Былырыын баччаларга, Саха сиринээҕи В.А. Босиков аатынан үрдүкү муусука оскуолата тэриллибитэ 30 сылыгар сөп түбэһиннэрэн, “Айылгы” НАДь-гэр “ВИВАТ, АЛЬМА МАТЕР!” диэн классика муусукатын кэнсиэрэ, төһө даҕаны уоппутун араарбыттарын үрдүнэн үрдүк таһымҥа буолан ааспыта. Бу кэнсиэргэ чурапчылар бэйэбит ыччаппыт, баара-суоҕа 14 сааһыгар Арассыыйа композитордарын Сойууһун чилиэнинэн буолбут, айылҕаттан айдарыылаах, улахан талааннаах пианист, композитор Никифор Яковлев кэлэн кыттыыны ылбытын туһунан сырдатан турардаахпыт.
Никифор билигин Петр Чайковскай аатынан Москубатааҕы Судаарыстыбаннай муусука консерваториятын научнай композиторскай факультетын төрдүс кууруһун устудьуона буолар. Бу үөрэх тэрилтэтигэр сахалар үөрэммиттэрэ, үөрэнэллэр. Ол эрэн өйдөөн кэбиһиҥ, бу композиторскай салааҕа, Саха сириттэн бастакынан Бүлүүттэн биллэр композитор Марк Жирков эрэ үөрэммитэ биллэр. Ол кэнниттэн Чурапчы улууһуттан Никифор Яковлев буолар.
“Ийэм, Оксана Егоровна Яковлева, кыра саастаахпар фиортепиано кылааһыгар үөрэттэрэ илдьибитэ. Кини бэйэтэ Чурапчытааҕы киин балыыһа инфекционнай отделениетыгар санитарканан үлэлиир. Мин бастакы учууталым Светлана Павловна Макарова буолар. Мин кинини иккис ийэм кэриэтэ олус күндүтүк саныыр киһим. Муусукаҕа тапталы бүтүннүү – кини миэхэ иҥэрбитэ. Бастакы ноталары барытын киниттэн ылыммытым. Манна Чурапчыга оскуолаҕа 5-6 кылааска үөрэнэр кэммэр кыракый миниатюралары айарга холоммутум. Светлана Павловна үөрэҕиттэн саҕалаан, “муусукаҕа олохпун аныыр эбиппин” диэн кытаанахтык быһаарыммытым уонна салҕыы үөрэнэ барбытым. Оҕо сааспар барыта холбоон 11 сыл үөрэммитим”, — диэн Никифор кэпсиир.
Олунньу 8 күнүгэр, композитор Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин улахан саалатыгар, Саха сиригэр композитордар Сойуустара тэриллибитэ 45 сылыгар аналлаах “Ирбэт тоҥҥо муусука” бэстибээл иитинэн “Биһиги кэммит композитордара” диэн кэнсиэрт буолан ааста. Күн-бүгүн Саха сирин композитордарын Сойууһун, СӨ култууратын туйгуна Николай Михеев салайар, эппиэттиир сэкирэтээринэн ускуустуба билимин хандьыдаата, дассыан Чаянда Скрыбыкина буолар. Айар састаап бөлөҕөр СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэллэрэ Владимир Ксенофонтов, Полина Иванова, Егор Неустроев, Кирилл Герасимов уонна Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин преподавателэ Сардаана Заровняева киирэн оонньоотулар. Кинилэри сэргэ музыковедтар Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа, устуоруйа билимин хандьыдаата Аиза Решетникова, СССР култууратын туйгуна Зоя Кириллина, ускуустуба билимин хандьыдаата Татьяна Павлова-Борисова кыттыыны ыллылар.
Үйэ аҥара кэми уҥуордаан, Саха композитордара — аатырар муусука долгунун быраактыкаҕа иҥэринэн, бэйэбит фольклорбут, айымньыбыт кыра чааһын сыһыаран, ситимнээн хааллараары күннэри-түүннэри түбүгүрэн туран үлэлэһэллэр, айаллар-туталлар. Билигин бэйэбит дьоммут муусука хопполорун арыйан көрдөхпүтүнэ – 23 опера, 39 балет, бөдөҥ вокальнай-инструментальнай айымньылар, кэнсиэрт итиэннэ камернай, симфоническай муусукалар хаһааныллан сыталлар. “Ирбэт тоҥҥо муусука” бэстибээл бырайыагын ааптарынан Үрдүкү муусука оскуолатын выпускнига, Москуба куорат симфоническай оркестрын солиската Ирина Догуева буолар. Бу иннинэ, олунньу 5 күнүгэр, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатыра, улахан кэнсиэри тэрийбиттэрэ.
“Бу кэнсиэркэ композитордар Николай Михеев, Владимир Ксенофонтов, Кирилл Герасимов уонна мин, Никифор Яковлев муусукабытын истибиттэрэ. Биһигини кытары Москубаттан ааптардар Денис Хоров, Павел Карманов кыттыыны ылбыттара. Бэйэм айымньым аата “Приношение к Баху” диэн. Кини гобой, виолончель, фортепиано курдук интэриэһинэй састаапка суруллубута. Түгэнинэн туһанан улахан махталбын оонньооччуларга гобоискаҕа Степанида Чичаховаҕа уонна виолончелискаҕа Саргылана Степановаҕа.
Бу айымньым ньиэмэс композитора Иоганн Себастьян Бах сырдык кэриэһигэр анаммыта итиэннэ кини “Музыкальное приношение” диэн айымньытын кытары ыкса сибээстээх. Сүрүн идеята диэн Бах муусукатыттан кылаабынай тиэмэтин ыламмын ол матырыйаалыгар тирэҕирэн бэйэм муусукабын киниэхэ анаан бэлэх уунуу буолар. Итиннэ араас аныгы муусука тиэхэньикэлэрин туһаммытым”, — диэн талааннаах композитор Никифор Петрович кэпсээтэ.
Дьэ бу курдук, алаас уола, Чурапчы нэһилиэгэр олохтоох Яковлевтар үлэһит дьиэ кэргэн уоллара Улуу Бах айымньытыгар, биһиги боростуой дьон билиҥҥи турукпутунан сатаан өйдөөбөт айымньыбытын айан-тутан киэҥ эйгэҕэ иһитиннэрэ сылдьар. Никифор “үөрэхпин бүтэрэн бараммын салҕыы аспирантураҕа үөрэнэн учуонай истиэпэн ылан сири-дойдуну көрүөхпүн баҕарабын” диэн ыра санаалаах. Маныаха, Чурапчыттан — Саха сириттэн тахсыбыт биир олус талааннаах композиторбытыгар өрөспүүбүлүкэбит өттүттэн күүстээх өйөбүл баара эбитэ буоллар.
“Сахам сирин саныыбын, төрөөбүт-үөскээбит Чурапчыбын ахтабын. Чурапчыга төрөппүттэрим, доҕотторум бары бааллар, олохсуйан олороллор. Учууталым Светлана Павловна баар. Муусука оскуолатыгар сылдьааччыбын, кылгастык да буоллар маастар-кылаас биэрбиттээҕим. Чурапчы оҕолоро олус үчүгэйдик оонньуулар, талааннаах оҕо элбэх, киһи ол онтон олуһун үөрэр. Улууһум дьонугар бука барыларыгар улахан эҕэрдэбин тириэрдэбин”, — диэн Никифор этиитинэн ыстатыйабын түмүктүүбүн.
Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй