Аҕа дойдуну көмсүкүүр Улуу сэриигэ хорсун быһыыны көрдөрөн Кытаанах нэһилиэгиттэн алта киһи бойобуой уордьан кавалерынан буолбутуттан биирдэстэрэ – Николай Скрябин II этэ.

Николай Васильевич фроҥҥа 1942 сыл бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта уонна онтон икки сылтан ордон баран сэрии II-с группалаах инбэлиитэ буолан эргиллибитэ.

  • Мин фроҥҥа оннук биллэр туох да уһулуччулаах хорсун быһыыны көрдөрбөтөҕүм эрээри, сүҥкэн абанан-сатанан туолан немецкэй талабырдьыттары утары күүһүм тиийэринэн охсуспутум. Өстөөх сиэмэх буулдьатыгар икки төгүл эппин-сииммин кэйгэлэппитим. Кырыктаах кыргыһыылартан, үгүс өлүүттэн-сүтүүттэн тыыннаах ордор дьолломмутум, — диэбиттээх урукку буойун. Кини хастыы да суукка тохтоло суох сатыылаан, кыһынын үгүстүк таһырдьа, хаарга хонон, төбөнү быктарбат буулдьа уот ардаҕын анныгар, снаряд дэбилгэнин ортотугар сииктээх, тымныы окуопаҕа сытан саллаат кытаанах олоҕун этинэн-хаанынан билбитэ, күүскэ күүс эпсэн эйэлээх, дьоллоох олохпутун түөһүнэн көмүскэспитэ, өстөөх ииримтийбит кимиитин самнары охсуспута, өрөгөйдөөх атаакаҕа эрдээхтик дьулуспута.

Николай Васильевич  кыргыһыыга хорсуннук кыттыыта Албан аат III-с истиэпэннээх уордьанынан уонна хас да мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.

Сэрии бэтэрээнэ төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар сири холбоһон оҥорор табаарыстыба, колхуос бастаан тэриллиэхтэриттэн чилиэнинэн киирэн айымньылаах үлэ үөһүгэр сырытта. Аармыйаҕа барыан иннинэ хотуурдаах хоһуунунан, баабый мас кэрдээччинэн биллибитэ, уһун кэмҥэ кыһынын колхуоһун чулуу дьоннорун кытта Охотскай Перевозтан бириискэлэргэ таһаҕас таһыытыгар, сайынын хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Фронтан эргиллээт, үлэҕэ-хамнаска ахтыбыттыы киирсибитэ. Сэриигэ ылбыт бааһа оһуор диэри икки сыл устата Чурапчы-Килэҥки икки ардыгар атынан почтаны таспыта, онтон эмиэ урукку идэтин салҕаан хонууга биригэдьиирдээбитэ, болуотунньуктаан элбэх уопсастыбаннай дьиэлэри, хотоннору тутуспута, ууска балтаһыттаабыта… Кини, пенсияҕа тахсыбыта эрээри, хойукка диэри производстваттан тэйбэтэҕэ, кэлин ыарытыйар эрэ буолан тохтообута. Ол да буоллар олоҕун тиһэх күннэригэр диэри төһө кыаҕа тиийэринэн күүс-көмө буола сылдьыбыта. Этэр курдук, саллаат өрүү саллаат.

С. Данилов

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй