Атыннар (кэпсээн)

Кыһыҥҥы ый аам-даам тымныытынан аргыйан, бытарҕан салгынынан чачатан, күнү-түүнү өрө мөхтөрөн, ыас хара түүннэрдиин саты­ылыыр. Таас дьарҕаа дьапталҕан хайалар туруук очуостарын арҕ­астара хантаһан, өнд­өл халлаан дириҥ уор­аҕайыгар харбыалаһан, одуулуу тураллар. Сууллар тоҥ сулустар­дыын субуруһан, тоҕус толомон халлаан ур­аатыттан сулумах кут­тар​ ытаһан, сурулаан ааһаллар. Мэнэрик тыаллар кинилэри хаб­ыалыы ыйыстан, бөтө бэрдэрэн, улуйан ыла­ллар. Онон эрэ итээб­эккэ, кэлтэгэй ый уһ­ун сыҥааҕа унньулуйа­н, уота-күөһэ суох өлбөөдүйэн, хараҥа ха­ллаан дьураатынан ор­гууй устар. Хомуос сулус үргүүк былыт бы­ыһынан таҥха түүн тү­өрэх кэбиһэн, тугу эрэ билгэлэнэн биттэн­эр… Былыргы үйэ кү­лүк бэлиэлэрэ аан да­йды түгэхтээх аньыыт­ын кыйдаан, быраман быыс быыһыттан быгыа­хтыыллар. Илин дуолт­ан тэйэ көтөр уоһах күн тыҥ хатыыта сары­алынан сырайан, сарт тымтык уотунан дьөл­үтэ түөннүүр. Чоҥкуч­ах алаас халдьаайытын анныттан, тыына ха­айтарар курдук, бобу­лла-бобулла оһох үөл­эһиттэн бур-бур буруо бургучуйар. Балаҕан кэннигэр эмэхтийэн сууллубут аар хатыҥ халыҥ хаарынан бүрү­ллэн, үллэн сытар. Сарсыардааҥы хатан дь­ыбарга хара суор хаа­ҕырҕаан, алааһы эрги­йэ көтөн сапсынар.

​ ​ ​ -Һок! Бу тугуй? Ону-маны түһээммин, баттаттым дуу, туг­уй? Эмиэ Сымнах алаа­һын тула үнүргү эриэн торбос абааһыта сү­үрэ сылдьарын көрдүм ээ. Били атыыһыттар айаннаан иһэн эмискэ ыалдьан өлбүттэрин тоҕо күөрэттэ? Ол сордоохтору ампаар иһ­инээҕи оҥкучахха, ат тэриллэрин кытары, сиэри-туому тутуһан, көмпүппүт. Бочурах ойууну ыҥыран кыырдар­быппыт. Уонна эмиэ туох куһаҕаны биттэнэн сүүрэкэлээтэ буолл­а? Ыарыылара өрө тур­ан кэлбэтэ ини?-диэн, Бэрбээкэй удаҕан тү­өһүн муҥунан тыын бы­лдьаһа, өрүтэ тыымма­хтаан уһуутуу олорд­о.

​ ​ -Ол урдустар Күс­кэгир хайатын аннынан ааһар улахан ойуун суолугар отууламмыт­тар, сэрэхэчийиэх бэйэлээхтэр диэтэҕиҥ дуу? Оҕонньор бэйэтин биллэрдэҕэ ээ. Муоһайтан аллара сытар тоҕойунан бардахха Кээппээҥниир кырдьаҕас өтөҕө баара. Онно оҕонньорго таарыйан дуу, биитэр Тыҥалар​ аймахха тохтоон дуу, суолу ыйдаран ​ сүбэлэппэт дьон буоллахтара. Дьылҕалара ыйан, быстах быалара тартаҕа,- Бэрбээкэй удаҕан түүлүн тойоннообута буолан этин сааһа аһыллан, иэнэ кэдэҥнээн ылла.​

Үгэххэ уурбут кытыйалаах суоратын булан, сандалытыгар аҕалан уурда. Аһыйбыт тартан хамыйаҕынан баһан ылан, балайда эбэн, булкуйан биэрдэ уонна астына олорон аһаата. Иһитин түгэҕин ньиккирэччи салаан кэбистэ.​ “Һуу, дьэ, тыыным-быарым кэҥээтэҕэ үһү”,-диэн хойуу куолаһынан добдугураата. Оҕонньор оһоҕун оттон, хотонугар тахсаахтаабыт. Улахан алтан чаанньыгын уот үөһүгэр туруоран кэбиспитэ-уута уолан сыыгыныы олорор. Атах ороҥҥо сэттэлээх-аҕыстаах Саппыйа, икки санна ыгдаҥнаан, ытаан сыҥсыйар.

