Халандаарга балаҕан ыйын 3 күнэ, терроризмы утары биир санааланыы күнүнэн бэлиэтэнэн турар. 2004 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр, Хотугу Осетия Беслан куоратыгар буолбут алдьархайы бүтүн Арассыыйа норуота хаһан даҕаны умнубат. Ити күн, “Билии күнүгэр”, сибэтиэй сиргэ – оскуолаҕа, оҕо өлүүлээх, устуоруйаҕа хаһан даҕаны буолбатах кыыллыы, сидьиҥ быһыы тахсыбыта.
“2004 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Хотугу Осетия өрөспүүбүлүкэтин Беслан куоратын 1№-дээх оскуолатыгар линейкэҕэ барбытым. Линейкэ кэнниттэн террористар саба түһэннэр биһигини заложник гыммыттара. Кинилэр хап-хара таҥастаах, сирэйдэрин бүөлэнэн мааскалаах этилэр”, — диэн Маша Урманова диэн 1995 сыллааҕы төрүөх, 323 өлбүт дьон испиэһэгэр киирбит кыысчаан суруйан хаалларбыт.
Бандьыыттар заложник ылаттаабыт оҕолорун, төрөппүттэри, учууталлары оскуола ыспартыыбынай саалыгар үүрэн киллэртээбиттэрэ. Террористар шахид пояһын эринэн, гранатометунан уонна араас ытар сэбинэн-сэбиргэлинэн сэбилэммиттэр этэ.
Күн иккис аҥарыгар, 15 чааһы 25 мүнүүтэни ааһыыта оскуола таһынааҕы дьиэҕэ дэлби тэптэрии иһиллибитэ. Кэлин босхоломмут биир заложница кэпсээниттэн иһиттэххэ, маҥнайгы дэлби тэбии ыспартыыбынай саала истиэнэтигэр скотч көмөтүнэн иилиллэн турбут иитиллэр буомба төлө барыытыттан тахсыбыт. Уопсайа 1181 заложник ылыллыбытын туһунан Хотугу Осетия норуотун үөрэхтээһинин министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ иһитиннэрбитэ.
“Күн-дьыл биллибэккэ уустан ааһар… ол эрэн ити алдьархайы биһиги хаһан даҕаны умнубаппыт. Бүгүн 2004 сыллаахха буолбут ол амырыын түгэни санаан, сүрэҕим эмиэ хам тутар… Биһиги өйдүүбүт, биһигинниин бииргэ буолуҥ”.
Сыл ааспытын кэннэ 9 кылаас үөрэнээччитэ… 31.08.2005 сыл. Волгоград куорат, Россия.
Террористическэй аакталар кыттыылаахтарынан уонна сиэртибэлэринэн, эйэлээх кэм олохтоохторо эрэ буолбакка
— анал сорудах байыастара эмиэ буолбуттара.
Кинилэр сүрүн сыалларынан – олохтоохтору террористартан көмүскээһин, ол эрэн хомойуох иһин үгүс түбэлтэҕэ байыастар бэйэлэрин олохторун толук ууран тураннар туруоруллубут соругу толороллоро мэлдьи көстөр. Беслан куоракка 10-ча спецподразделение байыаһа суорума суолламмыта. Биһиги кинилэр хорсун быһыыларын үйэлэргэ умнуо суохтаахпыт.
Биһиги бу маннык хара күннэри умнубаппыт…
Сэмэн Жендринскэй