Күн-дьыл усулуобуйатын эрэ мөлтөөһүнүттэн суол саахала тахсыбат, ардыгар суоппар бэйэтэ ситэри болҕомто уурбатыттан эмиэ алдьархай буолуон сөп. Бэҕэһээ о.э. сэтинньи 30 күнүгэр “Халыма” тыраассатын 159+100 км, Мугудайтан Чурапчыга айаннаан иһэннэр суол саахалыгар түбэстилэр.
Бэҕэһээ киэһэ Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай сулууспа дьуһуурунай бөлөҕөр, “Тойота-Королла Аксио” массыына суоппара киэһэ 17 чааһы ааһыыта айаннаан иһэн, утары массыына ааспытын кэнниттэн, суолга уота-күөһэ суох бырысыаптаах тыраахтыр турарын эмискэ өйдөөн көрөн туормаһын үктүү сатаабыт, түмүгэр бырысыап кэннигэр тиийэн массыына иннинэн бүтүннүү тоҕу түһэн, олорсон испит киһитэ эчэйии ылан балыыһаҕа киирбитин туһунан иһитиннэрии киирбит. Суолу кэтээн көрөр судаарыстыбаннай сулууспа иниспиэктэрдэрэ быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийэн үөрэтэн көрүүлэрин түмүгэр, тыраахтырдаах киһи айаннаан иһэн тиэхэньикэтэ умуллан тохтоон хаалбыт, ону ааһан тырахтарыыс кэмигэр аварийнай бэлиэни туруорбатах, сырдатар элэмиэннэри ханан даҕаны ыйаабатах.
Өскөтүн тиэхэньикэ алдьанар түгэнигэр ПДД 7.2 пуунугар олоҕуран, суоппар хайаан даҕаны 30 миэтэрэ тэйиччи аварийнай бэлиэни туруоруохтаах, ону таһынан аварийнай уотун холбуохтаах. Убаастабыллаах суоппардар, күүстээх тыалга, хаарга, тумаҥҥа тиэхэньикэҕит оскуораһын намтатаргытыгар, бэйэ-бэйэҕитин кытары өйдөһөн болҕомтолоохтук аайнныыргытыгар ыҥырабыт.
Чурапчытааҕы суолга сэрэхтээх буолуу иниспиэксийэтэ