Бүлүүтээҕи ГЭС тутуллар буолан Туой Хайа олохтоохторун көһөрөн, Туой Хайаны уонна Чуона өрүһү тимирдибиттэрэ. Дойдубут сайдыытын туһугар төрөөбүт төрүт дойдулара, олорбут дьиэлэрэ–уоттара, кэрэ айылҕалаах, аҥаардас 138 араас сибэкки үүнэр, ол иһигэр пион сибэкки кытта үүнэр дьиктилээх дойдута, өлгөм бултаах-алтаах сир букатыннаахтыы тимирбитэ. Онтон биһигини, Чурапчылары, балык булдугар диэн сэрии сылларыгар Хоту көһөрбүттэрэ, төһөлөөх элбэх киһибит онно хоргуйууттан, аччыктааһынтан, тымныйыыттан суорума суолламмыттарай?! Бу икки сахабыт норуотун олоҕор буолбут  алдьархай туһунан суруйааччы Гавриил Адамов “Атаҕастабыллаах кырдьык” диэн бөдөҥ  уус–уран историческай романа аахпыт дьон сэҥээриилэрин ылла.

Садын сирин Туой Хайа дэриэбинэтин ыччата Мэҥкээрэп Сэмэн Чурапчыга учууталлары бэлэмниир училищеҕа үөрэнэ кэлэр. Ааптар дойду дьонун уратытын Сэмэн хараҕынан маннык ойуулуур. “Дойду сирин дьоно –сэргэтэ быһыта биэрэн, доҕоонноохтук саҥаран – иҥэрэн, сып курдук быһаарсалларын түргэнэ кини дэриэбинэтин дьонун унаархай саҥатыттан, холкутук быһаарсар майгыларыттан аа – дьуо үлэлиир – хамсыыр тэтимнэриттэн  лаппа уратылаах этэ.” 

Сэмэн үөрэнэ сылдьан Асяны сөбүлээн, эдэр дьон тапталларын холбоон ыал буолан, үөрэхтэрин бүтэрэн, Сэмэн дойдутугар Туой Хайаҕа тиийэллэр. Ааптар суруйар “Дойду оҕото Ася дойдутун бары дьонун баҕатыгар холбоһон, кыһын халыҥ хаарга, сайын нүөл ардахха наадыйар, сииктээх дьылы эрэ ыралыыр айылгылаах этэ…Кини Туой Хайаҕа тиийэр бастакы айаныгар билбитэ – сир сиртэн, дойду – дойдуттан олус диэн уратылаһарын – сииктээх маар дойду кини кураайы чоҥочох алаастардаах дойдутуттан атынын. Ото–маһа көҕөрөн–наҕаран – хойуутун, үктээтэххэ  сиигэ бычыгыраан тахсарын, үктэлэ киһи атаҕыттан куота сылдьарын, аллара диэки тимирэ сатыыр хотоҥнос буолар эбитин,үрэх, үрүйэ дойду  киэҥ тардыылааҕыҥ, күөл иэнэ киһи хараҕын далыгар баппат улаханын, аар тайҕа бэс чагдатын ыраас киэлитин, ол устун хаамарга туох эрэ дьикти эриэккэс турукка киирэн кэлэрин. Айанын былаһын тухары төһөлөөх араас көтөрү, кыылы, үөнү – көйүүрү көрдө, ураты саҥаларын иһиттэ ини, истибэтэ ини!” Ити курдук суруйааччы Туой Хайа дьикти айылҕатын Ася  санаатын, кини туругун кытта сибээстиир.

Туой Хайа олохтоохторун көһөрүү, сирин уотун ууга тимирдии туһунан Мииринэй куорат уурааҕа тахсан, дьон- сэргэ  төрүт сирдэриттэн көһүүлэрин истэн айманыылара аахпыт эрэ киһини харааһыннарар. Мииринэйгэ мунньахха сылдьан баран сэбиэт бэрэссээдэтэлэ Миитэрэй Мэхээлэйэбис Бастаахап “Дууһам сөбүлээбэт, сүрэҕим – быарым ылыммат- ол эрээри наада диэхтээхпин, сайдыыны мэһэйдэһиэ суохтаахпын, дьоммун аҕытаассыйалаан айдаана суох көһөрү тэрийэр мин эбээһинэһим, хомунньуус буоламмын… Тоҕо да хомуньуус буолбуппунуй?!” диэн салайааччы буолан ити ыарахан соругу толорор санаатын айманыыта, тугу да гынар кыаҕа суоҕуттан кыһыйыыта–абарыыта, үөһэттэн кэлбит  ыйааҕы толорор салайааччы  ыар эбээһинэһэ буоларын ааҕа олорон кинини эмиэ аһына саныыгын.

