Балаҕан ыйын 22 күнүттэн «Алаҕар Кэскилэ» оскуола актыыбын Бэрэссэдээтэлигэр быыбар буолара биллэриллибитэ.
Хандьыдааттар талыллыбыттара: Зоя Дмитриева (7 кыл.), Дайаана Оконешникова (8 кыл.) уонна Сандал Мохначевский (10 кыл.).
Хандьыдааттарбыт хамаанда хомунан аҕытаассыйа саҕаламмыта. Оскуола иһинэн 7-11-с кылаас үөрэнээччилэригэр уонна учууталларыгар быыбардыыр хамыыһыйа үлэтин саҕалаабыта. Кыайыылаах балаҕан ыйын 29 күнүгэр оҕо хамсааһыныгар сүрэхтэнии үөрүүлээх киэһэтигэр биллиэ диэн интэриэһиргэппиппит.
Буолан ааспыт тэрээһиммитигэр «Алаҕар Кэскилэ» оскуола актыыбыгар 8 оҕо сүрэхтэннэ: Зоя Дмитриева, Мичийээнэ Керемясова, Алгыстаана Лыткина, Дайаана Оконешникова, Арчылаан Барашков, Александра Чаҕылысова, Олеся Протодьяконова, Дайаана Говорова. Бу актыыпка саҥа киирбит оҕолор үөрэххэ да, күрэхтэргэ да — барытыгар инники күөҥҥэ сылдьалларыгар иитии өттүгэр дириэктэри солбуйааччы Вера Николаевна баҕа санаатын эттэ.
Саамай долгутуулаах түгэн — оскуола актыыбын бэрэссэдээтэлэ ким буолла?
Куоластааһын түмүгүнэн «Алаҕар Кэскилэ» актыып бэрэсэдээтэлинэн Сандал Мохначевскай кыайан таҕыста.
Саҥа бэрэссэдээтэл, саҥа актыып оҕо хамсааһынын андаҕарын этэн сүрэхтэннилэр.
Бу киэһэ актыып оҕолоро 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр станциянан оонньуулары ыыттылар. Үөрэнээччилэр 3 хамаандаҕа арахсан 7 станциянан сүүрэ сылдьан оонньоотулар-көрүлээтилэр.
Түмүккэ уоттаах-күөстээх үҥкүү кэннэ оҕолор дууһалыын сынньанан, үөрүүлэрэ үксээн тарҕастылар.
Өссө төгүл саҥа оскуола актыыбын бэрэссэдээтэлигэр, саҥа хамаандаҕа ситиһиилээх үлэни баҕарыахха.
Алик Копырин, 11-с кылаас, «Алаҕар Кэскилэ» медиакиин