Бэс Чагдаҕа сытан, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кытта билистим

Оҕо эрдэхпиттэн сэрии ыар тыынын билбит ытык дьоммут, төрөппүттэрбит “Сэрии эрэ буолбатар!..” диэн этэллэрин истэн кэллэҕим…

Билиҥҥи дойдубутугар тирээн кэлбит балаһыанньанан бырааттарым, уолум дойдуларын көмүскүү байыаннай дьайыыга сылдьаллар. Ол чэрчитинэн Москваҕа Бэс Чагда санаторийга баран сынньанан, эмтэнэн кэллибит. Онно тугу биллин-көрдүн диэн кыратык кэпсээтэххэ, бастатан,  республикабыт салалтата дьаһайан, тэрийэн, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт госпиталларга сытан-эмтэнэн кэлэн,  реабилитацияны ааһар сирдэрэ эбит.

Буойун уолаттарбыт барахсаттар ким эрэ көлөөскөнөн, баттыгынан сылдьаллар, палатаҕа  сытааччылар да бааллар. Син уолаттардыын көрсөн, дьиҥнээх уокка, инники кирбиигэ сылдьыбыт буойуттар кэмчи кэпсээннэрин иһиттим, ол курдук бэйэм уолум өтөр -өтөр сибээскэ таҕыстаҕына, “…передоктан кэллибит, этэҥҥэбит…” диэнинэн бүтээччи.

Бу олороллор ууну-уоту ортотунан ааһа сылдьар уолаттарбыт барахсаттар Уолаттартан көҥүллээх ааттарын позывнойдарын суруйабын: Мичил – Шустрый, Сергей – Тимир, Иосиф – Синтай, Андрей – Хабзай, Мичил – Бөрө. Мичил –Бөрө иэһин төлөөн, сулууспалаан бүтэн кэргэнин, оҕотун кытта дойдулаата.

Үчүгэйэ диэн уолаттарга кэргэннэрэ, ийэлэрэ кэлэн, бииргэ буолан, психологически да, эмтэнэллэригэр да көмөлөһөллөр эбит. Биир Сунтаартан сылдьар улахан эчэйиилээх уолга ийэтэ, кэргэнэ иккиэн бааллар, аны Хабаровск ыытар буоллулар быһыылаах арааһа барсарбыт буолуо диэхтииллэр…

Бу Эдьигээнтэн сылдьар (Күүс өттүнэн Көһөрүүгэ баран олохсуйбут ийэм балтын оҕолорун билэллэр эбит)  хас да бааһырыылах снайпер уол Алик – Рыбак арыычча буолан, бииргэ сылдьар бойобуой доҕотторугар барда. Биир өлүүгэ сылдьар БОЙОБУОЙ БЫРААТТАҺЫЫ диэн үрдүктүк тутуллар быһыылаах.

Саллааттар таптыыр, ытыктыыр Ийэлэрэ кэмиттэн кэмигэр Бэс Чагдаҕа сылдьан көрсөн ааһар эбит, Мария Егоровна байыаннай дьайыы инниттэн да төһөлөөх элбэх сырыыны, көмөнү оҥордоҕо…

Үөрүүлээх түгэнинэн Россия геройун Игорь Юргинныын көрсүһүү буолла, хаартыскаҕа түһэн үйэтийии…Алдантан төрүттээх Саха сирин уола олох холку, үтүөкэн КИҺИ быһыылаах.

Көрсүбүт уолаттарбытыгар барыларыгар анаан илдьэ барбыт  өйдөбүнньүк сувенирбытын туттардыбыт.

Бииргэ барбыт доҕорбунаан Альбина Андреевналыын Таҥара дьиэтигэр сырыттыбыт, чүмэчи туруордубут, уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьалларын көрдөстүбүт.

Былырыын ыам ыйыгар ыыппыт суругум почти сыл буолан тиийбит…үөрдүм сүтэн –оһон хаалбатаҕыттан. Фронт иэнэ, уһуна киэҥэ улахана бэрт буоллаҕа, ол былаһын тухары кырыктаах кыргыһыы… Уолум улуус дьаһалтатыгар дойдум аһын амсайдым диэн махталын этэр.

Бу байыаннай дьайыы саҕаланыыта плакатым.

 

Григорий Турантаев, РФ Суруналыыстарын, худуоһунньуктарын  сойууһун чилиэнэ, СӨ уус-уран оҥоһукка маастара