Анисия  Алексеевна дневнигэр: “Туох айылаах буулаан эккирэтэ сылдьан, эрэй эҥэрдиир, сор суоллуур, миигин, ээ?!” диэн айманан суруйар.Оскуола кырдьаҕас учуутала,  уордьаннаах фронтовик Михаил Егорович Березкин ” Эһиги эдэр дьон , дойду ахтылҕана, тардыыта диэни өссө билэ иликкит… Эдэрдэр сайдыыны батыһаргыт сөп буоллаҕа… Кэлин өйдүөххүт, сиргит –уоккут суох буолбутуттан соһуйуоххут, туоххаһыйыаххыт, тулаайахсыйбыт сүрэххит  толугуруу мөхсүөҕэ, мөҕүттүөҕэ, уйадыйа ытаан, мөлтүүрэ күүһүрүөҕэ. Оччоҕо мин тылларбын санаан кэлиэххит…”   Төрүт сирдэрин, аар айылҕаларын  баҕа өттүлэринэн хаалларан, аккаастанар кэриэтэ ууга тимирдэргэ сөбүлэһэн, атын сиргэ көһөр дьон , кырдьаҕастар  санаа түһүүлээх айманыылара ааҕааччыны   толкуйдатар, ама мантан атын туох да атын суол суох этэ дуо диэн ыйытыыны үөскэтэр.

Дойдуларыгар бүтэһик ыһыахтара, дьоннорун – сэргэлэрин кытта ыһыахтыы кэлбит эдэр да кырдьаҕас дьон туругун, дууһа айманыытын , көһүү  санньыар тыыннаах ыһыах оонньуутун ааптар киһини долгутар  ойуулаабыт. “Бүгүн манна ыһыах, бүтэһик ыһыах. “Муора түгэҕин” ыһыаҕар икки күн дойдуттан бырастыылаһыы тойуга онолуйуо, кэпсэнэр кэпсээн, сээркээн сэһэн харах уутунан суунара чахчы, тиһэх оһуохай үҥкүүтүн ким төһө кыайарынан сэгэччи тэбэ сатыа” Бу ыһыахха оскуола үөрэнээччитэ Саша Иванов  барыларын кыайталаан чемпион буолар.

Дьон төрөөбүт сирдэриттэн арахсан ким  киин сирдэргэ, Сунтаарга, ким Мииринэйгэ, ким Сүлдьүкээргэ көспүттэрэ, ким Арыылаахха саҥа тэриллибит “Новай” сопхуоска үлэҕэ киирэллэр.  Анисия уонна Сэмэн Мэҥкээрэптэр Хатаска кэлэллэр. Ромаҥҥа нуучча геолога Григорий Хаимович Файнштейн уобараһа биир кэрэхсэбиллээх дьоруойдартан биирдэстэрэ. Кини, борустуой үлэ киһитэ, дьиҥ бэйэтин билиитинэн, дьүккүөрүнэн улуу дьыалаҕа кыттыһан, ситиспит ситиһиитэ кини курдук үлэ дьонун олоҕун огдолуппутун, ону ыраахтан истэн харааста саныыр. Кини кэлин Ленинскэй бириэмийэ лауреата буолбут. Анисия уонна Сэмэн Мэҥкээрэптэр Хатаска олорон дойдуларын Туой Хайа дьонун кытта сибээстэрин быспаттар, куруук кинилэргэ кэлэн көрсүһэн бараллар. Биир оннук истиҥник суруллубут түһүмэҕинэн, үөрэнээччилэрин  олимпиец Александар Ивановы кытта көрсүһүү суруллубут.

Ааҕааччы Анисия Алексеевна ыарахан оҕо сааһын, хоту көһөрүллүүгэ сылдьыбыт ыар кэмнэрин, ийэтин  Өрүүнэни, быраатын Миичиги, балтын Кээтиини ыраах Натаара сиригэр, Эдьигээҥҥэ сүтэрбитин, аҕата Өлөксөй Догдооноп сэрии толоонугар охтубутун  айымньы былаһын тухары кини күннүгүттэн билэр. Ааптар Анисия Алексеевна олоҕун кэпсээнин, ийэ дууһатын аймааныытын, кини иһигэр тута сылдьар санаатын– оноотун,кэргэнигэр Сэмэҥҥэ тапталын, оҕолорунан дьоллонон, үлэни өрө тутан кэлбит дьоһуннаах олоҕун  күннүгүнэн киллэрбитэ өссө суолталанан көстөр, роман ис хоһоонун өссө күүркэтэн биэрэр.

Анисия өлбүтүн кэннэ түннүгүн кэргэнэ Сэмэн кини холбукатыттан булан ылар, кини күннүгүн оҕолоро билсэллэр.

СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Гавриил Адамов–Сайдам саҥа “Атаҕастабыллаах кырдьык” историческай романыгар икки Саха сирин ыраах ыраах сытар улуустарыгар буолбут алдьархай : 1942  сыллаахха Чурапчы оройуонун күүс өттүнэн Хоту көһөрүү уонна  1967 сыллаахха Туой Хайаны тимирдии саха норуотугар хайдахтаах иэдээни аҕалбытын, төрүт дьон олоҕун аймаабытын, төрөөбүт сирдэриттэн арахсыбыт дьон олохторун , айылҕаны харыстааһын курдук проблема кырдьыгынан, историческай чахчыларга олоҕуран итэҕэтиилээхтик суруллубут.

Санатан эттэххэ, “Атаҕастабыллаах кырдьык” уус-уран историческай роман кинигэ сүрэхтэниитэ бүгүн, муус устар 15 күнүгэр, 14 чаастан Егор Борисов аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ 2-с этээһигэр буолара былааннанар. Ааҕааччыларын кытары СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах педагога, биир дойдулаахпыт Гавриил Иннокентьевич Адамов-Сайдам бэйэтэ кэлэн көрсүһэрэ күүтүллэр.

 

Наталья Захарова, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй