Александр Коркин:»Дойду Бэрэсидьиэнэ уһун үйэлэниигэ болҕомтотун уурар»

Бүгүн Владимир Путин Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Мунньаҕын иннигэр сыллааҕы иһитиннэриитин дьон-сэргэ болҕойон, сэргээн иһиттэ. Дойдуну сайыннарыыга туһуламмыт бары хайысхаҕа үгүс сыалы-соругу, саҥа национальнай бырайыактар саҕаланалларын иһитиннэрдэ.

Александр Коркин, улуустааҕы киин балыыһа методист бырааһа, СӨ үтүөлээх бырааһа: «Дойду Бэрэсидьиэнэ бүгүҥҥү Анал Туһаайыытыгар «Продолжительная и активная жизнь» диэн саҥа национальнай бырайыак олохтонорун , олох олоруу орто кээмэйин уһатарга үлэ барыахтааҕын эппитин олус сэргээтим. Маны сэргэ, диспансеризацияны ааспыт уонна ГТО нуорматын туттарбыт дьоҥҥо эһиилгиттэн нолуоктан көҕүрэтии көрүллэрин эттэ. Бу бырайыактар дьон-сэргэ чөл олохтоох буолалларыгар, уһун үйэлэнэллэригэр улахан суолталаахтар».

Людмила Горохова