Ахсынньы – Билгэ Хаан Айыы ыйа

Ахсынньы ыйы – Бэс ыйа батыһар.

         Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биирдэстэрэ Билгэ Хаан чугаһыыр. Кини кэлбит бэлиэтинэн чаҕаан диэн кыл тэрил тыаһа буолар. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах.
Кини итини таһынан күнү-дьылы билгэлиир, үтүө сүбэлэри биэрэр. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах. Сээркээн сэһэн аам-даам тымныылаах ахсынньы ыйга биһиэхэ күүлэйдии кэлэр.Ахсынньы — саамай тымныы, хараҥа ый сыл, бүтэһик ыйын сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар.

Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.

Ахсынньы «ахсым тымныынан аныһыйар», тымныы өрөгөйдүүр. Халандаар сылын бүтэһик ыйа. Саамай кылгас күннээх, саамай уһун түүннээх ый. Сарсыарда аайы хойуу туман түһэр. Тымныы тыаһа сып-сырылас. Күн итиитэ төһө да мөлтөҕүн иһин, былыта суох ыраас хаарга араастаан чаҕылыйар. Хаарга кырынаас суола тыргыллар. Кини кутуйаҕынан аһылыктанар буолан, кутуйах ханна баар да, онно баар буолар. Кураан дьылларга кутуйах дьон олорор сиригэр кыстыыр. Дьылҕаһыттар этэллэринэн, көмнөхтөөх кыһыҥҥа саас хаартан элбэх уу кэлэр, үүнүүлээх дьыл буолар.

Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар, оттон хаардаах, ичигэс ый буоллаҕына, бэс ыйыгар тымныйар.Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйыгар тоҥоруулар (хаһыҥнар) түһүөхтэрэ. Ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына – уута суох саас. Ый түүн кыһыллыҥы өҥнөнөр эбэтэр иитэ эмиэ кытархай буолар – хаар түһэр.

Сэтинньи ыйбыт өтөрүнэн кэлбэтэх сылаас ый кэлэн ааста, кыс хаар ортото соҕуруулуу арҕаа улуустарга ардаан соһутта.

Аны ахсынньы ыйбытыгар үктэнэбит, хайдах халлаан биһигини кэтэһэр эбитий. Ахсынньы ыйбытыгар маннык тымныылар кэлээри тураллар. Эрдэ эппитим курдук сирбит сүнньэ хамсаан тымныыбыт кэлиҥҥи сылларга Илин эҥэр улуустарга саҕырыйан иһэр курдук. Бу саҥа оҥорбут барыллааһыммар саамай тымныы Чурапчы уонна Ытык Күөл, онтон Өймөкөөн ол кэннэ Верхоянскай онон бу ахсынньыга тэҥнээн көрөн баран түмүктэ оҥорун Ол иһин Илин эҥэр улуустары Киин улуустартан арааран туһунан киллэрэр буоллум.

 ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:

Ахсынньы ый үгүс улуустарга урукку сылларга тэҥнээтэххэ, балай да сымнаҕас буолара сабаҕаланар. Киин улуустарга балай да тымныйар, бу ыйга хаара олох суоҕун кэриэтэ буолар.

Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэххэ, сымнаһыар.  Күнүс-40С кыраадыс тымныы, түүнүн -50С тымныы. II Декада хаара суох буолууһу. Күнүс

-38С кыраадыс тымныы, түүнүн  -43С  кыраадыс тымныы.

III Декада хаара кэмчи соҕус буолууһу, көннөрү тымныйыыһы. Күнүс-40С кыраадыс тымныы, түүн  -44С кыраадыс тымныы буолууһу.

Ахсынньы ый билгэтэ:

Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар.

Ахсынньы 1 күнэ — бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.

Ахсынньы 9 күнэ — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм. Эһэ (тыатааҕы) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.

Ахсынньы 12 күнэ — буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19- гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.

Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын уһуга. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.

Ахсынньы 25 күнэ — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.

Ахсынньы 26 күнэ — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.

Ахсынньы 29 күнэ — кыраһа түстэҕинэ — ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына — Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.

Тускул.