​ ​ — Ытаа, ытаа, дьөлө мэҥий! Тугу түүйэн тохтообоккун?! Түүн аайы ытаан оҥторон биэрэҕин!- Бэрбээкэй сөбүлээбэтэхтии быһыта-орута саҥаран, мөҕөн кэбистэ. Дьиҥэ, кини оҕо ытаатаҕын аайы улаханнык долгуйбат эмээхсин. Бэйэтэ ону-маны санаан, сүрэҕэ ытырыктатан, аһыйан ылар.​ ​Бэрбээкэй эмээхсин айылҕаттан бэриһиннэрбит дьоҕурунан өрдөөҕүтэ өлбүт дьон үөрдэрин кытта кэпсэтэр, инникини өтө көрөн билэр кыахтаах. Ол эрээри,бэйэтэ хас сыллаахха  төрөөбүтүн субу диэн билбэт. Арай, абаҕата кэпсээбитинэн, халыҥ хаар дьыл Күпкэ төрөөбүт үһү. Оттон эһэтин кэпсээнинэн, муустаах мотуок дьылыгар күн сирин көрбүт эбит. Ол кэннэ буоспа ыарыы туран, дьиэ-дьиэнэн эстэн, ыал-ыалынан охтубуттар. Сүрдээх сыстыганнаах ыарыы буолан, дьон куттанан, ааннарын күнүстэри хатанар идэлэммиттэр. Буоспанан ыалдьыбыт дьон дьиэлэрин​ баҕаналара харааран, хайыта баран хаалбыт буолара үһү. Өлбүт дьону кыайан харайбакка үүт оҥкучахтарыгар угаттаан, омуһахтары сиҥнэртээн кэбиһэллэрэ. Оннук дьулаан өлөр өлүүттэн хайдах тыыннаах ордон хаалбытын санаатаҕына, Бэрбээкэй хараҕа сиигирэн ылар.

