмэ чааһын устуу, биэрии, таһаарыы  булгуччу бобуллар;

— Экзамен саҕаламмытын кэнниттэн туттарааччы  аудиторияттан тахсыыта уонна киириитэ анал былааҥкаҕа бириэмэтэ ыйыллан суруллар. Бу толоруллубут форма оҕолор үлэлэрин кытта экзамены обработкалыыр кииҥҥэ ыытыллар.

— Аудиторияттан тахсыбыт туттарааччыны көрүдүөргэ туһааннаах организатор арыаллыыр.

БКЭ туттарыы сүрүн уратылара:

1.Экзамен  матырыйааллара Интэриниэт ситимин нөҥүө  кэлэллэр уонна туттарааччылар көрөн олордохторуна бэчээттэнэн тахсар.

2.Экзамен туттарааччы үлэтэ аудитория иһигэр экзамен бүтэрин кытта  тута сканерданан,  Регионнааҕы обработкалыыр кииҥҥэ  бэриллэр.

3.Информатика уонна омук тылын тылынан чааһа  көмпүүтэр киэбинэн ыытыллар.

 

Экзаменнары туттарыы болдьоҕо  манныктар:

Ыам ыйын 23 күнэ – География. Литература. Химия;

Ыам ыйын 28 күнэ – Нуучча тыла;

Ыам ыйын 31 күнэ – Математика профильнай  уонна базовай таһыма;

Бэс ыйын 4 күнэ – Обществознание. Физика;

Бэс ыйын 6 күнэ – Саха тыла (ЕРЭ)

Бэс ыйын 7 күнэ — Омук тыла (устнай чааһа);

Бэс ыйын 8 күнэ – Информатика КЕГЭ.

Бэс ыйын 11 күнэ – Биология. История. Омук тыла (суругунан чааһа).

Бу ыйыллыбыт куннэргэ убаастанар биричиинэнэн кыайан кэлэн туттарбатахтарга, урукку сылларга бүтэрбиттэргэ, эрдэ федеральнай базаҕа киирбит буоллахтарына  бэс ыйын 17 күнүттэн  21 күнүгэр диэри резервнэй туттарыы күннэрэ бэриллэллэр.

Талыы предметтэри уонна нуучча тылыгар уонна математика базовай таһымыгар кыайан алын кээмэйи ылбатахтарга  хаттаан туттарыы күннэрэ От ыйын 4 уонна 5 күнүгэр буолаллар.

От ыйын 4 күнэ – Нуучча тыла. Физика. Химия. Англ. тыл. Обществознание. Информатика.

От ыйын 5 күнэ —  Математика (базовай, профильнай таһыма). Биология. Биология. История. География. Омук тыла (Устнай чааһа)

 

Экзаменнары туттарар оҕолор үөһээ ыйыллыбыт кэһиилэри таһаарбаттарыгар төрөппүттэр, учууталлар, оскуола салайааччылара, тус эппиэттээх үлэһиттэр бары иһитиннэрэр, өйдөтөр үлэни күүскэ ыытарбыт наадалаах.

Государственнай   экзаменнары  бары ирдэбиллэри тутуһан  хаачыстыбалаахтык, чиэһинэйдик уонна бэрээдэги кэһиитэ суох ыытыы сүрүн сорукпутунан буолар.

Бу бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар сүҥкэн суолталаах хампаанньа үрдүк тэрээһиннээхтик,  олохтоммут ирдэбилинэн  барарыгар оскуола уонна экзамены тутар пуун салайааччылара тус эппиэтинэһи сүгэллэр.

Улууспут бары оскуоланы бутэрээччилэригэр  экзаменнары ситиһиилээхтик туттаран бары уопсай орто үөрэх аттестатын ылалларыгар уонна талбыт идэлэригэр уерэххэ киирэллэригэр  баҕарабын.

 

 

Посельская П.Н.,

Улууска КГЭ ыытыы эппиэттээх тэрийээччитэ.