«Барнхаус Чурапча» кэрэ өйдөбүллэри бэлэхтиир

Сандал сааспыт кэлэн, ыам ыйын уһун өрөбүллэрэ чугаһаатылар. Онуоха эһиги, күндү ааҕааччыларбыт, сынньалаҥҥытын хайдах атаарар туһунан толкуйдуу, былааннана сылдьар буолуохтааххыт. Билигин халлаан сылыйан, сир харааран эрэриттэн, киһи айылҕаҕа тахсыан баҕарар санаата күүһүрэн иһэр. Манна сөп түбэһиннэрэн, доҕоттордуун көрсүһэргитигэр, төрөөбүт күннэри, бэлиэ даталары бэлиэтииргитигэр табыгастаах миэстэни – аныгылыы «Барнхаус» истииллээх дьиэни сүбэлиибин. Бу туох саҥа сүүрээнэ буоларын гостевой дьиэ хаһаайкатыттан, урбаанньыттан Айталина Больницкаяттан ыйыталастым.

— Айталина Николаевна, «Барнхаус» истиил уратытын ааҕааччыларбытыгар баһаалыста билиһиннэрэ түс эрэ.

— Бу Америкаҕа уонна Европаҕа үөскээбит истиил буолар. «Барн» нууччалыы «амбар, сарай» диэн тылбаастанар. Аатыгар баарын курдук, эргэ сарайдары тупсаран, олорор дьиэ оҥостоллор. Кэнники кэмҥэ киин сиргэ олорооччулар дэриэбинэ олоҕор талаһаллар. Онуоха маннык ньыма түргэн, ыарахана суох уонна элбэх үбү-аһы ирдээбэт, эбиитин дьиэҥ киэҥ-куоҥ, олорорго табыгастаах, истиилинэй буолар. Ол иһин киэҥник тарҕанан, туспа архитектурнай истиил буолан, аныгы саҥа дьиэлэр тутуллаллар.

— Бу аныгылыы тииптээх дьиэни туттар санаа төрүөтэ туохха сытарый?

— Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрээт, «Чурапчы» ТХПК каадыр отделын исписэлииһинэн уонча сыл үлэлээбитим. Хас да сыл бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлиэхпин баҕарбытым. Ол эрээри чопчу ханнык эйгэнэн барарбын билбэт этим. Чурапчыга туорду, сушины астыыр киһи элбэх, оттон иистэн ыраах курдук санаммытым. Идиэйэ көрдүүр кэммэр, интэриниэккэ маннык гостевой дьиэлэри бэлиэтии көрбүтүм. Онтон саҕалаан, бу эйгэни хасыһан үөрэтэн, бырайыагын харахпар ойуулаан — уруһуйдаан, кэргэним өйөбүлүнэн олоххо киллэрдим. Мин толкуйдаатым да, тута оҥорорбун сөбүлүүбүн.

— Тутуу үлэтин бэйэҕит ыыттыгыт?

— Үһүс сылбын Чурапчыга риелтордыыбын. Онон хамсаабат баайга-дуолга быһаарсабын диэххэ сөп. Ол иһин ити кэмҥэ, ааспыт сыл саҕаланыыта, баҕар дьиэ туттуохпут диэн, учаастак ылбытым оруобуна гостевой дьиэбитин туттарга сөп түбэстэ. Онон хайдах эрэ барыта судургутук табыллыбыта. Аан бастаан кэргэмминээн биир сүбэнэн, бэйэбит туттарга былааннаан баран, элбэх бириэмэ, сыра-сылба барыыһы диэн, тутуу хампаанньатын кытта сүбэлэһэн, көҥдөйүн туттарбыппыт. Салгыы дизайнын, бытархай ис-тас үлэтин бэйэбит оҥорбуппут. Күн аайы кэриэтэ, сайыны быһа үлэлээбиппит. Кырааскалааһыҥҥа, күрүөлээһиҥҥэ, уоту тардыыга дьүөгэлэрбит, доҕотторбут олус көмөлөспүттэрэ. Балаҕан ыйыгар үлэҕэ киирбитэ.

— Дьиэҕит иэнэ төһөнүй? Хас хостооҕуй?

— Уопсайа, 6х7 миэтэрэ иэннээх. Оттон ис өттө, быһа холоон, 6х6 миэтэрэ буолар. Саамай элбээбитэ 12 киһи батар. Дьон-сэргэ сынньанарыгар, бэлиэ түгэннэри бэлиэтииригэр ураты, толору усулуобуйаны тэрийэргэ болҕомтобутун уурбуппут. Ол курдук, сонун дизайннаах, аныгылыы улахан панорамнай түннүктэрдээх, утуйар хостоох, кухнялаах, толору хааччыллыылаах дьиэ буолар. Хаартыскаҕа түһэргэ анал зоналары оҥорбуппут, дьиэ ис бараанын тупсарар камин, түргэн вайфай, киинэ көрдөрөр проектор, караоке, остуол оонньуулара бааллар. Саас, сайын шашлыктыырга анал миэстэ тэрилиннэ. Эбии беседка тутулла турар. Онон билигин да кыра-кыралаан тупсаран, оҥорон иһэбит. Барнхауска кэлэн, мунньах да тэрийиэххитин сөп.

— Биһиги томороон тымныыларбытыгар улахан түннүктээх эбийиэктэр тымныы буолааччылар. Тугунан сылытылларый?

— Дьиэ хаачыстыбылаахтык тутулунна, хочуолунан оттуллар. Эбии сылаас буоллун диэн «теплый пол» тэлгээбиппит. Түннүгүнэн кыратык тымныы киирэр эрээри, эбийиэк кыра иэннээх буолан, аан элбэхтик аһылыннаҕына ордук сойор. Быйыл кыра эбии тутууну былаанныыбыт.

— Биллэриигит бассаабынан киэҥник тарҕанар. Элбэх киһи сэҥээрэр. Төһө сакаас киирэрий?

— Өрөбүллэргэ уонна бырааһынньык күннэргэ үгүстүк сылдьаллар. Үлэ күнүгэр сэдэхтик кэлээччилэр. Килийиэннэрбитигэр араас акциялары, чэпчэтиилэри тэрийээччибит, сэртипикээттэри оонньотооччубут. Үксүгэр дьүөгэлиилэр түмсээччилэр. Аҕам саастаах да дьон 65, 70 саастарын кэлэн бэлиэтээччилэр. Ону таһынан «гендерпати», романтикалаах киэһэни тэрийэллэр. Эдэр дьон тапталга билинэр түгэннэри бэлэхтииллэр.

— Бэйэ дьыалатын арынаргытыгар көмө бырагыраамаҕа кыттыбыккыт дуо?

— Кыттыахпын баҕарабын да, маннык эйгэҕэ көмө диэн суох кэриэтэ. Ол да буоллар, «Мой бизнес» киини кытта үлэлэһэбин, бизнес былаан оҥорбутум.

— Айталина Николаевна, кэпсээниҥ иһин махтал! Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһиилэри, элбэх килийиэни баҕарабыт.

Марфа Петрова.