Кыһыҥҥы күннэр тымныылара арыыйда уҕарыйан, хайа үрдүнэн былыты быһа охсон, арыт күн сардаҥата ыһыллан кэлэр. Оччоҕо хоту сир ньуура барыта хаар кыырпаҕын уотунан күлүмнүү оонньуур. Ол икки ардыгар халҕаһа былыт сабардыы устан, аһаҕас сири саба бүрүйэн кэбиһэр. Сааскы сытыы тыал хаары ытыйбахтаан, сыарҕа суолун тибэр. Арыт оһох үөлэһинэн сытыы тыал түүнү супту улуйара иһиллэр. Ол аайы Бэрбээкэй икки чабырҕайа тэһитэ кэйэн, түҥ-таҥ тыллаһан, илбиһирэ мэнэрийэн барар. Турукка киирдэҕинэ ийэ-хара көлөһүнэ иэнинэн аллан, аастыйбыт баттаҕа ыһыллаҥнаан, дьигиһийэ иэрийэн барар. Ордук ыйдаҥалаах түүн түптүрүн сэгэтэн, ​ кутуран кэлээччи. Этинэн-хаанынан хараҥа тыыннардыын эллэһэн, кинилэрдиин силбэһэн, көстүбэт эйгэҕэ киирэр. Көмүлүөк күлүк муннугуттан түктүйэ иччитэ түлэкэдийэн, түрбүйэрин үтүктэн барар:” Оо, аанайбын-туонайбын даа, хара сорбуон ньии!!! Өбүгэм өтүүтүн, кистэлэҥ түмүгүн ыйыппакка быстым… Биис ууһун түгэхтээх билгэтин хаппаҕын сэгэтэн астым… Түҥ үйэ түҥкэтэх эйгэтин ситимин киирэн ыстым… Оо, күтүр өстөөх, иэдьэгэй мэйии, хара бэкир ураа тарбахтара хабарҕам хайыытын хайытан, тыҥыраҕынан супту түһэн тырыта тыытан эрэллэр! Бэлэспэр батары биэрэннэр, тыыннаахтыы тыынарбын былдьаатылар, тылбыйар тылбыттан өрө ыйаан таһаардылар!..” Бэрбээкэй олох маһыттан туран, умайа сытар уоттан чоҕу сыгынньах илиитинэн хаба тардан ылан, айаҕар уктан кэбистэ. Уонна, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрөн, өрө уһуутуу-уһуутуу, ис-иһиттэн  иччилээхтик кутуран, бөрө буолан кубулунан, улуйан барда. Ону кытта тэҥҥэ оһох үөлэһиттэн тыал улуйсан онолуйар. Дьиэлээхтэр тыыммакка да, кутталларыттан, оронноругар сууланан, иһиллии сыттылар. “Аарт-татай, оҕолоор! Ытык ыйааҕым бэскитигэр умса ууруллан эрэбин, Дьылҕа-хаан кытаанах ытыһын ытарчатыгар тиирэ тардыллан, сүллэр этиҥ күрсэр күүстэрин күөн көрсө утары барабын. Өндөл халлаан Өксөкү кыыла, тыҥ хатыыттан куорсун хатан, кырыыс кыымын өрүкүтэн, сирэйбэр-харахпар ыһар. Тардыас тылым, босхо тылгыйа сытыы кылыс буолан, кытарар. Өлүү тыынын, үөлэс үүтүнэн көмүскэнэ, үтэн алкыйар. Өһөх үөһүм тымырым устун таҥнары устан, сата баһын тарта, илбиһирэ иэрийэн сытайан туран таныйда. Халыан холорук ытылҕана иннибэр иин, кэннибэр​ айа иитэн тоһуйда. Хара былыт дьай сөлөгөйө күдэҥҥэ көтүтүөн сиппэтэ, силигин ситэриэн сиэбэтэ… Оо, Улуу Кудулу байҕал дириҥ уораҕайыгар умсар көмүс иилээх Үрүҥ күнүм! Үрдүк Аанньал күүһүн дьалбыйан, сарпах уотунан дьөлө түһэн оройбун илбийэн сырай! Түһэххэр көтөҕөн ылан ыар баттык санааттан сайҕаа! Суолланар тоҕойбун буллар! Айаккыы-айаккаа…” Итиэннэ, илистэн, иччитэ суох хараҕынан биир сири тонолуппакка мээнэнэн көрөн  олордо. Онуоха оҕонньор, икки хонноҕуттан ылан, оронугар илдьэн сытыарда. Саппыйа атах ороҥҥо бүк түһэн, ытаан сыҥсыйар: “Эбээ, утуй, утуй. Ити барыта миигиттэн, миигиттэн… Эбээ, уоскуй…”-дии-дии кытаран хаалбыт харахтарын кыракый ытыһынан  ньухханар. Эмискэ кыыс, хараҕын өҥүргэһинэн көрөн, тиэрэ таһылла түстэ. Айаҕыттан күүгэн аллан, тыына бопторон киирэн барда. Бэрбээкэй: “Сиэтэ-э, сиэтэ! Оҕобун ылаары ымсыырбыт буолбат дуо?! Дьэ бэйикэй! Мин да баарбын!” ​ Балаҕан иһэ соҕотохто хараҥарда, чэҥ муустаах муннуктара ытаан ньолҕоруйдулар, тугу эрэ кистэммиттии иһийдилэр…

Итинтэн биир сыл буолан баран, сааһыары, тибиллибит суолунан икки сыарҕалаах ат аа-дьуо хаамтаран, сыарҕа тыаһа хаарга кыычыгыраан, айаннаан иһэллэр.

​ ​ — Кырдьаҕаас, чугаһаатыбыт,-диэн Дьөгүөр Бүөтүкчээн ойууҥҥа аргыый эттэ. Бүөтүкчээн ойуун намыһах уҥуохтаах, саас ортолоох киһи. Бэйэтигэр сөбө суох киэҥ харахтаах. Кини хараҕын дьон саллан утары көрбөт, киһи этэ салаһар уоттаах харахтаах дииллэр. Кыыран киирэн бардаҕына эһэҕэ кубулуйар, тыаҕа сылдьан уот иччитин кытта алтыһар. Эргиччи туох буола турарын көрбүөччүлүүр хомуһуннаах күүстээх.

​ ​ Айанньыттар сырдык-хараҥа былдьаһан эрдэҕинэ, Күрүөлээх диэн төгүрүк алаас илин бас халдьаайытынан хаамтаран киирдилэр. Бүөтүкчээн сыарҕаҕа халыҥ үүс сонунан үлбүнэн сытар. Хараҕар алта муннуктаах ампаар ыраахтан барыйан көһүннэ. Аттар куула тыа саҕатыгар турар балаҕаҥҥа дьулуруйан, иҥнэйбит сэргэҕэ кэлэн, кэтиллэ биэрдилэр. Дьөгүөр сыарҕаттан сулбу ыстанан түһээт, Бүөтүкчээн ойуун этэрбэһин, сонун хаарын тэбээтэ.​ Дьиэлээхтэр утуйаары оҥостон эрдэхтэринэ, дьиэ таһыгар киһи этэрбэһин тэбэнэрэ иһилиннэ, кэмниэ-кэнэҕэс ааннара, дьэ, аһыллан​, кыыкынаата.​ Балаҕан аана аһыллаатын кытта​, ​тымныы салгын бургучуйан кииристэ уонна​ буор муостанан сыылан, түгэх үгэххэ ааһа турда. Кэтэҕириин ороҥҥо Бэрбээкэй удаҕан илэ бэйэтинэн көхсө бөгдьөллөн олорор. Киирбит дьону чинчийэрдии одууласта.

​ ​ ​ — Дьиэлээхтэр, кэпсээҥ.

​ ​ — Эчи суох, эһиги кэпсээҥ,- оҕонньор туран этэрбэһин кэтэн хачыгырайда. Көмүлүөк оһоххо мас быраҕан, өһөн эрэр чоҕу үрэн сирилэттэ. Онуоха уота умайан, тыаһаабытынан барда. Балаҕан иһин барбах эрэ сырдатта. Алтан чаанньыгын уот үөһүгэр туруоран, оргута уурда.

-Илдьиккин ылынан, Омохто курдук ыраах сиртэн аат ааттаан, бу Дьөгүөрдүүн айаннаан кэллибит.

​ ​ Бэрбээкэй, кэтэспит дьоно кэлбиттэриттэн үөрэн, сэргэхсийэ түстэ. Омохтолору ыйыталаста. Ити икки ардыгар​ чаанньык уута оргуйан, таһынан куотта.

​ ​ -Ээ, дьэ, уһуннук айаннаан кэллигит дии. Бүгүн кэлиэхтэрэ диэн кэтэһэн утуйбакка олоробут. Аара Ааҕый Охтубукка Олотуох Ууска сылдьан аастыгыт дуо? Тугу кэпсиир?

​ ​ — Оҕонньор этэҥҥэ.

Былырыын сайын Күпкэ ыһыах ыспытыгар алааһы хотойдоох мохсоҕол эргийэ көтөн ааспыттар үһү. Билигин Саттыалы уһуйа сылдьар.

​ ​ ​ -Ээх, истибитим. Кырдьаҕаас, кыс хаар ортото туох аанньаҕа ыҥырыахпыный? Улахан моһуокка ыллардым,-эмээхсин ыар баттыкка ылларбытын ытамньыйа-ытамньыйа кэпсээн киирэн барда.

​ ​ ​ -Утуйар уубун умнан, отуорум хамнаан олоробун. Эмиэ уруккутун курдук сүүһүн ортотугар соҕотох харахтаах эриэн торбос Сымнах алааһын тула сүүрэкэлээн аймаата. Били хара дьайдаах буоспа ыарыыны күөдьүтэн таһаараары гынар быһыылаах. Мин да кинини иһэ-үөһэ ыһыллыан тухары эккирэтэ сатаан кэбистим да, сиппэтим. Ол баҕайы онтон уодаһыннаммыта дуу, аны сиэммин сиэри хабарҕатыгар хатанан, тыынын хаайан сытыарар. Күн-ый буол! Үс күлүккэр үҥүөҕүм. Көмүһүм оҕотугар көмөлөс, быыһаа-абыраа диэн көрдөһөөрү ыҥырбытым. Бэйэм да аһааҕыран кэнним уһаан, инним кылгаан сылдьабын. Оҕом сыыһа кыратыгар тулаайах хаалбыта. Наар дьонун уҥуохтарыгар бара турар этэ. Ол туох аанньанан эргийиэй?

​ ​ ​ Атах ороҥҥо, быыс кэннигэр, кыра кыыс орон киһитэ буолан, тыына быстаары кыыкыныы, өйө суох сыппыта биир сыла буолбут. Илиитэ-атаҕа уҥуох-тирии эрэ хаалан, нукаай курдуктар. Кубархай иэдэһэ уолан, этирик түөһэ эппэҥнии бөтүөхтүүр. Бүөтүкчээн ойуун ону-маны ыйыппахтаан баран, оҕо тымныйан эрэр сүүһүттэн сыллаан сырылатан ылла. Кыыс ​ үрдүгэр төҥкөйөн, түөһүн иһиллээн көрдө. Айаҕын атытан бэлэһигэр үс төгүл силлээтэ. Уонна тоҕус муостаах дүҥүрүн ылан былаайаҕынан бастаан  иһиллэр-иһиллибэттик, онтон улам тыаһын-ууһун улаатыннаран, охсон дьигиһитэн барда. Кутура туран, хараҥа муннугу, өһүө маһын уоттаах хараҕынан дьөлүтэ көрүтэлээтэ. Төбөтүн булкуйа-булкуйа, өрүтэ ыстаҥалаата, кутуран куйуһутта. Дьааһыйбахтаан баран, киһи куйахата күүрүөр дылы суор буолан кыланан ылла. Харахтара хаанынан оҕуолаан тымырдара быһыта бардылар. Чэпчэки-чэпчэкитик бэдьэйэн, сиртэн тэйэн,

көтөн барда. Кыһыахтаах куолаһынан күлэн саһыгыраата, иһиирэн чускутта: “Биир төгүрүк сыл устата уҥуоҕун ууллан, уһуннук утуйдуҥ. Анараа дойду улуулара ылбатылар. Бэтэрээ дойду бэртэрэ билиммэтилэр. Онон, аны аһаҕас эттэнэн эргиллэн кэлээр, аҕыс ыйынан Саппыйа удаҕан буолан аатыраар, илбиһирэн тураар! Хардар, Саппыйа!” Бүөтүкчээн ойуун баттаҕа кырыаран, туртайан таҕыста. Эриэн талаҕы эрийэ тутан, кутаа уокка сырайан, салгыны таһыйда. Эккирии-эккирии өрүтэ көтүөккэлээтэ. Тугу эрэ эккирэтэр курдук сүүрэкэлээтэ. Сэттэ көлөһүнэ сарт баран, аҕылаата. Эмискэ Бүөтүкчээн ​ хараҕын симпитинэн, үүт-үкчү Саппыйа куолаһынан саҥаран барда: “Эбэм эрэ, эһэм эрэ буолларгыт тыллаах сыҥааҕым тугу диирин тулуйан истиҥ. Эһиги уу хараххытынан​ көрбөтөргүт да, мин Ытык Кырдьаҕаһы кытта тэҥҥэ салгыҥҥа көтө сылдьабын. Оо,​ ибир тыыным иччилэнэн, илбистэнэн, илгистэн эрэр. Этим-сииним имиллэҥнээн кэлгиэлэрин төлө мөхтө. Сааллар этиҥ дэлби баран, дүҥүрдэнэн дьигиһийдэ, тоноҕоһум устатынан дьөлө түһэн, дөйүөрүттэ. Халыр барбыт уҥуохтарым тэҥҥэ тэйсэн бэдьэйдилэр. Уҥар тыҥам бөтүөхтэнэн, үрүт-үөһэ эппэҥнээтэ. Итир түөһүм иҥиирдэрэ илдьи баран, бысталанна. Икки кылдьыы чабырҕайым, чыпчахайдаан тэһэ кэйдэ… Хара тыыннар харсыһаннар, хахпын хастаан сулуйдулар.  Сарыы тириим силгэлэрин сиирэ сүлэн чиккэттилэр. Испин-үөспүн ырытаннар, окко-маска ыйаатылар, хара хааммын уулаатылар, оборчолуу обордулар. Оо, дьэ, уонна үлүгэрдээх үс үөлэскэ үллэрэннэр үтэһэлээн үөллүлэр. Эҥин ээхпин этиттэрэн эккирэһэн үөрдүлэр. Эттии-эттии салбананнар, кутаа уокка сырайдылар. Кэҥсик сытын таһаараннар, амтаһыйан бардылар…Алларааттан алларастаан, абааһылар айдаардылар. Үөһэлэртэн көмүскэһэн, Айыыһыттар айманнылар. Сирдээх-халлаан аартыгыгар кэрэх маска кэлгийдилэр. Кириэс иилэн, чэҥкээйилээн эллээтилэр, эттээтилэр… Сылы быһа мөккүһэннэр, өтүү быатын өһүллүлэр. Дьалкылдьыйар силиилэрбин силбээн сиигин сирийдилэр. Өлөр дьууктан босхолооннор, өйбөр-төйбөр төннөрдүлэр. Орто дойдум быттыктарын, быһа суоллаан, буллардылар.»

​ ​ Ити кэннэ Бүөтүкчээн ойуун оҕо оронугар былаат курдук накыс гынан хам барда, тыын былдьаһа дириҥ-дириҥник тыына сытта. Түүнү быһа оннук умса түһэн, мунна тыаһаан, утуйан хаалла. Сарсыарда уһуктубута: дьиэлээхтэр ботур — ботур кэпсэтэн утуйбатахтар  эбит. Сиэннэрин оронуттан арахсыбатахтар. Ытык кырдьаҕас тугу көрүүлэммитин субу курдук диэтэ: “Сиэҥҥит улахан киһи буолаары эттэтэ сытар. Кинини абааһы оҕото буулаан, түүн хоонньоһор буола сылдьыбыт. Ол иһин күн аайы ытыыр идэлэммит. Кимиэхэ да кэпсиэ суохтаах эбит. Кэпсээтэҕинэ,  дьиэ иһинээҕи дьонтон толук көрдөөн, имири эһэн, сиэх-аһыах буолбут. Илбиһи иҥэрдим. Анал куму таҥаһын, кыаһаанын, дүҥүрүн тимир ууһугар Олотуох Ууска ый өлбүтүн кэннэ, үс күн иһинэн оҥорторон ылаарыҥ. Сотору өрүттүө, төрүт иччилэри кытта алтыста, уһуйуллан бүттэ, куттанымаҥ.”

​ ​ Оҕонньор үөрүүтүттэн хараҕын уута таҕыста. Эмээхсин сөҥ куолаһынан добдугураан, оҕонньоругар тугу эрэ сибис гынна. Киһитэ, тук курдук сонун бүрүнэн, таһырдьа таҕыста. Аттар далга ыһыллыбыт күөх оту сии тураллар. Сыарҕаҕа сытар бэрэмэдэйгэ оҕонньор буут эти, арыыны, сүгэн илдьэн, толору симтэ. Ол турдаҕына, Дьөгүөр дьиэттэн тахсан кэлэн, аттарын тутан баайталаата. Киэһэлик айанньыттар дойдуларын диэки суолларын көннөрөн, айанната турдулар.

​ ​ Аҕыйах хонугунан сааскы күн ылаарыйан, салгыны сылытан барда. Муус чопчута таммалаан, “чулк -чалк” ырыатын ыллаата. Айылҕа барахсан уһун тымныы кыһын кэнниттэн, ​аа-дьуо уһуктан айгыһынна.

​ ​ Бүөтүкчээн ойуун кэлэн барыаҕыттан, оҕо барахсан бэттэх кэлэн, күн-түүн имэ тэтэрэн, эбиллэн истэ. Төбөтүн өндөтөн, олорор буолла. Аһы аһыыр буолуоҕуттан​ сэниэлэнэн, балаҕан иһигэр хааман түөрэҥнээтэ. Бэрбээкэй эмээхсин саҥа сарыы этэрбэс тигэн биэрдэ. Этэрбэһин кэтээт, кыыс таһырдьа тахсаары нэһиилэ уйуттан турдаҕына: “Тирэххин сүтэримээр”,- диэн Бэрбээкэй алгыы хаалла.

Сааскы күн сырдыгыттан, ыраас салгынтан кыыс мэйиитэ эргийэн ылла, онтон-мантан тутуһан, хаамыталаата. Эмискэ хайыр хайа кэтэҕиттэн сэттэ сиэллээх-кутуруктаах, хараҥа иччилээх холорук түһэн өрө ытылынна. Сыыһы-буору бурҕатта, тула хараҥаран хаалла. Холорук кыыһы эргийэ көтө сырытта. Сир түгэҕиттэн бүтэй ынчык иһилиннэ. Ыраас халлааҥҥа этиҥ лиһигирээн тэнийдэ. Дүҥүр тыаһа дирбийдэ. Туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө, кыыс сирэйин икки ытыһынан саба туттубутунан, охтуохча-охтубакка, атаҕар тирэнэн, өр турда. Холорук оту-маһы барчалаан,​ арҕаа халдьаайыны дабайан, ытылла-ытылла бара турда. Бэрбээкэй кириэс охсунан сапсынна: “Оо, хара күтүрдэр, үтэн-анньан тургутан көрдүлэр. Оҕом сыыһа охтубата, тирэҕин сүтэрбэтэ!»

​ ​ ​ ​ Мутукча саҥа көҕөрөн, от-мас ситэн эрэр кэмэ. Оҕонньор чугас күөлгэ баран мундулаабыта буолар. Эргэ туутугар мунду аанньа киирбэтэҕэ ыраатта. Бу сырыыга кыыс, бэйэтэ тылланан, эһэтин батыһан барыста. Күөл куула өттүгэр хаппыт титириктэр, талахтар ууга умса баран түһүөхчэ төҥкөһөн тураллар. Саппыйа сирэйин тымныы уунан чалымнатан суунна уонна, ууга киирэн, үстэ куоҕастыы хахаарда. Оргууйдук, күөл ньууругар уйдаран, хааман бара турда. Балыгы үүрэр курдук илиитинэн даллаҥныыр. Эһэтэ оҕонньор, көрбөтөҕүн көрөн, иэнэ кэдэҥнээтэ. Чочумча буолаат, туутугар толору мунду симиллэн, оҕонньор эрэйдээх атаҕа сири билбэт буола үөрээхтээтэ. Туос тымтайа уйарынан мундуну хаалаан, дьиэлээтилэр. Тиийбиттэрэ-Бэрбээкэй мааны иннэтин сүтэрэн, аймана олорор эбит. Кыыс, көрдүү да соруммакка, ханна сытарын чуо ыйан биэрдэ. Саппыйа үтэһэҕэ мунду үөлэ олорон:“Эбээ, балаҕан кэтэҕэр ырба курдук муостаах Өрүөстээҕиҥ тыһы ньирэйдэммит. Тахсан көрбөккүн ээ.” Бэрбээкэй тиэрэ үктээн, байаатаҥнаан тахсыбыта, кырдьык, ынаҕа барахсан сууллубут хатыҥ күлүгэр субу төрөөн, ыҥырана-ыҥырана оҕотун салыы тураахтыыр эбит. Оҕото, Саппыйа эппитин курдук, тыһы. Саҥа төрөөбүт ньирэйин тутан-хабан, куурдан, синньигэс түөрэҥкэй атаҕар туруорда. Ол курдук бадьыыстаһа сылдьан көрбүтэ, арай, эмэх хатыҥын анныттан күп-күөх үнүгэс сэбирдэхтэнэн, үүммүт эбит. “Оо, ол иһин да, сэрэйбитим ээ, солбуйааччым кэлбит диэн! Сотору мин да толук буолан охтуом буоллаҕа…”-Бэрбээкэй хараҕыттан уу-хаар баһан, күөх үнүгэс сэбирдэҕин сэрэнэн имэрийэ олордо.

 

 

-ХОТУУНА-