Самаан сайын түмүктэнэрэ аҕыйах хонук хааллар, онтон үөрэх дьыла бу ыга анньан кэллэ. Бэҕэһээ о.э. атырдьах ыйын 9 күнүгэр, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Юрий Посельскай, Семен Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатын кэлэктиибин кытары көрсүһүүнү тэрийдэ.
Бу көрсүһүүгэ, Хадаар орто оскуолатыгар дириэктэринэн үтүө суобастаахтык эрдэ үлэлээбит Алексей Филиппов атын үлэҕэ көһөрүнэн сибээстээн, Петр Тарасов диэн эдэр уолу оскуола саҥа дириэктэринэн анаатылар.
“Петр Петрович 2007 сыллаахтан Семен Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатыгар омук тылын учууталынан онтон дириэктэри солбуйааччынан, кэнники нуучча тылын үөрэҕин баһылаан учууталынан үлэлээбитэ. Үөрэппит оҕолоро ОГЭ, ЕГЭ предметтэригэр көрдөрүүлэрэ үчүгэй, билигин балай эмэ уопутурда, Хадаардар олохтоох бэйэлэрин уоллара, кэргэннээх, икки оҕолоох. Идэтин баһылаан дойдутуттан 16 сыл курдук харыс да сири халбарыйбакка үлэлии-хамсыы сылдьар киһи кандидатуратыгар тохтоотубут”, — диэн Юрий Павлович эттэ.
Олох сайдыыта биир сиргэ кыайан өр турбат. Сайдан, үүнэн иһэр омук күүстээх, саҥаны киллэрэн иһэр салайааччыга кырдьык наадыйар. Соҕотох киһи салайар былааһа түргэнник сайдыыны ситиһэр кыаҕа-күүһэ элбэх, кыра, быстах кэмнээх ыарахаттары тулуйууга кыаҕа улахан, биир санаалаах буолууга түмэр күүһэ үрдүк. Олох бу кэмигэр дьон бары маннык майгылаах салайааччы киһиэхэ наадыйаллар уонна тэрилтэни эр киһи, кытаанах илиилээх салайааччы салайара ордук туһалааҕын билинэллэр. Хадаар нэһилиэгэ бу чааһыгар урут даҕаны, билигин даҕаны хаһан даҕаны сыыспатаҕа. Онтон Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетыттан, кэнэҕэски ыччаттарбыт үөрэхтэрэ, дьарыктара өссө эбии сайдарыгар анаан инникитин улахан уларыйыылары киилэрэрин эрэнэ кэтэһэбит.