Дойдуга — “Дьиэ кэргэн”, Саха сиригэр — “Оҕо саас”, Чурапчы улууһугар — “Ыал саргыта”, Чурапчы нэһилиэгэр – “Чөл олох” уонна Саха биллэр олоҥхоһута Иннокентий Гурьевич Тимофеев-Теплоухов төрөөбүтэ 155 сылларыгар анаммыт “Айхаллан, Чурапчы!” уус-уран самодеятельноһын бэстибээлэ бүгүн, Чурапчы нэһилиэгинэн түмүк кэнсиэрэ буолла.
Бу кэнсиэргэ бэлэмнэнэн тэрилтэлэр икки ардыларыгар “Чурапчы Чараҥа” бэстибээл ыытыллан, нэһилиэнньэттэн тыһыынча кэриҥэ киһи хорга, сүүһүнэн ыччат дьон фольклорга, олоҥхоҕо, үҥкүүгэ кытыннылар.
Бүгүн, Иннокентий Тимофеев-Теплоухов “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотуттан бастыҥ нүөмэрдэри, саҥа талааннары үрдүк сыанаҕа көрдүбүт. Уопсайа холбоон 15 нүөмэри көрдүбүт, кыттыыны ыллылар: Юрий Толстоухов, Петр Дьяконов, Антон Фомин, Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназията, “Туллукчаан” уһуйаан кэлэктииптэрэ, Петр Климов, Антон Сергеев, Нюрбина Александрова, Майя Попова, Альберт Николаев, Варвара Орлова, Владимир Арьянов, Мария Христофорова, Диана Портнягина, Сардаана Дьячковская, “Чолбон” ыччат үҥкүү ансаамбыла, Евгений Давыдов, Мария Баина, Семен Ноговицын, “Толбон” ВИА, Ульяна Капитонова, “Айыл” бөлөх, “Калачевтар, Сивцевтар сыдьааннара”, “Улыбка” уһуйаан иитээччилэрин бөлөҕө, “Ыллыыр ыччат” эр дьон ансаамбыла, “Чуораанчык” уһуйаан уонна Чурапчытааҕы Судаарыстыбаннай физическэй култуура уонна успуорт үнүстүүтэ.
Бэстибээл дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Олоҥхо” киинин салайааччыта Дмитрий Попов үлэлээтэ. Кэнсиэр режиссера – Семен Ноговицын, режиссерскай партитураны, афишаны, докумуону таҥнылар Петр Дьяконов, Андрей Илларионов, Александра Игнатьева, сыананы киэргэттэ Ирина Васильева, уокка-күөскэ, тыаска-ууска үлэлээтилэр Ньургун Капитонов уонна Дмитрий Степанов.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